Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Уус Алдан улууһугар Саха Сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии тэтимнээхтик ыытыллар.

Уус Алдан улууһугар Саха Сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии тэтимнээхтик ыытыллар.

Ыам ыйын 26 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Бороҕоҥҥо мунньах ыытта. Бырабыыталыстыба тутаах үлэһиттэрэ, эппиэттээх исписэлиистэр кыттыыны ыллылар.

местин

Тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ тутуллар эбийиэктэр чопчу болдьоххо бүтэрэллэригэр сорудахтаата. Ол курдук, стадиону бэс ыйын 20 күнүгэр, Мындаабаҕа спорт саалатын, Чараҥҥа ипподрому, Бороҕоҥҥо футбол хонуутун бэс ыйын 26-30 күннэригэр туттаралларыгар этилиннэ.

стадион

Айан суолларыгар мөлтөх учаастактары өрөмүөннээһин, грейдердэр сырыыларын элбэтиннэрии былааннанар, Хаҥалас (Кангалассы)- Суотту хайысханан паром ахсаана 5-кэ диэри элбиэҕэ уонна дьону таһар мотуордаах тыылар сырыылара тэриллиэҕэ.

Бороҕон уулуссаларын өрөмүөннээһин, Лонгинов-Юннаттар учаастагар аспааллааһын, Ленин уулуссатыгар алдьаммыт учаастактары бетоннааһын, Стрекаловскай уулуссатын стадиоҥҥа диэри бетоннааһын үлэлэрэ ыытыллыаҕа. Маны таһынан Майаҕаска киирииттэн саҕалаан Лонгинов, Ленин уулуссаларынан, салгыы Хараҥа Төрдүгэр тиийэ суолга быылы хаптатыыга ана уу ыһар массыыналар сылдьыахтара.

Стадиоҥҥа киирии быһыт бетоннанан, икки өттүгэр тротуардаах уонна сырдатар уот остуолбалардаах буолуоҕа, дамба кытыытыгар уоттаах, музыкалаах фонтан үлэлиэҕэ.

Лөгөй аатынан киин болуоссат кэҥэтиллэн оҥоһуллуо, онно Лөгөй Тойон пааматынньыга туруоҕа, култуура дыбарыаһын иннинээҕи фонтан үлэлиэҕэ. Геройдар аллеялара саҥардыллыа. Саҥа стадиоҥҥа киириигэ Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыга туруоруллуоҕа, улуус Албан ааттаах чулуу спортсменнарын аллеялара баар буолуо. Майаҕаска киириигэ уонна Бороҕон арҕаа өттүгэр дьон сылдьар смотровой былаһааккалара тутуллуо.

Көҕөрдүү үлэтигэр үгүс былааннар олоххо киириэхтэрэ. Ол курдук, уопсайа 35 тыһ. кэриҥэ сибэкки олордуллуо. Манна юннатскай станция 20 тыһыынча арассаада олордуутун тохсунньу ыйтан саҕалаабыта, Бороҕон тэрилтэлэрэ, нэһилиэк түөлбэлэрэ, улуус оскуолалара анал былаанынан көҕөрдүүгэ үлэлэһэллэр, уопсайа 1400-тэн тахса сибэкки дьааһыктара оҥоһулуннулар, Дьокуускай куораттан биир дойдулаахтарбыт 2 тыһ. сибэкки арассаадатын олордон бэлэмнээтилэр, Найахы нэһилиэгэр декоративнай щепа оҥоһуллан, улуус киинигэр общественнай миэстэлэри киэргэтиэхтэрэ.

Улуус киинигэр ырааһырдыыга субуотунньуктар ыам ыйын 1 күнүттэн күргүөмнээхтик ыытыллан иһэллэр, хас чэппиэр ахсын "ыраас чэппиэр" акциянан тэрилтэлэр, түөлбэлэр ыраастаналлар, бөх-сах хомуллар, тиэллэр.

субботник

Нэһилиэктэр анал сыһыарыылаах сирдэригэр, эбийиэктэригэр кэлэн таһаарыылаах үлэни тэрийэллэр.

Спортивнай оонньуулар култуурунай бырагыраамалара олус киэҥ. Ол курдук, уопсайа 7 былаһаакканан 100 араас култуурунай тэрээһиннэр - кэнсиэрдэр, быыстапкалар, презентациялар, сынньалаҥ киэһэлэрэ ыытыллыахтара, саҥа стадиоҥҥа оонньуулары үөрүүлээхтик аһыы уонна сабыы СӨ судаарыстыбаннай циркэтин генеральнай дириэктэрэ Сергей Расторгуев режиссердаах ыытыллыахтара.

Маны таһынан стадиоҥҥа үс күн устата Уус Алдантан төрүттээх дьоммут улахан кэнсиэрдэрэ, Россия, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх артыыстара, ырыаһыттара кыттыылаах кэнсиэрдэрин култуура  уонна спорт министиэристибэлэрэ тэрийиэхтэрэ.

Саха судаарыстыбаннай циркэтэ биэс күн устата бэйэтин программатын оҕолорго, ыалдьыттарга, олохтоохторго анаан бэлэхтиэҕэ.

Чараҥҥа саҥа тутуллар 1024 миэстэлээх ипподромҥа өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ ыытыллыа.

Спортивнай оонньууларга кытта уонна тэрийэ 6 тыһыынча спортсмен, судьуйалар, култуурунай тэрээһиннэри ыытааччылар, волонтердар кэлиэхтэрэ. Кинилэри түһэрии 28 эбийиэккэ тэриллиэ, аһатыыга куораттан "Киви" общепит тэрилтэтэ, ХИФУ остолобуойа, Тыгын Дархан ресторан общепита үлэлиэхтэрэ, спортсменнар, судьуйалар аһыыр сирдэрэ объектар остолобуойдарыгар тэриллиэҕэ.

Маны таһынан уонунан тыһыынча ыалдьыттар, көрөөччүлэр кэлэллэрэ күүтүллэр, кинилэргэ анаан атыы-тутуу тэриллиэҕэ, кафелар, остолобуойдар, стадиоҥҥа фуркорт анал шатердарга, палаткаларга тардыллыахтара.

Тойон Мүрү киэҥ туонатыгар спортивнай оонньуулар күүтүүлээх ыалдьыттарынан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, Россия спорка министиэристибэтиттэн дэлэгээссийэ, Олимпийскай чемпионнар, СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, Ил Түмэн дьокутааттара, улуустар баһылыктара, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх бэтэрээн спортсменнара уо.д.а. буолуохтара.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением