Чэпчэтиилээх сурутуу кэмигэр 2023 сыл бастакы аҥаарыгар «Ил Түмэн» хаыһакка сурутуу сыаната:
1 зона - ПА508-М – 852,06 солк.
1 зона - ПА508-Н - 783,36 солк. (бэтэрээннэргэ уонна I-II группалаах инбэлииттэргэ чэпчэтии)
2 зона - ПА508-П - 1058,16 солк.
2 зона - ПА508-Р – 948, 30 солк. (бэтэрээннэргэ уонна I-II группалаах инбэлииттэргэ чэпчэтии)
«Ил Түмэн» хаһыат билигин төрдүттэн саҥардыллан, тупсан, ис хоһооно кэҥээн, уларыйан тахсар. Хаһыакка норуот талбыт дьокутааттарын үлэлэрин-хамнастарын сэргэ, быраап-сокуон өттүнэн туһалаах сүбэлэри, киэҥ анаарыыны, интэриэһинэй кэпсээннэри булан ааҕыаххыт, былаас уорганнарыгар быһаччы тахсан туруорсар, санааҕытын тиэрдэр кыахтаныаххыт. Чэпчэтиилээх сурутуу дэкээдэтигэр саха тылын, литературатын сайыннарыыга ордук болҕомто күүһүрбүтүнэн, ону сэргэ 2023 сылтан Ил Түмэҥҥэ сокуон барыллара икки судаарыстыбаннай тылларынан, сахалыы уонна нууччалыы, тэҥҥэ оҥоһуллан киирэр буоларынан, парламент, норуот хаһыатын сурутуҥ, сэргээҥ, ааҕыҥ. Историческай суолталаах уонна төрөөбүт төрүт тылбытын сайыннарарбытыгар биир улахан хардыы оҥоһулларыгар биһигини кытта тэҥҥэ буолуҥ.Туох эмэ ситэ өйдөммөт буоллаҕына, бу нүөмэргэ эрийэн билсиҥ: 8 (964) 417-04-67
Дьиэттэн тахсыбакка олорон, парламент хаһыатын судургутук сурутарга, интернет-сайтка https://www.sakhaparliament.ru/ru/podpiska компьютерынан, мобильнай төлөпүөнүнэн киирэн, онлайн сурутаҕыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0