Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

2022 сылга Арассыыйаҕа 29 тыһыынчаттан тахса сыбаарсык үлэтин миэстэтэ аһылынна – бу былырыыҥҥытааҕар 34,5%-нан элбэх. Оттон Саха Сиригэр 100-тэн тахса сыбаарсык вакансията баар буолла – бу дойду үрдүнэн уопсай көрдөрүү 0,4% ылар уонна Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар 66-с миэстэ буолар. 

2022 сылга Арассыыйаҕа 29 тыһыынчаттан тахса сыбаарсык үлэтин миэстэтэ аһылынна – бу былырыыҥҥытааҕар 34,5%-нан элбэх. Оттон Саха Сиригэр 100-тэн тахса сыбаарсык вакансията баар буолла – бу дойду үрдүнэн уопсай көрдөрүү 0,4% ылар уонна Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар 66-с миэстэ буолар. 

"Эрэгийиэҥҥэ  сыбаарсыкка наадыйыы сыл иһигэр 30%-нан үрдээбит. Кинилэргэ өссө үрдүк хамнаһы биэрэр буоллулар – ортотунан 123,9 тыһыынча солкуобай" диэн иһитиннэрэр hh.ru чинчийэр сулууспата.

2022 сыл тохсунньутуттан ыам ыйыгар диэри сыбаарсык саамай элбэх вакансията Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтигэр (5,3%), Москубаҕа (4,7%), Челябинскай уобалаһыгар (4,5%) уонна Санкт-Петербурга (4,4%) аһылынна. Онуоха вакансия ахсаана ордук тэтимнээхтик Приморскай кыраайга элбээтэ, онно сыбаарсыкка наадыйыы 105,2%-нан улаатта. Ону таһынан Кемерово уобалаһыгар (+105%), Красноярскай кыраайыгар (+88,2%), Тюмень уобалаһыгар (+80,2%) уонна Челябинскай уобалаһыгар (+79%) тэтимнээх үрдээһин бэлиэтэннэ. Сорох эрэгийиэннэргэ сыбаарсыктары үлэҕэ ылыы аҕыйаабыт. Ол курдук, Кострома уобалаһыгар 32,1%-нан, Калининград уобалаһыгар – 23,9%-нан, Псков уобалаһыгар – 19,1%-нан аҕыйах вакансия аһылынна.

Дойду үрдүнэн сыбаарсык биир вакансиятыгар ортотунан 1,9 резюме баар буолар, оттон нуорма быһыытынан 5-6 резюме буолуохтаах. Ол аата маннык исписэлиистэр тиийбэттэр. Ол да буоллар, бу көрдөрүү эрэгийиэн аайы атын-атын эбит. Холобур, Архангельскай уобалаһыгар сыбаарсык биир вакансиятыгар 5,7 резюме биэрэллэр, Калининград уонна Астрахань уобаластарыгар – 5,1-дии резюме, Москубаҕа – 4,2, Санкт-Петербурга – 3,8. Курган уобалаһыгар (0,6), Кемерово уобалаһыгар (0,8), Челябинскай уобалаһыгар (0,9) саамай аҕыйах сыбаарсык баар эбит.

Саха Өрөспүбүүбүлүкэтэ даҕаны сыбаарсык дэписсиитин көрүстэ – эрэгийиэҥҥэ маннык исписэлиис вакансиятыгар 1,7 эрэ резюме көстөр.

Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, Арассыыйа үрдүнэн сыбаарсык вакансиятыгар мэктиэлэнэр орто хамнас 12,8 тыһыынча солкуобайынан үрдээн, 99 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Сахалин уобалаһыгар (36,8 тыһыынча солкуобай эбиллэн, 137,3 тыһыынча солкуобай буолла), Камчатка  кыраайыгар (34 тыһыынча солкуобай эбиллэн, 121,9 тыһыынчаҕа тэҥнэстэ) уонна Магадан уобалаһыгар (31,9 тыһыынча солкуобай эбиллэн, 128,1 тыһыынча буолла) сыбаарсык хамнаһа саамай улаханнык үрдээбит.

Саха Сиригэр сыбаарсыктар хамнастара эмиэ үрдээбит – ортотунан 123,9 тыһыынча солкуобай буолбут, ол аата былырыыҥҥытааҕар 16,9 тыһыынча солкуобайынан улахан.

Мэктиэлэнэр хамнас таһымынан бастыыллар - Сахалин уобалаһа (137,3 тыһыынча солкуобай), Магадан уобалаһа (128,1 тыһыынча солк), Саха Өрөспүүбүлүкэтэ (123,9 тыһыынча солк), Ямало-Ненец аптаныамыйалаах уокуруга (122,3 тыһыынча солк) уонна Камчатка кыраайа (121,9 тыһыынча солк).

Хамнас үрдүгүн үксүгэр вахтанан быһаарыахха сөп – оннук ньыманан сыбаарсык 48%-а үлэлиир. Көспөккө үлэлиир сыбаарсык орто хамнаһа 64,6 тыһыынча солкуобай буоллаҕына, вахта ньыматынан үлэлээччи – 115,3 тыһыынчаны ылар.

Хамнас таһыма сыбаарсык уопутуттан тутулуктаах. Ол курдук, уопута суох исписэлиис 84,1 тыһыынча солкуобай, биир сылтан үс сылга диэри уопуттаах – 85,3 тыһыынча, үстэн алта сылга диэри – 101,2 тыһыынча, алта сылтан үөһэ уопуттаах – 106,3 тыһыынча солкуобай кэриҥэ хамнастанар.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31