Дьокуускай куоракка колонналар уонна кыттааччылар мустуулара 10-11 ч. Хабаров уонна Чиряев уулуссалар харсыһыыларыгар буолуо. Бу туһунан Саха Сирин Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев иһитиннэрэр.Кини бэлиэтииринэн, «Өлбөт полк» хаамыыта онлайн эмиэ ыытыллар, https://www.polkrf.ru/ саайтка киирэн кыттыһаҕыт.
«Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 63 тыһыынча Саха Сирин олохтооҕо кыттыбыта. Ыам ыйын 9 күнүгэр биһиги кинилэри хас биирдиилэрин саныыбыт, оҥорбут өҥөлөрүгэр сүгүрүйэбит. Хаамыы хас биирдии улууска уонна СӨ киинигэр Дьокуускай куоракка, өрүү буоларыныы, элбэх киһи кыттыылаах ааһыа диэн эрэнэбит. СӨ эстрадатын судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыстара дьүһүйүү көрдөрүөхтэрэ. Колонна ортото Хабаров уонна Ярославскай уулуссаларга туруо, түмүгэ – Ярославскай уулуссаҕа», — диир кини.
Маршрут Хабаров уулуссатын Чиряев харсыһыытыттан – Триумфальнай аарка – Кыайыы болуоссата – Богатырев уулуссата (Губин уулуссатыгар диэри) барыа.
«Хаамыы параат кэнниттэн саҕаланыа. Былаан быһыытынан, сүрүн колонна 12 чааска Триумфальнай ааркаҕа тиийиэ. «Өлбөт полк» үгэс быһыытынан уопсастыбаннас уонна куорат олохтоохторун күүһүнэн, куорат уонна өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын дьаһалталарын өйөбүлүнэн ыытыллар. Хаамыы үтүө үгэстэрин тутуһабыт. Сахабыт Сирин олохтоохторун үксүлэригэр дьоруойдар мэтириэттэрэ бэлэмнэр», — диэн эбэн эттэ Бугаев.
Манна даҕатан эттэххэ, хаамыыга Саха Сирин бары олохтооҕо кыттар кыахтаах. Маныаха Улуу Кыайыы кыттыылааҕын, тыыл бэтэрээнин, локальнай сэриилэр кыттыылаахтарын, концлагерь билиэннэйдэрин, сэрии оҕолорун мэтириэттэрин тутан хаамаллар. Быйылгы хаамыыга Донбасска анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сырдык тыыннарын толук уурбут дьоруойдар мэтириэттэрин тутуохтара.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0