Бу саайтан киһи сөпкө тыынарга, өйгө хатыыр дьоҕурун сайыннарарга тиийэ араас туһалаах сүбэлэри ылыахха сөп. Ковид ыарыы төһө да чэпчэкитик ааспытын үрдүнэн, кэлин баттах түһүүтэ, умнуган буолуу, сорохторго тыынар уорганнарыгар, сүрэх-тымыр үлэтигэр кэһиллиилэр тахсаллара, хаан хойдуута бэлиэтэнэр. Чөлгө түһэрии саайты мэдиссиинэ наукатын дуоктара, Үлэ Дьоруойа Денис Проценко быраастар уопуттарыгар олоҕуран оҥордо.
Саҥа сервис ыалдьыбыт дьоҥҥо эрэ буолбакка, тумуу, бронхит кэнниттэн тыҥаны, доруобуйаны чөлгө түһэриэн баҕалаахтарга туһалыаҕа. Манна ыйытыыларга хоруйдаан, тус анаммыт мэдиссиинэ бырагырааматын ылыахха сөп. Ону сэргэ видеонан куурустар, эрчиллиилэр, быраастар сүбэлэрэ хачайданар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0