Кинилэртэн 62-тэ эр дьон, дьахтар аймах – 8. Саамай эдэр дьокутаатынан 33 саастаах “Справедливай Арассыыйа” баартыйа чилиэнэ Федот Филиппов буолла. Саамай аҕа саастаах дьокутаат – хомуньуус Иннокентий Романов, кини сааһа – 88.
Быйылгы ыҥырыы өссө биир уратыта - икки анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа дьокутаат буолуулара: Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов уонна “Эр санаалаах буолуу” уордьан кавалера Василий Егоров.
Биир ньыгыл Арассыыйа саамай бөдөҥ фракциятыттан 55 дьокутаат баар. «Новые люди» алта дьокутааттаах, КПРФ — түөрт, «Справедливай Арассыыйа — үс, ЛДПР — биир. Ону кытта биир бэйэтин туруоруммут дьокутаат үлэлиэҕэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

















