Билигин дьиэттэн тахсыбакка олорон, «Ил Түмэн» парламент хаһыатын судургутук сурутуохха сөп. Декада кэмигэр хаһыат сыаната 40-ча % чэпчиир. Интернет-сайтка https://podpiska.pochta.ru/press/ПА508 компьютерынан, мобильнай төлөпүөнүнэн киирэн, онлайн сурутаҕыт. Бу ньыманан сурутарга Интернеттээх, мобильнай бааннаах буолуохтааххыт.
Хаһыат индексэ: ПА508 (сахалыы), П6253 (нууччалыы).
«Ил Түмэн» парламент хаһыата – сокуоннары билиһиннэрэр бэчээт эрэллээх таһаарыыта. Хаһыат Саха сирин парламенын ааспыт, бүгүҥҥү историятын сурукка тиһэр, үйэтитэр аналлаах.Быыбардааччы уонна дьокутааттар икки ардыларыгар далаһа уурар, тыын суолталаах боппуруостарга санааны этинэр, этиилэри киллэрэр трибуна.
Чэпчэтиилээх сурутуу бүтэһик күнүн мүччү тутумаҥ!
Ааҕааччы, хаһыаты сурутуоҥ – олох боппуруостарын чэпчэкитик быһаарсыаҥ!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0