Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -13 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Өлөөн эбэҥки национальнай улууһун олохтооҕо, үрдүк үөрэхтээх охотовед идэлээх Алексей Сергеев «Мин биисинэһим» эрэгийиэннээҕи киин көмөтүнэн, табаны иитиигэ дьиэ кэргэн пиэрмэтин тэриннэ.

Өлөөн эбэҥки национальнай улууһун олохтооҕо, үрдүк үөрэхтээх охотовед идэлээх Алексей Сергеев «Мин биисинэһим» эрэгийиэннээҕи киин көмөтүнэн, табаны иитиигэ дьиэ кэргэн пиэрмэтин тэриннэ.


Алексей Өлөөнтөн 40 км ыраах сытар Түбэ үрэҕэ диэн сиргэ хаһаайыстыба тэриннэ. Билиҥҥитэ 20 табалаах.

-- Быйыл биирдэм урбаанньыт буоларга быһаарыммытым, онуоха эрэгистирээссийэлэнэрбэр уонна биисинэс-былааммын оҥосторбор «Мин биисинэһим» киин исписэлииһэ көмөлөстө. Аны билигин соцхантараак түһэрсиэм, -- диир Алексей Сергеев.
Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин пресс-киинэ иһитиннэрэр.

Хаартыска: тустаах саайтан.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0