«Киинэни Саха Сиригэр, Красноярскайга, Санкт-Петербурга, Оксфордка устубуппут. «Аартыка дьахтарын куолаһа» куонкуруһу көрөн баран онтон иэйии киирэн, аныгы олох тэтимигэр төрүт култуураларын илдьэ сылдьар сүрүн дьоруойдарбытын талан ылан, киинэ уһуллубут. Биир киинэҕэ баар үс новеллаҕа үс аныгы дьахтар дьылҕата көстөр.
Документальнай киинэ — тележурналистика биир көрүҥэ, дьон туһунан уочарка, репортаж. Мин Санкт-Петербургтааҕы университет араадьыйаҕа уонна телевидениеҕа салаатын бүтэрбитим. Бэһис куурустан киинэ эйгэтигэр үлэлиибин. 50 тахса бырайыактаахпын, 2018 с. тус бэйэм киинэбин устабын», — диэн бэйэтин билиһиннэрдэ Мила Кудряшова.
Санкт-Петербург куораттан сылдьар, документалистика хайысхатыгар үлэлиир режиссер Мила Кудряшова Сахабыт Сирин туһунан хаһыс даҕаны киинэтин устан киэҥ эйгэҕэ таһаарда. Кини «Увидеть море» диэн бэйэтэ киинэ устар студиялаах, үлэлэрин Канны, Париж, Венеция, Москуба куоракка ыытыллыбыт бэстибээллэргэ көрдөрбүттэрэ.
Мила Кудряшованы Ил Түмэн Аартыка, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Христофорова эҕэрдэлээн туран, Бочуоттаах грамотаны туттарда. Кини режиссер хотугу норуоттар тылларын-өстөрүн, төрүт култуураларын үйэтитэргэ, киэҥ эйгэҕэ таһаарарга дьоһун кылааты киллэрбитин бэлиэтээтэ.
«Ситим» медиа-бөлөх, Ил Түмэн издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ Мария Христофорова документальнай тележурналистика инникигэ кэскиллээҕин туһунан эттэ.
«Мила Кудряшова үлэлэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы, аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлигэр кыайыылаах миэстэни ылбыттара кини бу эйгэҕэ талба талааннааҕын туоһулуур. Ол биир кэрэһитинэн киинэ устарга култуура, бэрэсидьиэн гыраанын ылбыта. Бары билэрбит курдук, бэрэсидьиэн пуондатын гыраанын ылар бэрт уустук, ылбычча киһиэхэ кыаллыбат.
Күн бүгүн көрөөччүнү аралдьытар хартыына каасса прокатыгар халыҥ харчыны ылар, оттон киһини толкуйдатар, туохха эрэ үөрэтэр, иннибитин сырдатан биэрэр киинэ олус аҕыйах», — диэтэ Мария Николаевна.
Кини инникитин Аартыка дьахталларын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлин Елена Голомарева туһунан киинэ устуохха сөбүн туһунан санаатын үллэһиннэ. Елена Христофоровна Өлөөн улууһугар нуучча тылын учууталыттан саҕалаан, уопсастыбаннай диэйэтэлгэ тиийэ үүнэн-сайдан таҕыста.
«Саха медиа» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Чокуур Гаврильев документальнай тележурналистика архыыпка үйэлэргэ хааларын туһунан этэн туран, Мила Кудряшоваҕа махтал суругу туттарда. Кини үтүө өҥөтүнэн Сахабыт Сирин дьоһун-мааны дьонун федеральнай ситимҥэ көрдөрүөхтэрэ.
Режиссер «Аартыка дьахтарын куолаһа» диэн документальнай киинэтигэр эбэҥки норуотун тыла-өһө, төрүт үгэстэрэ, култуурата аныгы олох дьалхааныгар сүтэн-симэлийэн, суураллан хаалбатын чуолаан кыыс оҕо, ийэ, эбэ быстыспат ситимэ хааччыйарын көрдөрдө.
Эбэҥкилэр этэллэринэн, удьуор утумун төрүүр оҕону төлкөлүүр кыыс оҕо салҕыыр, эдэр ийэ илгэлээх үүтүн кытта төрөөбүт тылын сүөгэйин-сүмэтин кырачаан оҕотугар биэрэр. Ийэ оҕолорун төрөөбүт тылларынан кэпсэтэ, санааларын сайа этэ, дьэрэкээн оҕуруону тиһэн, киэргэл, харысхал оҥоро үөрэтэр. Онон киниттэн оҕо төрүт тылын билэрэ, сатаан кэпсэтэрэ, норуотун үгэстэрин тутуһара, ытыктыыра улахан тутулуктаах.
Сүрүн дьоруойдартан биирдэстэрэ Констанция куоракка олорор үс уол оҕолоох ыал ийэтэ, оскуолаҕа эбэҥки тылын үөрэтэр учуутал кыыстаныан баҕарар. Ол баҕа санаатын толороору дойдутугар өҥ-быйаҥ буордаах Өлүөхүмэ улууһун Тээнэ нэһилиэгэр биэс өрүһү туораан тиийэр. Ийэтэ ыраастаныы, алгыс, күнү көрсүү сиэрин-туомун ыытар, кыыһын кытта өрүс кытылыгар боҕуруоскай оту хомуйаллар.
Констанция өбүгэлэрин кытта ситимин бөҕөргөтөн, ийэтин алгыһын ылан, төрөөбүт-үөскээбит өрүһүн ыраас дьэҥкир уутун иһэн, куоракка төннөр. Киинэни устар бөлөх этэринэн, тоҕус ыйынан күүтүүлээх кыыс оҕоломмут.
Онон баҕа санааҕын эккирэтэ сатаан, сэттэ араас сиринэн сүүрүөҥ оннугар өбүгэлэриҥ, төрдүҥ-ууһуҥ диэки хайыһан, кинилэртэн көрдөһүөхтээххин. Эйигин истэр, кыһалҕалаах кэмҥэр көмөлөһөр саамай чугас дьонуҥ кинилэр.
Киинэни туруорааччы режиссер ол туһунан ырылхайдык этэр. Халыҥ тыа, көҕөрүмтүйэн көстөр мырааннар быыстарынан сүүрүгүрэр Токо, Чаара, Өлүөхүмэ, Өлүөнэ эбэ кэрэ айылҕатын киинэ көрдөрөр.
Иккис новелла аан дойду бастыҥ виртуоз хомусчута үрдүк ааты ылар туһугар күүрээннээхтик күрэхтэһэр, көтөр, кыыл куолаһын үүт-үкчү үтүктэр кэрэ аҥаардарга анаммыт.
Үһүс новелла Туура диэн Красноярскай кыраайтан төрүттээх, Санкт-Петербург куоракка олорор эбэҥки кыыһын туһунан. Кини бэйэтин төрөөбүт тылынан дьону ыллыырга уонна үҥкүүлүүргэ үөрэтэр, куолас күүһүнэн дьону эмтиэххэ, өрө көтүтүөххэ сөбүн итэҕэйэр. Кинини батыһааччылар тыатааҕы, бөрө тириитин кэтэн баран турукка киирэн дохсуннук хамсаналлар.
Онон «Аартыка дьахтарын куолаһа» диэн документальнай киинэни көрөн баран киһи ис кыаҕын, ийэтин, өбүгэлэрин алгыһын күүһүнэн баҕа санаатын ситиһиэн сөп эбит диэн бигэ санааҕа кэлэҕин.
Мила Кудряшова документальнай киинэлэрин ретроспективнай көрдөрүүтүн СӨ суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Галина Бочкарева салайан ыытта.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0