«Үлэ бырасыаһын таһымын үрдэтиигэ бырайыак оҥоһуллубута. Биһиги үлэһит киһи 40-ча чаастаах үлэ нэдиэлэтигэр, биэс хонукка, сөптөөх дохуоту ыларын дьулуһабыт. Биһиги усулуобунай киһибит үлэтин чааһа хас да төгүл үрдүк буоларын ситиһиэхтээхпит», - диэтэ дьокутаат.
Кини этэринэн, Кытай дойдутун уопутунан алта үлэ күннээх нэдиэлэтин сатаан туһаммаппытын бэлиэтиир. Бэлиитик кэпсииринэн, хамнас үрдэтиитин суотугар үлэ бырасыаһын таһымын үрдэтиитэ ситиһиллиэхтээх. Кини этэринэн, ыраахтан олорон үлэлээччи киэһээҥи уонна түүҥҥү бириэмэҕэ үлэ чааһын хааччахтыыр туһуттан РФ Үлэ кодексыгар тоҕоостоох көннөрүүлэр киирбиттэрэ. «Биһиэхэ самозанятай үлэтэ интэриэһиргэтэр, кинилэргэ туох да ирдэбил, регламент суох. Бу дьон үлэлэригэр эппиэтинэстэхтэр, сатыбылларын барытын туһанан тураннар тус бэйэлэрин уонна дьиэ кэргэттэрин хааччыйаллар, сайдыыга дьулуһаллар - кинилэр уопсай үлэлиир бириинсиптэринэн оҥорон таһаарар бырасыаһын дьоно буолбатахтар», - диэн түмүктүүр Кирьянов.
Бу иннинэ РУДН экэнэмиичэскэй факультетын доцена Андрей Гирин бу сылга үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ хамнас үрдээһинин туһунан иһитиннэрбитэ. 2022 сылтан биэнсийэлээх үлэһиттэр нолуок суотугар төлөбүрдэри уонна балыыһа лиистэрин түргэнник ылыахтарын сөбүн санатта.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0