Улуус баһылыгын эҕэрдэтин итиэннэ таһаарыылаахтык үлэлээбит эр дьону наҕараадалааһын кэнниттэн түмсүү кыттааччылара 21 үйэ аҕата, дьиэ кэргэн баһылыга оҕону иитиигэ оруолун итиэннэ саха омук уолана, эр бэрдэ, туллар тутааҕа хайдах буолуохтааҕын туһунан санааларын атастастылар.
Ол курдук, өр сылларга олорор сирдэринэн аҕа түмсүүлэрин салайбыт дьон быһыытынан “Сатас” ХЭТ бэрэсидьиэнэ Иннокентий Макаров, Чурапчы нэһилиэгин “Удьуор” эр дьон түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Слепцов, Чыаппаратааҕы “Дьэ, эрэ” эр дьон түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Руслан Гоголев үлэлэрин уопутын билиһиннэрдилэр. Түмүккэ улуус эр дьонун түмсүүтүн салайааччытынан Яков Павлович Оконешников талылынна итиэннэ саҥа састаап бигэргэннэ.
“Биһиги, эр дьон, ырааҕы анааран, кэнэҕэски ыччаппыт инникитин санаан, түмсэн, күүстээх үлэни-хамнаһы ыытыахтаахпыт. Дьиэ кэргэммитигэр эрэллээх эркин, тулхадыйбат тулааһын буолуохтаахпыт. Оҕолорбутун бэйэбит холобурбутунан иитэн, сахалыы куту иҥэриэхтээхпит”, - диэн бэлиэтээтэ бэйэтин этиитигэр улуус баһылыга Степан Саргыдаев.
Альбина ПАВЛОВА
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0