Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Аҕа дойду улуу сэриитигэр дойдубут Кыайыы көтөллөнөрүгэр тыыл үлэһиттэрэ сүҥкэн кылааттарын киллэрсибиттэрэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ,  1942 сылтан ССКП чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ, Бойобуой уонна үлэ албан аатын өрөспүүбүлүкэтээҕи кулуубун чилиэнэ Парасковья Петровна Бестинова буолар. Кини Горнай улууһугар үлэлээбит сылларын туһунан 1987 сыллаахха нууччалыы суруйбут ахтыытын уола Владимир Бестинов сахалыы тылбаастаан, биһиги эрэдээксийэбитигэр тиксэрдэ. Онтон быһа тардан таһаарабыт.

Аҕа дойду улуу сэриитигэр дойдубут Кыайыы көтөллөнөрүгэр тыыл үлэһиттэрэ сүҥкэн кылааттарын киллэрсибиттэрэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ,  1942 сылтан ССКП чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ, Бойобуой уонна үлэ албан аатын өрөспүүбүлүкэтээҕи кулуубун чилиэнэ Парасковья Петровна Бестинова буолар. Кини Горнай улууһугар үлэлээбит сылларын туһунан 1987 сыллаахха нууччалыы суруйбут ахтыытын уола Владимир Бестинов сахалыы тылбаастаан, биһиги эрэдээксийэбитигэр тиксэрдэ. Онтон быһа тардан таһаарабыт.

Биир сомоҕо буолан

Саха АССР наркомун сэбиэтэ мин кэргэммин Дмитрий Дмитриевич Бестиновы 1939 сыл атырдьах ыйын саҥатыгар Горнай оройуоннааҕы исполкомун сэкирэтээринэн анаабыта. Онон мин Өймөкөөҥҥө доруобуйа харыстабылын сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорон, Горнайга көспүтүм. Баартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтигэр бибилэтиэкэрдээбитим, кэлин Бэрдьигэстээххэ улахан дьон оскуолатыгар учууталлаабытым.

8

Бу кэмҥэ Германия сэриинэн саба түспүтүн истибиппит. 1941 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр, киэһэ 9 чааска, социалистическай култуура дьиэтигэр миитиҥҥэ мустубуппут. Салайааччыларбыт Германия фашистыы саба түспүтүн, куораттарбытын буомбалаабыттарын туһунан кэпсээбиттэрэ. Бары мустубуттар Аҕа дойдуну көмүскүүргэ, өстөөххө сөптөөх хоруйу биэрэргэ,  баартыйа тула биир ньыгыл кэккэ буоларга быһаарыммыппыт.

Аҕыйах кэминэн сэриигэ ыҥырыы бэбиэскэлэри туттартаан барбыттара. Кэргэним буруоннаах эрээри, үстэ көрдөһүү суруйан, Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Горнайтан тыһыынчаттан тахса киһи боруоҥҥа айаннаабыта. Хомойуох иһин, сүүһүнэн байыас кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэхтэрэ. Үгүстэр хорсуннук сэриилэспиттэрин иһин уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Кинилэр ортолоругар аатырбыт снайпер Степан Ковров, успуорт маастара Семен Дьячковскай о.д.а. бааллара.

Байыаннай балаһыанньа 

Оройуон олоҕо байыаннай балаһыанньа сиэринэн уларыйбыта, учаастактарга үлэ тэтимэ күүһүрбүтэ. Эр дьон сэриигэ  ыҥырыллан, үлэ кырдьаҕастар, оҕолор-дьахталлар санныларыгар сүктэриллибитэ. Тымныыны, хоргуйары умнан туран, «Барыта фроҥҥа, барыта Кыайыыга» диэн луоһуннаах сылдьарбыт. Ыар сыллар этилэр. Оройуоммут экэниэмикэтин сүрүн хайысхата тыа хаһаайыстыбата, сүөһү, сылгы, таба иитиитэ этэ, онно эбии күндү түүлээҕи бултааһын, балыктааһын, таһаҕас тиэйиитэ.

Үлэһит илии тиийбэтэ, хас да сыл субуруччу курааннаабыта, сүөһүнү кыстатыыга күчүмэҕэйдэр үөскээбиттэрэ. Бурдук, хортуоппуй о.д.а.  үүнээйи куура хаппыта.

Оччолорго Бэрдьигэстээхтэн Дьокуускайга диэри уонна нэһилиэктэр икки ардыларыгар массыына суола диэн суоҕа. Нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан хааччыйар туһугар, сылга 600-700 туонна таһаҕас Дьокуускайтан таһыллыахтаах уонна 20-40 көс ыраах сытар нэһилиэктэргэ атынан, табанан тиэрдиллиэхтээх этэ.

1

Атыы-эргиэн салаатыгар 

Сэрии саҕаланыытыгар, мин баартыйа оройкуомун аппараатыгар үлэлиирим. 1941 сыл балаҕан ыйыгар оройкуом бюрота миигин атыы-эргиэн отделын сэбиэдиссэйинэн бигэргэппитэ. Үлэм сарсыарда 8:00 чаастан түүн 12 чааска диэри буолара. Ыраах нэһилиэктэргэ, холкуостарга уһун кэмнээх командировкаларга сылдьарым. Сүрүн үлэм таһынан, оттооһун хаамыытын  хонтуруоллааһыҥҥа «Сиэрпэ» холкуоска оройкуом бэрэстэбиитэлинэн анаммытым. 

Атыы-эргиэн салаатыгар оройуоннааҕы потребуопсастыба бырабылыанньатын кытары ыкса  үлэлээбиппит. Бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Евстифеев этэ. Үлэбинэн Дьокуускайга үгүстүк сылдьарым. «Холбос» бырабылыанньатыгар элбэх  боппуруоһу, ол иһигэр,  холкуостаахтарга бурдук лимиитин эбэри, таһаҕаһы Бэрдьигэстээххэ массыынанан тиэрдэри туруорсарым.

1943 с. Иннокентий Васильевич Чурапчы райпотун бэрэссэдээтэлинэн ананан барбыта, инньэ гынан, оройуон салалтата кини оннугар миигин райпо бэрэссэдээтэлинэн анаабыта. Соҕотуопкаҕа солбуйааччым Иннокентий Тимофеев, атыыга-эргиэҥҥэ солбуйааччым, сүрүн буҕаалтыр Федор Пахомов этилэр. Үлэни күүһүрдэргэ соцкүрэхтэһиилэри тэрийэрбит, кыбаартал аайы кыайыылаахтарга бириэмийэ туттарарбыт. Хаалыылаахтарга көмө оҥорорбут.

Сүөһүнү-сылгыны, табаны иитии, ону сэргэ таһаҕаһы тиэйии, бултааһын, балыктааһын курдук оройуон кыһыҥҥы хаһаайыстыбаннай үлэтэ биһиги санныбытыгар сүктэриллэрэ. Онон дьону үлэҕэ көҕүлээн, булчуттар, балыксыттар, куруусчуттар ортолоругар күрэхтэһиилэри тэрийэрбит.

2 1

Усулуобуйа ыарахан этэ

Дьон олус ыарахан усулуобуйаҕа, аччык сылдьан үлэлиирэ. Үлэ барыта хары күүһүнэн буолара. Судаарыстыба пуондатыттан холкуостаахтарга ыйга 3-4 киилэ бурдук бэриллэрэ. Килиэп оробуочайдарга күҥҥэ 600 грамм, сулууспалаахтарга 400 грамм, оҕолорго 300 грамм көрүллэрэ. 

Барыта 200-чэкэ булчут баара, былааннарын аһары толороллоро. Сыллата 600-700 тыһ. солк. суумалаах «сымнаҕас көмүһү» туттараллара. Бэрдьигэстээхтэн уонна нэһилиэктэртэн Дьокуускайга күндү түүлээҕи, тириини, сир аһын киллэрэрбит, куораттан бурдугу, куруппаны, тууһу, саахары о.д.а таһарбыт.

1943 сылга ыраах нэһилиэктэри бурдугунан хааччыйыыга ыарахан балаһыанньа үөскээн, хас биирдии үлэһит атынан 3, табанан 2 сэнтиниэр таһаҕаһы таһар ирдэбилин туруорбуппут. Оҕустары таһынан, ынахтары кытары көлүйэргэ быһаарыммыппыт. Оннук дьаһанан, уонча хонугунан ыраах нэһилиэктэри киин ыскылааттан бурдугунан уо.д.а. табаарынан хааччыйары ситиспиппит.

Оройуон киинигэр алта аты туруоран, бэкээринэни, остолобуойу, маҕаһыыннары, хонтуоралары уунан, оттук маһынан тохтоло суох хааччыйбыппыт. 

Миэхэ Бэрдьигэстээх маҕаһыынын сэбиэдиссэйин Екатерина Голованенко аккырыыкката баар. Онно Маҕараска айанныырбытын, сыарҕаҕа 100 киилэ ыйааһыннаах табаары эбии ылар туһугар, 10 көһү сатыы хаамарбытын ахтыбыт.

3 1

Дьон түмсүбүтэ

Кырдьаҕастары, дьахталлары, оҕолору түмэн, күһүн, кыһын муҥхалаан, саас куйуурдаан нэһилиэнньэҕэ түҥэтэрбит, ордугун судаарыстыбаҕа туттаран,  дохуот оҥосторбут. Күүстээх үлэ Солоҕоон, Мытаах, Маҕаны уо.д.а. күөллэргэ ыытыллара. Отону, тэллэйи хомуйууга улахан көмөнү оскуола оҕолоро, дьиэ хаһаайкалара, кырдьаҕастар оҥороллоро, өрөбүллэргэ сулууспалаахтар, остолобуой, бэкээринэ үлэһиттэрэ  кыттарбыт.

Райпоҕа чиэһинэй, үлэлэригэр бэриниилээх дьон элбэх этилэр. Холобур, бэкээринэ сэбиэдиссэйэ Николай Голованенко, маҕаһыын сэбиэдиссэйинэн, киин ыскылаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Степан Павлов, хаһаайыстыбаннай сэбиэдиссэй Николай Андреев, уҥа илиим, солбуйааччым Николай Иванов.

Бары да тэрилтэлэргэ туох да үлэттэн толлубат, туора турбат, толоругас дьон элбэхтэрэ, кинилэр бары биир сомоҕо күүс буолан Улуу Кыайыыга кылааттарын укпуттара.

1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр ударник-стахановецтары мунньан сүлүөт тэрийбиппит. Манна булчуттар, таһаҕас таһааччылар, балыксыттар, сир аһын хомуйааччылар, соҕотуопка үлэһиттэрэ бары бааллара. Бу биһиги саамай үөрүүлээх күммүт, түөрт сыллаах кыайыыга дьулуспут, төһүү күүс оҥорбут үлэбит түмүгэ этэ.

5

Сэрии кэнниттэн

Кэргэним аармыйаттан 1945 сыллаахха кэлбитэ. Аммаҕа борокуруорунан анаммыта. Мин биир сыл райпоҕа үлэлээн баран, Амма оройуонун «На стройке социализма» хаһыатыгар эппиэттээх сэкирэтээринэн анаммытым. Кэлин хаһыат «На стройке коммунизма» диэн ааттаммыта. Ити кэмтэн хаһыакка уонна араадьыйаҕа 30-ча сыл үлэлээбитим.

Билигин кыыстаах, уол оҕолоох, 10 сиэннээх, 6 хос сиэннээх улахан, дьоллоох ыалбыт. Арай, уоттаах сэрии ыарахан сылларыгар Горнай оройуонугар бииргэ үлэлээбит доҕотторбун кытары 42 сыл тухары билсибэтэҕим хомотор...

9

Түмүккэ

Сэрии ыар сылларыгар Горнай оройуонун олохтоохторо хоргуйары, тоҥору-хатары, тиийиммэти, доруобуйаны энчирэтэри аахсыбакка туран, туох баар күүстэрин Кыайыыга анаан үлэлээбиттэрэ. Маннык тыыл баар буоллаҕына, биһиги норуоппут хаһан да хотторуо суоҕа. Маны аныгы ыччат биир ньыгыл санаанан өйдүөх тустаах.

Биһиги Улуу дойдубут өссө киэркэйдин, күүһүрдүн! Аан дойдуга Эйэ, Дьол өрүү баар буоллун!

6

Бэчээккэ бэлэмнээтэ  Галина МАТВЕЕВА

Хаартыскалар: Бестиновтар дьиэ кэргэн архыыбыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением