Нацбырайыактарынан толоруу 96% тэҥнэстэ, о.э. барыта 47,38 млрд солкуобай туттулунна.
Ол курдук, 2022 сыллаахха национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ 71,6 млрд ордук солкуобай ыытыллыбыт, онтон 19,9 млрд солкуобай - федеральнай сириэстибэ, 40,17 млрд солкуобай – ОдьКХ фондата. Ѳрѳспүүбүлүкэ бүддьүѳтүттэн 10,72 млрд солкуобай, муниципальнай бүддьүѳттэртэн – 782,10 мѳл. солкуобай туттуллубут.
Санатар буоллахха, Саха Сиригэр хаарбах дьиэттэн кѳһѳрүү бырагырааматынан 2022 сыллаахха 7,56 тыһ. киһи 145,67 тыһ. кв. миэтэрэ болуоссаттан кѳһѳрүллүбүт.
2023 сылга 70 элбэх кыбартыыралаах саҥа дьиэ киллэриллэрэ былааннанар. Ордук элбэх дьиэ быйыл Бүлүү, Үѳһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас уонна Алдан оройуоннарыгар тутуллуоҕа.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

















