Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Муус устар 24 күнүттэн Улуу Кыайыыга аналлаах үгэс буолбут «Георгиевскай лиэнтэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа саҕаланна диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Муус устар 24 күнүттэн Улуу Кыайыыга аналлаах үгэс буолбут «Георгиевскай лиэнтэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа саҕаланна диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Саха Сирин Баһылыга Айсен Николаев бэлиэтииринэн,  Улуу Кыайыы күнүн иннинэ Георгивскай лиэнтэни иилинэр үтүө үгэскэ кубулуйда, бу Арассыыйа олохтоохторун патриоттуу санаалара күүстээҕин  көрдөрөр. Билигин, фашизмы кыайарга Арассыыйа оруолун түһэрэ сатыыр кэмнэригэр, аахсыйа суолтата ордук улаатта.

«Волонтердар хара-саарыл лиэнтэлэри Дьокуускай киин сирдэригэр - Кыайыы, Доҕордоһуу, Ленин, Орджоникидзе болуоссаттарга уонна «Московскай» АК, Кыайыы пааркатын былаһааккаларыгар - күнүс 4  чаастан саҕалаан киэһээ 7-ҕэ диэри түҥэтиэхтэрэ. Улуустарга уопсастыбаннай миэстэлэргэ, искибиэрдэргэ, болуоссаттарга тарҕатыахтара. Быйыл 100 тыһыынчаттан тахса Георгиевскай лиэнтэни түҥэтэргэ былаанныыбыт, - диэн кэпсээтэ «Кыайыы волонтердара» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын салайааччытын э.т. Тимур Егоров.

Георгиевскай лиэнтэ Байыаннай Албан аат биир сүрүн бэлиэтэ буоларын, аҕаларбыт, эһэлэрбит Аҕа дойду Улуу Сэриитигэр хорсун быһыыларын санатарын таһынан, Арассыыйа аармыйатын уонна байыастарбытын Анал байыаннай дьайыыга өйүүрбүтүн көрдөрөрүн аахсыйа кыттыылаахтара тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Кыайыы волонтердара Георгиевскай лиэнтэлэри иилинэргэ дьоҥҥо көмөлөһөллөр, түөскэ, сүрэх туһаайыытынан иилинэр сөптөөҕүн санаталлар.

«Георгиевскай лиэнтэ» аахсыйа ыам ыйын 9 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением