Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Саха Сиригэр эр киhи доруобуйатыгар улахан болҕомто ууруллуохтааҕын туһунан маҥнайгы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев элбэхтик тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Аныгы эр дьонун доруобуйатын туруга хайдаҕый? 

Саха Сиригэр эр киhи доруобуйатыгар улахан болҕомто ууруллуохтааҕын туһунан маҥнайгы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев элбэхтик тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Аныгы эр дьонун доруобуйатын туруга хайдаҕый? 

Уролог-андролог бырааска эр дьон төһө сылдьарый?

Чахчыны эттэххэ, Саха Сиригэр эр киhиэхэ болҕомто дьахтар-аймах  доруобуйатыгар уурулларынааҕар олох кыра.  Холобура,  тыа сирдэригэр уролог -андролог быраас суоҕун кэриэтэ. Дьокуускай куоракка хас поликлиника аайы анал быраастар син бааллар. Ону таhынан чааhынай килииникэлэргэ уролог-андролог быраастар бааллар. Ол эрэн, үөрэхтээх специалист аҕыйаҕыттан, сырдатар үлэ мөлтөҕүттэн эр киhи сыл аайы уролог- андролог  бырааска сылдьар култуурата  сайда илик. Чуолаан ити саха эр дьонугар сыhыаннаах.  Онуоха холоотоххо дьахтар-аймах син сыл аайы гинеколог бырааска хайаан да сылдьар, кинилэр доруобуйаларын көрөр-истэр  мэдиссиинэ киинэ элбэх. Биир үксүн итинтэн уонна да атын дьайыылартан сылтаан дьахтар олоҕун уhуна эр киhитээҕэр уhун.

Кэнники туоhулар этэллэринэн, эр киhи олоҕун орто уhуна 65,78 сыл, дьахтар киэнэ 75,98 сыл буолар. 10 сыл арастаах.  

            Уол оҕо доруобуйатыгар – ураты болҕомтону 

Уол оҕо эр киhи буолан улаатан тахсарыгар быраас көрүүтүгэр-истиитигэр сылдьан барыахтаах.  Оҕону төрөөтүн кытта неонатолог, педиатр быраастар көрөллөр, туох эмит ыарыы баар буоллаҕына, ону суох онорорго сөптөөх үлэни ыыталлар. Онтон салгыы оҕо учаастактааҕы педиатр быраас көрүүтүгэр киирэр. Уол оҕо сылга биирдэ урологка көрдөрөрө наада. Дьиҥэр, уол  кыра сааһыттан араас  урологическай ыарыыта элбэх буолуон сөп. Ол курдук, саамай тарҕаммыттары эттэххэ,  ФИМОЗ, КРИПТОРХИЗМ диэннэр.  Фимоз диэн уол оҕо половой уорганын төбөтүн сабар сарыы тириитэ арыллыбат буолуутун этэллэр. Бу 7-9 сааhыгар диэри ыарыы диэҥҥэ киирсибэт. Онтон салгыы ити сарыы тирии сатаан арыллыбат, анныгар кир мунньуллан иhэр, ыарытыйар буоллаҕына операция туhунан толкуйдуохха наада.

Онтон крипторхизм диэн сахалыы БУОТТУК ыарыы диэн ааттанар, ол аата сымыыт аллараа туспэккэ үөhэ ханаалга хааларын этэллэр. Сорох ардыгар итинник сатаан түспэтэх сымыыты уол оҕо төһө эмит улааппытын кэннэ байыаҥкамаат хамыыйыһатыгар көрүү кэмигэр булааччылар. Сороҕор отой даҕаны Аармыйаҕа бараары сылдьар дьонтон булуллан соhуйуу тахсааччы. Ити ыарыы тугунан кутталлааҕый?  Эр киhи сымыытын сүрүн үлэтэ диэн, сперматозоид оҥорон таhаарыыттан ураты, тестостерон диэн эр киhи эр киhи буолар гормонун оҥороро буолар. Сатаан аллараа түспэтэх сымыыкка сперматозоид, тестостерон үчүгэйдик оноhуллубакка, гормон эргиирэ атыннык барар.  Ол түмүгэр итинник ыарыылаах уол оҕо организмыгар дьахтар гормона элбэхтик үөскүүр. Үүнэн эрэр организмҥа уларыйыы тахсара сүрдээх түргэн. Онон бу уол оҕо организма, өйө-санаата дьахтар киэнин курдук буолан хаалар кутталлаах. Гомосексуализм үөскүүрүн биир төрүөтэ манна сытар буолуон сөп.

 Ити курдук улахан уларыйыылар тахсалларын кэмигэр көрбөккө хаалыы -  төрөппүт буруйа. Ону тэҥэ половай сайдыытыгар киирэн эрэр уол оҕо олус кыбыстанньаҥ  буолара охсор. Оҕону көрөр быраастар үгүстэрэ  дьахталлар, дьэ ол иhин уол оҕо половой уорганыгар сыhыаннаах туох эмит  уларыйыы баар буоллаҕына кыбыстан, кэмчиэрийэн кимиэхэ да кэпсээбэт, көрдөрбөт. Өссө бу соҕотох ийэ иитэр уол оҕото  буоллаҕына, дьэ, улахан кыһалҕа. Аҕа иитэр уол оҕотун балаһыанньата атын, эр киһи уолугар болҕомто уурар буоллаҕына, тута быһааттарыан сөп.

            “Эр киһи иккис сүрэҕэ” диэн тугуй?

Кэнники кэмҥэ эр дьон простатит диэн ыарыыта аhара элбээтэ, эдэримсийдэ. Ити ыарыы туhунан кыратык сырдаттахха, маннык. Предстательнай железа, сахалыы ахта быччаххайа, эр киhи эр киhи буолар уоргана. “Эр киhи иккис сүрэҕэ” диэн этэллэр. Билигин простатит диэн диагноз турара эр дьоҥҥо үксээтэ.  Ити ыарыы бастакы төрүөтэ -  сааhырыы уонна хамсаныы аҕыйаҕа. Ол түмүгэр ис түгэҕин  уорганнарыгар хаан эргиирэ мөлтүүр, ол онтон быччаххай сумэhинэ сатаан тахсыбахха хаайтаран,  ыарыыга кубулуйар.

            Сыстыганнаах ыарыы содула

Хамсааhын аҕыйаҕа урбанизация күүскэ барыытын, эр киhи олорон эрэ үлэлиирэ  аhара элбээбитин кытта сибээстээх.  Иккис төрүөтүнэн эр киhи ааспыт кэмигэр хайдах олорбутуттан тутулуктаах. Быhааран эттэххэ, маннык. Билигин 40 – 45 – 50 саастаах дьон эр киhи половой сайдыытыгар киирэр күөгэйэр кэмнэригэр сылдьыылара 90 – ус сылларга ааспыта. Өйдүүрбүт курдук ити сылларга барыта көҥүл буолан, уопсастыбаҕа сиэр-майгы улаханнык айгыраабыта, эдэр дьон  чэпчэки суолунан барыылара элбээбитэ. Арассыыйаҕа “сексуальнай революция” буолбута. ССРС эстэн, доруобуйа харыстабылын институттара мөлтөөннөр, аһара көҥүл барыы содулугар араас сыстыганнаах ыарыылар элбии сылдьыбыттара. Сүрүн тарҕаммыт ыарыы – гонорея. Ол кэмнээҕи эдэр ыччат ити ыарыыга сысталлара, туох кистэлэ кэлиэй, элбэх этэ. Статистика этэринэн 1990 сыллаахха, өссө ССРС эстэ илик кэмигэр, гонореянан ыарытыйыы сыл иhигэр 1897 төгүл буолбут. Онтон салгыы 90-ус сыллар статистикаларын булбатым. Онтон 2000 сыллаах статистика көрдөрөрүнэн ыарытыйыы 2658 диэри улааппыт. Ити өссө ыарыы син кыччаабыт сыллара этэ. Манан толкуйдаан көрдөххө 90- ус сылларга сыстыганнаах ыарыы ахсаана биллэ улахан буолуохтаах. Кэнники статистика туоһулуурунан 2016 сыллаахха ити ыарыынан 749 киhи ыалдьыбыт. Уопсастыбаҕа  уларыйыы тахсан, дьон доруобуйа харыстабылыгар култуурата, билиитэ улаатан ыарыы аҕыйаабыт. Оттон ити 90-ус сыллардаахха ыалдьыбыт эдэр дьон билигин орто саастарыгар сылдьаллар уонна ол ыалдьыбыт содуллара билигин простатит буолан ситэн кэлбит.

             Тымныйыы ыарыыга тиэрдэр 

  Эр киһи простатитын үөскээһинин  өссө биир улахан төрүөтэ -  төрөөбүт  дойдубут тыйыс айылҕата. Простатит диэн ыарыы тымныйыыттан эмиэ үөскүүр. Биhиги дойдубут сыл устатын тухары тымныы. Аҕыйах кэмҥэ сылыйан ылар. Эр киhи бултаан-балыктаан, үлэлээн-хамсаан тоҥоро-хатара элбэх буолан, ити ыарыыга судургутук ылларымтыа. Ити ыарыы эр киhи олоҕор мөкүтүк дьайара биллэр, тахсан киирэрин мөлтөтөр, куhаҕан туруктаах искэн буолан кубулуйар кутталлаах. Уонна ити ыарыы биир сүрүн симптомунан түүн устата хаста да тахсан киирии буолар. Эр киhи түүн аайы хабаҕаран хаста эмит  уhуктарыттан утуйар уута айгырыыр, алдьанар. Хас түүн аайы сылы сыллаан утуйар уу айгырааhына киhи ис туругар улахан охсуулаах буолар. Ол иhин эр дьон ортотугар сүрэх ыарыыта, хаан баттааhына үрдүк буолуута, инфаркт, инсульт ыарыы олус элбэх. Табаахтан, арыгыттан ураты ити ыарыыларга тиэрдэр төрүөтүнэн простатит ыарыы буолар.

  Биhиги Республикабытыгар сүрэх, тымыр ыарыытыттан дьон өлүүтэ элбэх. Ол курдук бүтэhик чахчынан сылга 8053 киhи барбыт буоллаҕына, ол онтон сүрэх тымыр ыарыыларыттан 3544 киhи суох буолбут. Аны ити 3544 киhиттэн улахан аҥаара эр дьон. Аны туран  ыарыы өссө биир куhаҕана диэн сааhырбыт дьон түүн туралларыгар ууларыгар аҥаарыйа сылдьан хараҥаҕа иҥнэн охтон уҥуохтарын тоhуталлара буолар. Аны уҥуох тостуутуттан сылтаан атын ыарыылар өрө туруулара доруобуйаҕа улахан айгырааhыны таһаарара баар суол.  

            Ыал арахсыыта элбэх

Саха Сиригэр статистика көрдөрөрүнэн ыал арахсыыта олус элбээтэ. Ол курдук 2016 сыллаахха 6300 ыал тэриллибититтэн 4200-тэ арахсыбыттар.  Маныаха төрүөт элбэх. Эр киhи доруобуйатын туруга мөлтөөһөүнэ, дьахтар уонна эр киhи бэйэ бэйэлэриттэн астыммат буолуулара, сатаан оҕо үөскээбэтэ - арахсыыга улахан төрүөт буолар. Ыал арахсара диэн сүрдээх куhаҕан көстүү.

Ол эрээри дьон бэйэ-бэйэтин өйдөһөн, баар кыһалҕаны быһаара сатыахтаах. Ыарыы буулаабыт буоллаҕына эмтэнэр, быһаарар ордук. Эр киһи доруобуйатын тупсарар,   эмтиир кииннэр Дьокуускай куоракка син баар буолан эрэллэр.

            Сылаастык таҥныаҥ – доруобай буолуоҥ

Тымныы кэмҥэ сылаастык таҥна сылдьааhын эр киhи, дьахтар төрүүр-ууhуур уорганнарыгар олус туhалаах. Тоҕо диэтэххэ тымныы, бастатан туран, төрүүр-ууһуур  уорганнарга охсор. Киhи атаҕа тоҥноҕуна ис анныгар баар уорганнарга  хаан эргиирэ  төһө эмит мөлтүүр. Хаан эргиирэ мөлтөөтөҕүнэ киһи организма  ыарыыга утарсар күүhэ (иммунитета) мөлтөөн бактериялар өрө тураллар, ыарыы саҕаланар. Ол ыарыы эдэр киhи куруук тоҥор-хатар буоллаҕына олохсуйан барар, уорганыгар уларыйыылар тахсаллар. Салгыы бу киhи сатаан төрөөбөт-ууhаабат буолар. Саха Сирин курдук тымныы кыhыннаах дойдуга үчүгэйдик таҥна-сапта сылдьар киhи чэгиэн-чэбдик буолар.

2000 сыллар ортолоругар эдэр кыргыттар систэрэ, истэрин түгэҕэ көстө сылдьар муодата кэлэн ааспыта. Кыргыттар барахсаттар ол муоданы үтүктэн саас төһө  эмит эрдэттэн күһүн хойукка диэри ол курдук систэрэ, самыылара, истэрэ көстө сылдьааччы. Төһөлөөх онно тоҥууну ылбыттара буолуой?! Билигин ол муоданы тутуhа сылдьыбыт кыргыттар улаатан ыал ийэлэрэ буолар саастарыгар тиийдилэр даҕаны үгүстэрэ сатаан оҕолонор кыахтара суох буолан медицинаттан көмө эрэйэллэр. Онон эдэр дьон  сылаастык таҥна сылдьара булгуччулаах.

 Николай Григорьев, быраас.

хаартыска куйаар ситимиттэн

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34