Кини этэринэн, бу тосхол олоххо киириитэ үс түһүмэхтээх: 2018-2024 сс. сайдыы тиһигэ глобальнай кириисискэ үөрэнэргэ ыытыллыбыта, 2025-2031 сс. инфраструктуранай каркааһы бөҕөргөтөн, диверсификация мэхэньиисимин киллэрии. 2032-2036 сс. сайдыы бигэ туругун уонна инновационнай трансформацияны ситиһиэхтээхпит.
Кэлэр 2032 с. Саха Сирэ киһи хапытаалынан аан дойду таһымыгар күрэстэһэр кыахтаах лиидэр буолуохтаах. Ону таһынан, киһи олоҕун таһыма үрдүөхтээх, олорорго куттала суох, табыгастаах усулуобуйа тэриллиэхтээх, экэниэмикэ сүрүн салаалара глобальнай күрэстэһэр кыахтаах буолуохтаахтар, итиэннэ сырьеттан тутулуга суох экэниэмикэ сайдан, экспорка үлэлиэхтээх, маны сэргэ айылҕабытын харыстаан, кэнэҕэс көлүөнэҕэ чөл тиэрдиэхтээхпит.
Киһи олоҕун уһуна 2024 с. 72,9 этэ, ити көрдөрүү 2036 с. 83,75 сааска тиийиэхтээх. Оҕо төрөөһүнүн суммарнай кэпписийиэнэ 1,5 – 2,0 диэри улаатыахтаах. Дьон дьадайыыта 12,8 – 6,0 % диэри намтыахтаах. Итини ситиһэргэ мэдиссиинэҕэ оҥоһуу өй, көхтөөх, уһун үйэлэнии, телемэдиссиинэ, ыарыһахтары чөлүгэр түһэрии ньымата киириэхтээх. Социальнай бэлиитикэҕэ элбэх оҕолоох ыалы салгыы өрө тутарга, көмөлөһөргө үлэ ыытыллыаҕа, кырдьаҕас дьону уонна инбэлииттэри уһун кэмҥэ көрөр ситим үлэлиэҕэ.
Олорорго куттала суох, табыгастаах усулуобуйаны тэрийэргэ төгүрүк сыл тырааныспар сырыытынан хааччыллыбыт нэһилиэнньэ 2024 с. 20,9% этэ, оттон 2036 с. 88,9% тиийиэхтээх. Олорор усулуобуйаларын тупсарбыт дьиэ кэргэн ахсаана 2024 с. 19,1 тыһ. этэ, онтон 2036 с. 27,0 тыһ. буолуохтаах. Дьиэни тутуу 1,1 мөл. кв.м. 2036 с. 1,3 мөл. кв.м. диэри эбиллиэхтээх. Хомунаалынай инфраструктура эргэриитэ, кээһэниитэ 53,1% аны уон сылынан 41,5% диэри кыччыахтаах.
Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

















