Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Ѳрѳспүүбүлүкэҕэ «Женский голос Арктики» киинэ марафона саҕаланна. Ол туhунан бырайыагы сүрүннээччи Ольга Громова «Саха» НКИХ «Саҥа күн» биэриитигэр кэпсээтэ.

Ѳрѳспүүбүлүкэҕэ «Женский голос Арктики» киинэ марафона саҕаланна. Ол туhунан бырайыагы сүрүннээччи Ольга Громова «Саха» НКИХ «Саҥа күн» биэриитигэр кэпсээтэ.

Документальнай киинэҕэ аныгы кэм олоххо ситиhиилээх дьахталларын тустарынан кэпсэнэр. Кылаабынай дьоруойдарынан Веретнова Галина, Констанция Петрова, Нарияна Ренанто, Туяра Жиркова, Степанова Варвара-Арчыына буоллулар. Кинилэр хатыламмат уобарастара уонна  үтүѳ холобур буолар олохторун устуоруйалара үс киинэ новеллатыгар киирбиттэр. Онтон толору метражтаах киинэ оҥоhуллан тахсыбыт.

Айар бѳлѳх Саха Сирин 17 бибилэтиэкэтигэр уонна орто анал үѳрэх кыhаларыгар бу киинэни кѳрдѳрѳр соруктаах ыраах айаҥҥа туруммут. Бу күннэргэ Горнай, Бүлүү, Үѳhээ Бүлүү, Ньурба уонна Сунтаар улуустарыгар кѳрсүhүүлэр ыытыллаллар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31