- Уһук хоту биэнсийэлээхтэригэр сынньалаҥҥа барар, кэлэр бырайыастарын толуйуу маассабай социальнай суолталаах. 2021 сылга 280 тыһ. сайабылыанньа киирбитэ, онтон Биэнсийэ пуондатын тус кабинетынан 10%-на электроннай ньыманан. Электроннай ньымаҕа өҥөнү оҥорууну көһөрүү нэһилиэнньэҕэ көдьүүстээх буоларыгар туһуланар, холобур, тустаах биэдэмэстибэлэргэ тус бэйэҥ тиийэриҥ ирдэммэт. Сайабылыанньаны толоруу судургу, бырайыас докумуоннара сканерданан, эбэтэр хаартыскаҕа түһэриллэн сыһыарыллар, - диэн РФ Сыыппараҕа министиэристибэтин баһылыгын солбуйааччы Дмитрий Огуряев этэр.
- Цифровой трансформация бара турар. Бу саҥа технологиялары олоххо киллэрии эрэ буолбатах. Бастатан туран, ордук табыгастаах, иккиһинэн - нэһилиэнньэҕэ көдьүүстээх. Өҥөлөрү тиэрдии көрүҥнэрин кэҥэтэн, гражданнары кытары үлэ хаачыстыбатын үрдэтэбит. Сайабылыанньа 10 үлэ күнүн иһинэн көрүллэр. Биэнсийэ пуондатын төлөбүрдэрин кытары тэҥҥэ тиэрдиллэр», – диэн дойду Биэнсийэ пуондатын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин э.т. Сергей Чирков быһаарда.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0