Онтон төннөн иһэн: “Кэлэр сырыыга аны Грузияҕа барыахпыт”, -- диэн быһаарбыппыт. Этилиннэ да, ону олоххо киллэрэргэ сорунар биир тыллаах бэрэссэдээтэлбит Галина Бочкарева, төһө да анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытын үрдүнэн, булгуччу пресс-тур буолуохтааҕын биллэрбитэ, баҕалаахтары түмпүтэ, бөлөх тэрийэн саҕалаабыта.
Күн аайы балаһыанньа уларыйа, аэропортар үлэлэрэ хааччахтана, авиа-хампаанньалар рейстэрэ уһулла турар кэмигэр Галина Алексеевна, түүннэри олорон көрдөөн, Интэриниэти биир гына хасыһан, барыбытыгар удамыр сыаналаах билиэттэри булан, ыам ыйын Маайдааҕы өрөбүллэригэр 13 киһилээх дэлэгээссийэ Армениянан Грузияҕа айаннаабыппыт.
Эрэйи эҥэринэн тэлбит эрмээннэргэ
Арааһа, мин олохпор аан бастакы алтыспыт атын омугум диэн эрмээннэр быһыылаах. 1988 сыл ахсынньытыгар Арменияҕа 9 бааллаах сир хамсааһына буолбутун бары өйдүүбүт. Айылҕа алдьатыылаах иэдээнигэр түбэспиттэри, дьиэлэрэ-уоттара оҥоһуллуор, нэһилиэнньэлээх пууннары чөлүгэр түһэриэхтэригэр диэри, барыларын Хара муора курортарыгар олохтообут этилэрэ. Ону билбэккэ, биһиги 1989 сыл муус устарыгар путевканан Анапаҕа тиийбиппит. Биллэн турар, миэстэ суоҕа, онон дьиэ куортамнаан олорорго күһэллибиппит.
Дьэ, хап-хара хаастаах, наһаа улахан саҥалаах, цыганнар курдук, ытыы туран ыллаан барар аймалҕаннаах атастар кыракый куоракка былааһы олохтообут этилэр. Санаабар, ол кэмтэн ыла кинилэр, ханна да барбакка, онно олохсуйан хаалан, билигин Сочины эҥин барытын тутан олорор курдуктар...
Ол гынан баран, бу норуотуҥ сүрдээх уйан эбит. Билиҥҥэ диэри атаҕастаммыт, баттаммыт курдук санааларын ыһыкта иликтэрэ тылларын тамаҕар баар (таксистан саҕалаан, гидпитигэр тиийэ бука бары оннук былаастаан кэпсииллэрэ). Оннук өй-санаа олоҕурарыгар, кырдьыга да, төрүөт элбэх.
Бастатан туран, оспот баастара – геноцид. Киһи аймах историятыгар холокост кэнниттэн бу иккис улахан сиэртибэлээҕинэн биллэр кыдыйыы буолар. 1915-1916 сылларга маассабайдык ыытыллыбыта диэн этиллэр да, эрмээннэр бэйэлэрэ: “Ити да кэнниттэн кыралаан баара”, -- дииллэр. “Великое злодеяние” диэн ааттаммыт бу кырыктаах кыргыыга 800 тыһ. тахса киһи өлбүтэ бэлиэтэнэр. Ол эрээри олохтоохтор ону ылымматтар: “Балтараа мөлүйүөнтэн тахса киһибитин сүтэрбиппит”, -- диэн дакаастаһаллар.
Биһиги Ереваҥҥа геноцид сиэртибэлэригэр анаммыт өйдөбүнньүк комплексыгар сылдьыбыппыт. Раздан өрүс кытылыгар Цицернакаберд диэн томтор баар. Ол үрдүгэр 1965 сыллаахха 44 миэтэрэ үрдүктээх стеланы дьэндэппиттэр.
Архитектордар Тарханян уонна Калашян идиэйэлэринэн онтукалара икки аҥы хайдыбыт курдук – геноцид эрмээннэри араартаабытын бэлиэтэ. Ол эбэтэр аҥаардара, кыахтаах соҕустара, ити быһылаан кэнниттэн атын омук сирдэригэр күрээбиттэр, аан дойдунан тарҕаммыттар. Ол иһин бэйэлэрэ дьээбэлэнэн этэллэр: “Сир ханнык да уһугар тиий, син биир эрмээни көрсүөххүт”, -- диэн. Кырдьык, онон-манан ыһыллан хаалбыт норуот буолар. Холобура, Османскай империяҕа 2,5 мөлүйүөн эрмээн баара биллэр эбит буоллаҕына, геноцид кэнниттэн 200 тыһыынчаттан тахса эрэ хаалбыт.
Ити өлөрүү-өһөрүү 12 провинциянан ыытыллыбыт. Ол иһин быһыллыбыт конус курдук быһыылаах пааматынньыгы 12 эркини төгүрүктүү ууран оҥорбуттар. Ол иһигэр үйэлээх уот умайар. Умуллубат төлөнө бу иэдээн умнуллуо уонна хаһан да хатыланыа суохтааҕын сырдыргыыр тыаһынан сэһэргииргэ дылы...
Аны туран, ол баттаммыт баттык санаалара өрүү сэрии тыыныгар олорон кэлбиттэриттэн, мэлдьи сирдэрин былдьатан тахсыбыттарыттан ситимнээх буолуон эмиэ сөп. Былыргы Армения 100 бырыһыан сириттэн билигин 10 %-ын эрэ бас билэн олороллор (29 743 км²). Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбит иэнэ 3 мөлүйүөнтэн тахса кв. км буолбаат? Тэҥнээн көрүҥ. Ол иһин бүтүн биир судаарыстыбаны, массыынан айаннаан, күн аҥаарынан кэрийэн бүтэрэн кэбиспиппит.
- Арарат хайата ол ыраах көстөр
Оннук кыбыллан олорор, эбиитин кэлиҥҥи 30-ча сыл тухары наар Азербайджанныын Нагорнай Карабаҕы былдьаһар буолан, сир-уот боппуруоһа кинилэргэ олус ыарыылаахтык иһиллэр, сытыытык турар эбит. Итинтэн да уйадыйыахча буолаллар.
- Кавказ үрдүнэн саамай улаханынан аатырар Севан күөл кытылыгар
Манна өссө ситэрэн эттэххэ, эрмээннэр туспа этногенез быһыытынан биһиги эрабыт буолуон IV-II үйэлэргэ үөскээбиттэр. Дьэ, ол кэнниттэн кинилэри ким-ким баһылаабатаҕай? Гректэр, туроктар, персиялар, римляннар, сириялар, нууччалар... Ол иһин эмиэ бэйэбит курдук, бары араас-араас дьүһүннээхтэр: сорохторо улахан муруннаахтар, сорохторо олох кыра уҥуохтаахтар, сорохторо букатын сырдыктар, сорохторо хап-хара бытык да хаас сирэйдээхтэр. Чэ, холобура, бары билэр дьоммутун ылан көрүҥ: Фрунзик Мкртчян, Евгений Петросян, Армен Джигарханян, Михаил Галустян, Арам Хачатурян, Иван Айвазовскай (Айвазян), Кирк Керкорян уо.д.а. Биир омук сыдьааннара буолалларын арааспанньаларыттан эрэ быһаараҕын буолбаат?
Архитектурнай пааматынньыктара эмиэ соннук. Холобура, Гарни диэн сиргэ бара сылдьан, гректэр Эллада кэминээҕи колонналаах периптердэрин курдук храмы көрбүппүт.
- Гректэр баһылаан олорон ааспыттарын бэлиэтэ - Гарни храма
Аны эрмээннэриҥ аан бастакынан, букатын 301 сыллаахха, христианствоны ылыммыт норуот буолар. Онон манна православнай да, католическай да таҥара дьиэлэрэ (церковь, монастырь, храм) дэлэй. Мусульманскай мечеттэр кытта бааллар. Барыта булкаас.
Армения биллэн турар, ханньаагынан аатырар. 1887 сыллаахха Нерсес Таирян диэн атыыһыт Еривань (Ереван) кириэппэһигэр (билигин да онно баар) арыйбыт сыаҕар оҥорон саҕалыыр.
- "Ной" кэмбинээт музейа
1899 с. сатаан кыайбат уонна кыаммат буолан, бэрт барыстаах дьыалатын бырааттыы Шустовтарга туттарар. Олор эбии собуот тутан, бэркэ кэҥээн-тэнийэн эрдэхтэринэ, саҥа олохтоммут сэбиэскэй былаас биисинэстэрин былдьаан ылар уонна “Арарат” диэн ааттаах трест тэрийэр.
Онтон ыла эрмээн “Арарат” ханньаага ССРС атын дойдуларга киэн тутта таһаарар табаара, биллэр брендэ буолар. Дьиҥэр, өрөбөлүүссүйэ иннинэ “Ной” диэн аатынан сураҕыран испит эбит.
Билигин “Ной” уонна “Арарат” дойдуларыгар добуочча дохуоту аҕалар икки бөдөҥ тэрилтэ буолан үүнэн-сайдан тураллар. Этэргэ дылы, Арарат хайа үрдүгэр тахсан быыһаммыт Ной оҥочотуттан (ковчег) тирэхтэнэн, ырыынак балысхан байҕалыгар күрэстэһэр икки улахан хараабылга кубулуйбуттар. Сураҕа, “Арараты” французтар “Pernod Ricard” диэн хампаанньалара атыылаһан ылбыт. Онон да быһыылаах, гидпит биһигини “Ной” кэмбинээккэ, чопчулаатахха, 1877 с. тутуллубут кириэппэскэ сырытыннарбыта. Погребтарыгар, катакомбаларыгар сөҕүмэр улахан дуб буочукалар кыстаммыттар. Олор хастыы эмэ сыл кыынньан уохтаммыт ханньаактарынан, портвейннарынан, виноларынан толорулар.
Ол эрээри ити арыгыларынан эрэ эргинэн, Армения син этэҥҥэ олорор курдук санаамаҥ. Оҥорон таһаарара элбэх эбит: сэлиэһинэйи, винограды, бахча култууратын, сүбүөкүлэни, табаҕы үүннэрэн, саахар, бурдук, фрукта уонна оҕуруот аһын атыылыыр. Хайалаах буоланнар, граниттан, мрамортан, о.д.а. таастартан тутуу матырыйааллары хамаҕатык оҥороллор. Ону сэргэ массыына чаастарын, химическэй суурадаһыннары бэлэмнииллэр.
Биир да муората, ньиэбэ-гааһа суох кыракый дойдуга, бээ, бэркэ дьаһанан олороллор. Сиртэн хостонор баайдара дьадаҥыта, айылҕаларын ресурсата аҕыйаҕа, баҕар, кинилэри суохтан баары оҥорор оҕуруктаах өйдөөх гыммыта буолуо. Ол иһин ханна да тиий – барытыгар эрмээннэр эргитэ-урбата сылдьаллар буолбаат?!
Хата, арассыыйаларга сыһыаннара билигин да үчүгэй. Бука, геноцид кэнниттэн Сэбиэскэй Сойууска холбоспут буолан, нус-хас олоҕу ССРС кэмигэр билэннэр, грузиннардааҕар быдан махталлаахтар быһыылаах. Дэлэҕэ бу күннэргэ премьер-миниистирдэрэ Никол Пашинян сүбэ-ама ыла, Путиҥҥа кэлиэ үһү дуо?
Онон киитэрэй эрээри, уйан дууһалаах эрмээннэргэ туох да саарбаҕа-саабаннааһына суох баран ыалдьыттыахха сөп эбит диэн түмүккэ кэллибит.
- Ереваҥҥа Өрөспүүбүлүкэ болуоссатыгар
Киэмсик картвеллар
Хапкаас хайаларын хахсаат тыала кыраныыссаны ааһарга тута биллэн барбыта... “Суруналыыстарбыт”, -- диэтэхпитинэ, сойуолаһан саҕалыылларын өйдөөн, дьиэ хаһаайкалара, биэнсийэлээхтэр, көннөрү учууталлар, иитээччилэр буолан кубулунан, Грузиябыт сиригэр үктэммиппит.
Картвеллар дойдулара Сакартвело (бэйэлэрэ итинник ааттыыллар) киин куората Тбилиси биһигини Украина былааҕынан “уруйдуу” көрсүбүтэ: кыбартыыралар балконнарыттан тэлимнээбиттэр, дьиэлэр эркиннэригэр ойууламмыттар, быһата, сир аайы ыйаммыттар.
Айдааннаах-майданнаах арҕаа атаспытын өйүүллэрэ өйдөнөр. Бастатан туран, грузиннар хас эмэ уонунан сыллар усталарыгар салайан-дьаһайан олорбут Абхазияларын Арассыыйа тутулуга суох туспа өрөспүүбүлүкэ быһыытынан билиммитэ. Онтон сылтаан 2008 сыллаахха 5 күннээх сэрии буола сылдьыбыта буолбаат? Ол абалара ааһа илик буолан, Украинаттан Крымы ылбыппытын (оччолорго өссө ДНР, ЛНР, Запорожье уонна Херсон уобаластара киирэ иликтэрэ) сөбүлээбэттэрин аһаҕастык биллэрэллэрэ, “Россия – оккупант” диэн менюларыгар кытта суруйбут этилэрэ. Ол гынан баран, гидпит бэйэтэ да эппитэ: “Дьэ, өйдөөн эрэллэр Зеленскэй бэлиитикэтэ сыыһатын, неонацизм фишизмҥа тэҥнээҕин”, -- диэн.
Анараа сылдьан, кырдьык, арассыыйалары абытайдаах агрессордар курдук санаан киирэн бараҕын. Тоҕо диэтэххэ, тэлэбиидэнньэлэрэ оннук көрдөрөр, оттон хаһыаттара биһигини Украинаҕа туох да сылтаҕа суох, сир эрэ былдьаһан, саба түспүппүтүн курдук суруйар. СМИ дьон өйүн-санаатын уларытар, бутуйар, салайар сүдү күүһүгэр онно тиийэн, өссө төгүл итэҕэйэн кэлбиппит.
- Тбилиси кылаабынай болуоссатыгар (Площадь Свободы)
Оннооҕор сэбиэскэй былааһы биир үтүө тылынан ахтыбаттара сөхтөрдө. Ол эмиэ бэйэлэрин суруналыыстарын, бэлиитиктэрин “өҥөлөрө” буоллаҕа эбээт. “ССРС эстиэҕиттэн куһаҕанын эрэ хостуу-хостуу кэпсээбиттэр дуу?” -- диэхпэр дылы.
“Тыый, оттон Сталин уонна Берия бэйэҕит дьоҥҥут дии”, -- диэтэххэ, букатын сирэйдэрэ-харахтара хампарыйа түһэр. Иккиэннэрин олох абааһы көрөллөр эбит. “Дьиҥнээх грузиннар итинник дьаабыламматтар, элбэх киһини өлөрбөттөр, бэйэлэрин норуоттарын атаҕастаабаттар”, -- дииллэр.
Чэ, Берия Абхазияҕа төрөөбүтэ, ол эрээри пааспарынан грузин. Оттон Джугашвили баҕас бэйэлээтэр бэйэлэрин киһилэрэ ини. Уопсайынан, “гордый народ” дииллэрэ, чахчы, аһара киэмсиктэр эбит. Сахалар ханнык баҕарар быһыыга-майгыга, дьоҥҥо-сэргэҕэ, үтүөтүн-мөкүтүн ырытан, ортотун көрө сатыыр айылгылаахпыт. Холобура: “Биллэн турар, Сталин -- хаан олбохтоох баһылык. Хаарыан дьоммутун сиэбитэ. Ол эрээри кинини да өйдүөххэ сөп. Саҥа олохтоммут былааһы салайар-байытар, саҥа холбоспут араас омуктары бииргэ тутар-түмэр олус уустук буоллаҕа эбээт. Ол иһин итинник кырыктаах миэрэлэри ылыннаҕа”, -- эҥин диэн. Оттон грузиннар өһүргэннилэр да, бырастыы гыммат норуот эбит.
- Сталин музейыгар
Сталин төрөөбүт Горитыгар 1950-с сылларга, Берия көҕүлээһининэн, мрамортан дыбарыас тутуллубут -- “отец народов” музейыгар анаан. Ону билигин репрессия сиэртибэлэрин түмэлэ оҥоруохтарын баҕараллар эбит да, куорат дьаһалтата көҥүллээбэт үһү. Тоҕо диэтэххэ, күн ахсын туристар кэлэн көрөр буолан, хааһынаҕа дохуот киирэ турар эбит. Онон, төһө да сөбүлээбэтэллэр, Сталин музейын үлэлэтэллэр.
Ол эрээри биллиилээх киһилэрин биһирээбэттэрин биллэрэн, пааматынньыгын онон-манан быраҕан алдьаппыттар. “Тоҕо маны өрөмүөннээбэттэрий?” -- диэн ыйыппыппытыгар, гидпит аанньа ахтыбатах баҕайытык: “Ким да кини мэҥэ тааһын көрүөн-харайыан баҕарбат”, -- диэбитэ.
Дьиҥэр, төһөтүн да иһин, Бериялаах Сталин дойдуларыгар тутуу бөҕөтүн ыыппыттар эбит. Чэ, холобура, бу мрамор дыбарыас кыракый Гори куорат саамай бастыҥ көстүүлээх эбиэйэгэ буолар. Оттон тулата барыта сэбиэскэй кэминээҕи “хоруопка” дьиэлэр. Контраст. Кырдьык, Сталин кэмигэр архитектураҕа быдан улахан суолта ууруллар эбит. Билиҥҥи диэри Москваны Сталин “высоткалара” эрэ киэргэтэллэр буолбаат?
Ону өлбүтүн кэннэ, “сталинский ампир” диэн кириитикэлээн баран, “Об устранении излишеств в проектировании и строительстве» уурааҕы ылыналлар. Онтон ыла Сэбиэскэй Сойуус киэҥ нэлэмэн туонатыгар биир тииптээх куораттар дьэндэйэн бараллар. Били, Саҥа дьыл аайы көрөр “Ирония судьбы, или С легким паром!” киинэбитигэр курдук...
Тбилиси ортотунан ааһар Кура өрүс кытылларын, быһыттарын, ГЭСтэри – барытын Берия оҥорторбут. Аҥаардас Энгельс-Маркс үөрэҕин чинчийэр институкка анаан туттарбыт дьиэтэ да сөҕүмэр. Билигин ону араб шейхтэрэ атыылаһан, сэттэ (!) сулустаах гостиницаҕа кубулуппуттар.
- Парламент дьиэтин иннэ...
Уопсайынан, Саакашвили бэйэтин кэмигэр итинник хаарыан үчүгэй историческай суолталаах эбийиэктэри омук хампаанньаларыгар, сирдэрин туроктарга атыылаабыт эбит. Таксиспыт: “Коррупционер баара аймахтарыгар кэппиэйкэҕэ биэртэлээбитэ”, -- дии-дии абарар. Кини эрэ буолбатах, кэпсэппит дьоммут бары. Сталин кэннэ иккис сөбүлээбэт киһилэрэ эбит. Президеннии олорон, бэйэтигэр Рейхстаг курдук куполлаах дыбарыаһы туттарбыт. Билигиҥҥи хотун баһылыктара Саломе Зурабишвили онно үлэлээбэт үһү, онон музей курдук көрдөрөллөр эрэ эбит.
- Түспүт ыалбыт дьиэтэ Тбилиси саамай киинигэр баара. Ол түннүгүттэн Саакашвили туттарбыт дыбарыаһа көстөр
“Биһиги дьахтары өрө туппут омукпут. Царица Тамара саҕаттан. Ойохторугар батталлаахтар диэн сымыйа сурах-дойҕох”, -- диэн кэпсиир миэхэ Гоча диэн аргыһым. Кини миигин Тбилиситтэн Владикавказка диэри массыынанан илдьибитэ. Ити байыаннай суол эрэ билигин Грузияны Арассыыйаны кытта ситимниир. Саатар, айанныыр күммүтүгэр Казбек хайаларыттан халҕаһа хаар (лавина) бүөлүү түһэн, сырыы тохтоон, бөлөҕүм дьоно, сөмөлүөттэригэр ыксаан, Армениянан эргийэн барбыттара. Мин атын күҥҥэ билиэттээх буолан, суолу ыраастыылларын күүтэн баран, Грузияттан арахпытым.
- Казбек хайаларын быыстарынан тыргыллар байыаннай суолунан айан
Ол Гоча эдэр сылдьан сэбиэскэй хас да киинэҕэ уһуллубут эбит. “Артыыс үөрэҕим суох эрээри, олох грузинныы сирэйдээх буоламмын, эпизодтарга ыҥыраллара”, -- диир. Ютубтан киинэлэри көрдөрө-көрдөрө: “Бу мин”, -- диэбитэ да, ханныктарын умнан кэбиспиппин.
ССРС састаабар киирэ сылдьыбыттарын кыыһыра-абара кэпсиир (бу Абхазия боппуруоһун кэнниттэн Арассыыйаны сөбүлээбэт иккис төрүөттэрэ диэн быһаардым). “Тыый, сэбиэскэй былаас бырааттыы норуоттары үөрэхтээтэҕэ, сайыннардаҕа, култуураҕа, сырдыкка угуйдаҕа”, -- диибин. Ону Гоча төрүт ылыммат: “Чэ, баҕар, экэнэмиичэскэй бигэ туруктаах олох кэлэн ааспыта, элбэх тутуу барбыта буолуо. Ол эрээри “гордость” диэн баар буолуохтаах. Биһиги Сэбиэскэй Сойууска баҕа өттүнэн холбоспотохпут, күүстэринэн күһэйбиттэрэ. Төһөлөөх элбэх киһибитин репрессия миэлиҥсэтэ мэһийбитэй? Сталин соруйан бэйэтин дьонун “бултаһара”. Атыттарга: “Көр, бу оннооҕор бэйэм омукпар кытаанахпын”, -- диэн көрдөрөөрү. Төрөппүт уолун эмиэ соннук санааттан быыһаабатаҕа. Аҕа дойду сэриитигэр мобилизацияланар кыахтааҕы барыларын ыҥыртарбыта – 500 тыһ. тахса киһини. Ол иһин манна кининэн ким да киэн туттубат”, - диир.
- Уплисцихе -- хайа хаспаҕар куорат
Онуоха мин кинилэргэ эрэ репрессия ыытыллыбатаҕын, биһиги эмиэ саамай чулуу дьоммут түбэһэн, суорума суолламмыттарын, сэриигэ 63 тыһыынча кэриҥэ киһи кыргыһыы толоонугар барбытын, онтон аҥаара төннүбэтэҕин, эмиэ соччо киһи хоргуйан өлбүтүн, ити барыта оччолорго 242 тыһыынчаттан тахса эрэ ахсааннаах сахаларга (уопсай нэһилиэнньэтэ 413,8 тыһ.) төһөлөөх охсуу буолбутун, 390 сыл анараа өттүгэр Арассыыйаҕа холбоспуппутун, ону билиҥҥэ диэри көҥүл өттүнэн дуу, биитэр күһэйэн дуу диэн мөккүһэллэрин, ол эрээри сэбиэскэй былааска холбоһон сайдыбыппытын, Арассыыйаҕа этэҥҥэ олорорбутун кэпсээбиппэр, киһим хараҕын тиэрэ көрөн кэбистэ уонна эттэ: “Биир дьылҕалаах омук эбиппит”, -- дии-дии, куоластыын кытта сымнаан хаалла. Оттон мин, хайдах эрэ, сонньуйа санаатым: “Эмиэ эрмээннэр курдук, бэйэлэрин эрэ саамай атаҕастаммыт, баттаммыт омук курдук сананаллар эбит”, – диэн.
- Сералаах источниктар ууларынан суунарга анаммыт баанньыктар комплекстара
Оо, арай кинилэр былыргы кэмҥэ түбэһэн, биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар олорон көрөллөрө эбитэ буоллар, төһөлөөх киэмсийиэ эбиттэр. Тымныыны кыайбыт улуу омук курдук кэпсэниэ этилэрэ. Хотугу норуоттар (сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, долганнар, чукчалар, о.д.а) наһаа да сэмэй эбиппит. Барытын буолуохтааҕын курдук ылынан, ытаммакка-суламмакка, олоххо тардыһыы күүһүнэн баччаҕа кэллэхпит. Маннык килиимэттээх дойдуга, чахчы, дьон киэнэ мындыра, тулуурдааҕа, дьулуурдааҕа, күүстээҕэ тыыннаах ордон, XXI үйэ үрдүк мындаатыттан ааспыты ырыта, сарсыҥҥыбыт салайса, сайдыыны кытта тэҥҥэ хардыылыы сырыттахпыт. Кылаабынайа, тылбытын, култуурабытын, үгэспитин сүтэрбэккэ, омук быһыытынан симэлийбэккэ – ол биһиги кыайыыбыт, ситиһиибит.
Өбүгэлэрбит барахсаттар барҕа баайы хаалларбыттар эбит – киэҥ да сири! Ити чааһыгар грузиннары, эрмээннэри аһына саныыгын. Аны ол кып-кыра сирдэрэ, бырта сыатын курдук, бээ, олус былдьаһыктаах.
Саха Сиригэр кэлбит хапкаастары хайҕаан бөҕө буолабыт, үлэһиттэрин сөҕөн: “Хара сарсыардаттан хачыгырайаллар”, -- диэн. Онтон анараа тиийэн баран: “Хайа, бу күн ортото буолла, утуйа сыталлар дуу?” -- диэн бэркиһээн аҕай биэрдибит. Олох холку норуоттар эбит. Сарсыарда 7 чааска куорат кураанах. Уулуссаларга хамсааһын, кэлии-барыы 10 чаас диэкиттэн саҕаланар. “Сатаан утуйан турбаккыт дуо?” – диэн ыйытабын Гочаттан. Киэһэ хойукка диэри дьиэтээҕи кыһыл арыгыларын иһэ-иһэ, кэпсэтэ-кэпсэтэ олороллор үһү. Билиҥҥи гаджет, Интэриниэт үйэтигэр тыыннаах сэһэргэһиини үтүө үгэс курдук илдьэ сылдьаллара эмиэ да хайҕаллаах. Ол эрээри наҕыллара бэрт эбит. Дьиҥэр, итиччэ туох барыта үүнэр сиригэр өссө элбэҕи тэрийиэхтэрин, оҥоруохтарын сөбө. Арай наар: “Бу собуот ССРС ыһыллыбытын кэннэ сабыллыбыта, ити фабрика сэбиэскэй былаас саҕана үлэлээбитэ”, -- дииллэрин сонньуйа истэҕин.
Джвари таҥара дьиэтэ (VII үйэтээҕи церковь)
Кинилэргэ тэҥнээтэххэ, биһиги наар бириэмэни баттаһар ыксалыгар сылдьабыт. Ол эмиэ айылҕабыт уратытыттан. Кылгас сайыммытыгар оттоон-мастаан, кыстыкка бэлэмнэнэ охсуохпутун наада. Мэлдьи сарсыҥҥыбытын санаан түбүгүрэбит.
Онон “Орто Азияттан уонна Кавказтан кэлэр гастарбайтердар наһаа үлэһиттэр” диэн аҥаардастыы арбыырбыт соччо оруна суох курдук. Манна харчы өлөрө кэлбит дьон, баҕарбаталлар да, үлэлииргэ күһэллэллэр буоллаҕа дии. Оттон антах арыый атын хартыына эбит. Биһиги, тоҕус ыйы быһа тохтообокко оһох оттор норуот, ама, сүрэҕэ суох буоллахпытый? Кэбис, бэйэбитин намтата санаан бүтүүһүкпүт...
- Арагви уонна Кура өрүстэр силбэһэр сирдэрэ
- 6
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0