Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка үөрэххэ ылыы хамыыһыйата үлэлии турар. Хамыыһыйа Сэргэлээх шоссетын 3 килэмиэтиригэр, 3 дьиэтигэр 123 уонна 124 кэбиниэттэргэ күн аайы өрөбүлэ уонна эбиэккэ тохтобула суох үлэлиир. Докумуону бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри сарсыарда 9 чаастан киэһэ 6 чааска диэри, субуотаҕа – сарсыарда 9-тан киэһэ 5-кэ диэри, оттон баскыһыанньаҕа – 9-тан киэһэ 4-кэ диэри туталлар.

Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка үөрэххэ ылыы хамыыһыйата үлэлии турар. Хамыыһыйа Сэргэлээх шоссетын 3 килэмиэтиригэр, 3 дьиэтигэр 123 уонна 124 кэбиниэттэргэ күн аайы өрөбүлэ уонна эбиэккэ тохтобула суох үлэлиир. Докумуону бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри сарсыарда 9 чаастан киэһэ 6 чааска диэри, субуотаҕа – сарсыарда 9-тан киэһэ 5-кэ диэри, оттон баскыһыанньаҕа – 9-тан киэһэ 4-кэ диэри туталлар.

Босхо

Билигин бакалавриакка уонна специалитекка кэтэхтэн үөрэххэ, магистратураҕа күнүскү уонна кэтэхтэн үөрэххэ ылыы бара турар. Докумуону хомуйуу тохсунньуттан саҕаланан атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Киирии тургутуутун университет атырдьах ыйын 22-29 күннэригэр ыытыаҕа. Үөрэххэ киирии туһунан бирикээс атырдьах ыйын 30-31 күннэригэр тахсыаҕа.

Төлөбүрдээх

Бакалавриат уонна специалитет күнүскү үөрэҕин төлөбүрдээх хайысхаларыгар ылыы балаҕан ыйын 29 күнүгэр диэри ыытыллар. Манна киирэргэ тургутууну университет билиҥҥиттэн ыыта турар. Тургутуу балаҕан ыйын 29 күнүгэр түмүктэниэҕэ. Киирии бирикээстэрэ балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри тахсаллар.

Бакалавриат уонна специалитет кэтэхтэн үөрэх төлөбүрдээх хайысхаларыгар ылыы алтынньы 29 күнүгэр диэри буолуоҕа. Тургутуу алтынньы 29 күнүгэр түмүктэниэҕэ. Үөрэххэ киирии туһунан бирикээстэр алтынньы 30 күнүгэр диэри тахсыахтара.

Магистратура хайысхаларыгар киирии болдьоҕо: сирэйтэн үөрэххэ – балаҕан ыйын 29 күнүгэр диэри, кэтэхтэн үөрэххэ – алтынньы 29 күнүгэр диэри. Бу болдьохторго киирии тургутуулара түмүктэнэллэр. Сирэйтэн үөрэххэ киирии бирикээһэ балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри, кэтэхтэн үөрэххэ киирии бирикээһэ алтынньы 30 күнүгэр диэри тахсыахтаах.

Үрдэтиллибит истипиэндьийэ

Устудьуоннар 5 хайысханан үрдэтиллибит истипиэндьийэ ылыахтарын сөп: уопсастыбаннай үлэнэн – 12 000 солкуобай, култуура айымньылаах үлэнэн – 13 000 солкуобай, успуордунан – 14 000 солкуобай, үөрэҕинэн – 15 000 солкуобай, билим чинчийиилээх үлэнэн – 16 000 солкуобай.

Ситиһии көмөтө

Араас эйгэҕэ ситиһиилээх дьон үөрэххэ тургутууну ааспакка киирэллэр. Ол курдук,

- Олимпийскай оонньуулар, ГТО нуормаларын чөмпүйүөннэрэ эбэтэр призердара;

- орто үөрэҕи туйгуннук бүтэрбиттэр;

- хайысха (математика, биология, физика) профильнай предметтэринэн олимпиада кыайыылаахтара эбэтэр призердара;

- волонтердар;

- туһааннаах хайысханан (үөрэх бырагырааматынан) норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы эбэтэр эрэгийиэннээҕи билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэрин, өй биитэр айар үлэ куонкурустарын лауреаттара, дипломаннара.

Ураты быраап туһунан

Олохтоммут квота иһинэн инбэлиит оҕолор, I уонна II бөлөх инбэлииттэрэ, оҕо саастарыттан инбэлииттэр, байыаннай сулууспаны ааһа сылдьан ылбыт эчэйии эбэтэр ыарыы түмүгүнэн инбэлииттэр, тулаайах оҕолор уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ бүддьүөттээх миэстэҕэ киирэр бырааптаахтар.

Ону таһынан, үөрэххэ киирэргэ ордук бырааптаах дьон хочугуоруйалара көрүллэр. Ол аата, тэҥ көрдөрүүлээх туттарсааччылар баар буоллахтарына, маннык бырааптаах киһи бастатыллар:

- тулаайах оҕолор уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор;

- инбэлиит оҕолор, I уонна II бөлөх инбэлииттэрэ;

- сүүрбэ сааһын туола илик гражданин биир эрэ I бөлөх инбэлиитэ төрөппүттээх, дьиэ кэргэнин биир киһитин орто дохуота  РФ туһааннаах субъегар олохтоммут тииһинэн олоруу кээмэйиттэн кыра буоллаҕына;

- Чернобыллааҕы АЭС быһылаанын түмүгэр радиацияҕа түбэспит гражданнар;

- байыаннай сулууспа эбээһинэстэрин толоро сылдьан өлбүт биитэр байыаннай сулууспа, ол иһигэр контртеррористическай операция уонна (эбэтэр) терроризмы утары атын тэрээһин, эбээһинэстэрин толоро сылдьан ылбыт оһол (баас, эчэйии, контузия) биитэр ыарыы түмүгэр өлбүт байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро;

- өлбүт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын, Арассыыйа Федерациятын Дьоруойдарын уонна Албан Аат уордьанын толору кавалердарын оҕолоро;

- ис дьыала уорганнарыгар, холуобунай-толорор систиэмэ тэрилтэлэригэр уонна уорганнарыгар, судаарыстыбаннай баһаары утары сулууспаҕа, норкуотук сириэстибэлэрин уонна психотропнай бэссэстибэлэри туһаныыны хонтуруоллуур уорганнарга, таможня уорганнарыгар үлэлэрин эбээһинэстэрин толоро сылдьан оһоллонон биитэр доруобуйаҕа атын охсуу ылан өлбүт үлэһиттэр оҕолоро;

- борокуратуура уорганнарыгар сулууспаны ааһар кэмнэригэр оһоллонон биитэр доруобуйаҕа атын охсууланан өлбүт эбэтэр үлэлэринэн сибээстээн доруобуйаларыгар эмсэҕэлээһин ылыы түмүгэр уурайбыт борокуратуура үлэһиттэрин оҕолоро;

- сулууспаларын уһуна хантараагынан үс сылтан кырата суох байыаннай сулууспаны барааччылар, ону сэргэ байыаннай сулууспаҕа ыҥырыынан ааспыт уонна үөрэххэ хамандыыр мэктиэтинэн киирэр гражданнар;

- Арассыыйа Федерациятын Сэбилэниилээх Күүстэригэр, атын сэриилэргэ, сэрии чаастарыгар уонна уорганнарыгар байыаннай дуоһунастарга үс сылтан кырата суох кэмҥэ сулууспаны ааспыт гражданнар;

- сэрии инбэлииттэрэ, бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара, ону кытта бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ;

- ядернай сэрии сэбин, атмосфераҕа бойобуой радиоактивнай бэссэстибэлэри, сир анныгар ядернай сэрии сэбин тургутууга, маннык сэрии сэбин уонна бойобуой радиоактивнай бэссэстибэлэри туттуулаах үөрэххэ кыттыбыт гражданнар, уу үрдүнээҕи уонна аннынааҕы хараабыллар уо.д.а. байыаннай эбийиэктэргэ баар ядернай установкаларга радиационнай саахаллары туоратыы кыттыылаахтара, радиоактивнай бэссэстибэлэри хомуйан көмүү үлэтин ыытыы уонна хааччыйыы кыттыылаахтара, ону тэҥэ бу саахаллар содулларын туоратыы кыттыылаахтара (Арассыыйа Федерациятын Сэбилэниилээх Күүстэрин көҥүлүнэн наймыламмыт састаабын ахсааныттан байыаннай сулууспалаахтар, Арассыыйа Федерациятын Ис дьыалатын министиэристибэтин байыаннай сулууспалаахтара, тимир суол сэриилэригэр уо.д.а. сэрии чаастарыгар сулууспаны ааспыт дьон, Арассыыйа Федерациятын ис дьыалатын уорганнарын уонна баһаары утары федеральнай сулууспа үлэһиттэрэ);

- Чечня Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна ыксатыгар баар территорияларга сэбилэниилээх иирсээн кэмигэр сорудахтары толоро сылдьыбыт байыаннай сулууспалаахтар, ол иһигэр Арассыыйа Федерациятын Ис дьыалатын министиэристибэтин ис сэриилэрин байыаннай сулууспалаахтара, Арассыыйа Федерациятын ис дьыалатын уорганнарын, холуобунай-толорор систиэмэтин, баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспа үлэһиттэрэ уонна Хотугу Кавказтааҕы сиригэр-уотугар контртеррористическай операцияларга сорудахтары толоро сылдьар байыаннай сулууспалаахтар.

***

Ити курдук, Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка киирии ирдэбилин, ымпыгын-чымпыгын билиһиннэрдибит. Онон бу иһитиннэриини туһанан, сөптөөх үөрэх хайысхатын талан, баҕа санааҕытын олоххо киллэриэххитин, былааҥҥытын ситиһиэххитин сөп.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением