Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -25 oC

Бу күннэргэ Саха Сиригэр Ийэ күнүн бэлиэтээтибит. Аныгы кэмҥэ тоҕо эрэ үгүс ийэ биир-икки оҕонон тохтоон хаалар, сорохтор муҥутаан үс-түөрт оҕолоноллор. Ол да буоллар, өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар аҕыстыы, онтон да элбэх оҕолоох ыаллар бааллар. Биир оннук дьиэ кэргэнинэн Өлүөхүмэ улууһун Даппарай нэһилиэгин олохтоохторо Торговкиннар буолаллар. Улахан дьиэ кэргэн аҕыс оҕоҕо таптал, дьол уйата буолаллар. Ыал далбар хотуна Любовь Симовна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үһүс истиэпэннээх «Ийэ албан аата» бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Кэргэнэ Степан Афанасьевич нэһилиэк биир тутаах киһитэ, дэгиттэр уус, сатабыллаах хаһаайын быһыытынан биллэр, эрэнэр эркиннэрэ.

Бу күннэргэ Саха Сиригэр Ийэ күнүн бэлиэтээтибит. Аныгы кэмҥэ тоҕо эрэ үгүс ийэ биир-икки оҕонон тохтоон хаалар, сорохтор муҥутаан үс-түөрт оҕолоноллор. Ол да буоллар, өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар аҕыстыы, онтон да элбэх оҕолоох ыаллар бааллар. Биир оннук дьиэ кэргэнинэн Өлүөхүмэ улууһун Даппарай нэһилиэгин олохтоохторо Торговкиннар буолаллар. Улахан дьиэ кэргэн аҕыс оҕоҕо таптал, дьол уйата буолаллар. Ыал далбар хотуна Любовь Симовна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үһүс истиэпэннээх «Ийэ албан аата» бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Кэргэнэ Степан Афанасьевич нэһилиэк биир тутаах киһитэ, дэгиттэр уус, сатабыллаах хаһаайын быһыытынан биллэр, эрэнэр эркиннэрэ.

Улахан ыал ийэтэ Любовь Симовна Булуҥ улууһун Күһүүрүттэн төрүттээх, оттон кэргэнэ Өлүөхүмэ Кыыллааҕыттан. Биһиги хаһыаппытыгар Любовь Симовна дьиэ кэргэнин төрүттэниитин, оҕону иитии кистэлэҥнэрин туһунан сэһэргээтэ. 

Дьокуускайга төрүттэммит ыал

Степан биһикки 1999 сыллаахха Дьокуускай куоракка, 29 №-дээх ОПТУ-га үөрэнэ сылдьан билсибиппит. Манна иккиэн буҕаалтыр идэтигэр үөрэнэр кэммит этэ. 2001 сылга ыал буолбуппут. Билигин кэргэним «ОДьКХ»  ГУТ Даппарайдааҕы салаатыгар силиэсэрдиир. Мин А.П. Бахсыров аатынан Кыыллаах орто оскуолатыгар алын кылаас учууталабын, билигин кыра оҕобун көрөн олоробун.

Билигин улахаттарбыт номнуо үлэһит дьон. Оҕолор  үөрэхтэригэр үчүгэйдэр. Улахан уолбут Артем 23 саастаах, оскуолатын «кыһыл көмүс» мэтээлинэн бүтэрэн, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбүрсүөт  математика уонна информатика үнүстүүтүн бүтэрбитэ. Билигин аармыйаҕа сулууспалыыр.

Иккис уол Айгылаан 22 саастаах. Тохсус кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы П.И. Дудкин аатынан Сибээс уонна энэргиэтикэ кэллиэһигэр үөрэнэн, баһаартан сэрэхтээх буолуу электромонтерын идэтин баһылаабыт. Ол кэнниттэн аармыйаҕа сулууспалаан Ийэ дойдутугар ытык иэһин төлөөн кэлбитэ, билигин Даппарайга ДЭС-кэ үлэлиир.

18 саастаах  Николай М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбүрсүөт геолог-чинчийэр факультетыгар ньиэп-гаас дьыалатыгар үөрэнэр.

Онтон Сим 14 саастаах, Кыыллаах орто оскуолатыгар ахсыс кылааска үөрэнэр. Амина 14 сааһа, алтыс кылааска үөрэнэр, Амелия 10 саастаах, төрдүс кылаас үөрэнээччитэ. Оттон икки кырачааннар “Кыталык” уһуйаан иитиллээччилэрэ. Степа билигин 5-тээх, Камила 1 сааһын 7 ый ааста.

2

Бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан

Оҕолор бары араас майгылаахтар. Ким сытыы-хотуу, ким киэҥ-холку. Оскуолабыт оҕолоро сайын аайы сынньалаҥ лааҕырыгар сылдьаллар. Онно элбэххэ үөрэнэллэр, саҥаны билэллэр, дьарыктаах буолаллар, сайдаллар. Аныгы кэм сиэринэн, төлөпүөн көрөллөр, оонньууллар эрээри, аһара үлүһүйбэттэр. Кыралары көрөр кэмнэригэр, дьиэ иһигэр-таһыгар үлэлииллэригэр, көмөлөһөллөрүгэр, уруок ааҕалларыгар төлөпүөннэрин төрүт туппаттар, аралдьыйбаттар. Аҕабыт үлэлииригэр уолаттарын бэйэтин кытта тэҥҥэ илдьэ сылдьар, кыргыттар миэхэ илии-атах буолан туһалыыллар. Ол курдук, улахан кыыс номнуо туортары, бөрүөктэри, пиццалары астаан чугас дьонун күндүлүүр.

Күннээҕи түбүк, дьаһал бүппэт. Барыларын оскуолаҕа, уһуйааҥҥа атааран баран, дьиэ иһинээҕи түбүк саҕаланар. Эбиэт кэнниттэн үөрэнээччилэр эбии дьарыктарга тарҕаһаллар. Оттон ийэ киһи сынньалаҥ кэммэр иистэнэбин, араас бурдук ас оҥоробун.

Аһаҕастык кэпсэтэргэ үөрэтэбин 

Онон хас биирдии күн — бэлиэ күн. Элбэх оҕолоох дьоҥҥо күн аайы туох эмит ситиһии, туспа үөрүү баар буолар. Оҕолорбут улахан да, кыра да ситиһиилэрэ — дьол!

Манна даҕатан эттэххэ, аҕыс оҕолоох ыал буолуохпут диэн санаабытыгар да суоҕа. Ол эрээри, иккиэн элбэх оҕолоох ыалтан төрүттээх буоламмыт, куттамматахпыт. Ол курдук, мин биэс оҕоттон саамай кыраларабын, кэргэним эмиэ биэс оҕолоох ыал орто оҕото. Олус иллээх, үлэни өрө тутар, улахан дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыаннаах гына иитиллибиппит билигин бэйэбитигэр төһүү күүс буолар. Ийэлэрбит биһигини кытары араас тиэмэлэргэ кэпсэтэллэрэ. Ол даҕаны иһин буолуо, мин эмиэ оҕолорбун кытары аһаҕастык кэпсэтэргэ үөрэтэбин. Билиҥҥитэ миигиттэн кистэлэҥнэрэ, эппэккэ мучумааннанар боппуруостара суохха дылы.

Киһи киһиэхэ сыһыанын, уол уонна кыыс доҕордоһууларын туһунан, уопсайынан, улаатан эрэр оҕолору долгутар тиэмэлэри сэҥээрэллэр. Бэйэм эмиэ үөрүүбүн-хомолтобун, күннээҕи кыһалҕалары кинилэргэ этэбин, онуоха туох санаалаахтарын ыйытабын, сүбэ көрдүүбүн. Оччоҕо оҕо дьиэ кэргэн олоҕор улахан оруоллааҕын өйдөөн, эппиэтинэстээх буолар, төрөппүттэригэр чугаһыыр, көмөлөһө сатыыр, барыларыгар кыһамньыта улаатар. Маннык сыһыан инникитин тус олохторугар туһалаах буолуо.

4

Үлэ – үчүгэй иитээччи 

Биһиги дьиэ кэргэн үлэни өрө туппут ыалбыт. Үлэ оҕо иитиитигэр сүрүн оруолу ылар, төһүү күүс буолар. Урут оҕолорбут кыраларыгар барытыгар бэйэбитин кытары илдьэ сылдьар этибит. Онон, кыра саастарыттан бэйэбитин кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлээн улааппыт буолан, оҕолорбут киһи үлэтин, сыратын сыаналыыллар, хара үлэ маннык буолар диэн билэллэр. Уолаттар бэйэлэрэ мас хайытан, кыстаан, муус көйөн, тыраахтарынан тиэйэн аҕалаллар, тас үлэни барытын бэйэлэрэ оҥорон кэбиһэр үөрүйэхтээхтэр.

Уопсайынан, ас хантан кэлэрин эттэринэн-хааннарынан билэ улаатан эрэллэр дии саныыбын. Ол иһин, үп-харчы өттүгэр эмиэ олус харыстабыллаах сыһыаннаахтар. Кыргыттарга дьиэ иһинээҕи үлэ сүктэриллэр. Бары ас астыыллар, дьиэлэрин көрөллөр-харайаллар, сууйаллар-сотоллор.

Элбэх оҕолооҕум олус үчүгэй. Оҕо оҕоттон үөрэнэр, бары бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр, харайсаллар.

Хоту сир ыччата – айылҕа оҕолоро. Ол сиэринэн оҕолорбутун бэйэлэрин кыаналлар, успуорка сыстаҕастар. Сааһын хаҥкылыыллар, хайыһардыыллар, сайынын от-мас үлэтэ бэйэтэ эрчиллии, кыһынын үлүһүйэн  волейболлууллар, баскетболлууллар.

Киһи сатаабатаҕа диэн суох буоллаҕа дии. Баҕа эрэ наада. Ылыстахха, туохха барытыгар үөрэниэххэ сөп. Билбэккин дьонтон сүбэлэтэҕин, ардыгар интэриниэтинэн  маастар-кылаас ылабын. Оттон аныгы оҕолор отой сайдыылаахтар. Бэйэлэрэ куйаар ситимиттэн үөрэнэн соһуталлар.

Элбэх оҕону көрүү-истии, иитии, дьарыктааһын биир оҕону көрөрдөөҕөр чэпчэки дии саныыбын. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр, илии-атах буолсаллар, өйөнсөллөр.

Бары бииргэ тыаҕа, айылҕаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт, төрөөбүт күннэри бииргэ олорон ылабыт. Дьиэ кэргэн бырааһынньыктара ордук оҕолору сомоҕолуурга көмө буолаллар. Холобур, Саҥа дьылы ордук оҕолор сөбүлүүллэр.

Судаарыстыба  өйөбүлэ кэҥиир

Урут, улахаттар кыра эрдэхтэринэ, судаарыстыбаттан көмө суоҕун кэриэтэ этэ. Харчы өттүнэн ыктарарбыт. Арыт ыйы-ыйдаан хамнас кэлбэт этэ. Билигин судаарыстыба көмөтө кэҥээтэ. Ол курдук ийэ хапытаалын туһанан дьиэлэннибит. Сир ылыахпыт этэ диэн сайабылыанньа биэрбиппит, билигин хардата кэлэ илик эрээри, испитигэр сэмээр эрэнэ күүтэбит. Оччотугар улахан уолаттарбыт дьиэ-уот туттуо этилэр.

Бу 2024 сылы дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитин истэн, олус үөрбүппүт. Элбэх оҕо — дьол, норуот кэскилэ, инникитэ. Ону өйдөөн өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут салалталара көдьүүстээх көмөнү, өйөбүлү оҥороллор.

Биһиги дьолбут – оҕолорбутугар. Ийэ буолар – бу саамай улахан дьол, ону кытары эппиэтинэс уонна биир да күн өрөбүлэ суох үлэ. Ааспыт Ийэлэр күннэринэн бары кэрэ аҥаардары эҕэрдэлиибин. Кытаанах доруобуйаны, тулууру, дьиэ кэргэҥҥитигэр табыллыыны уонна тапталы баҕарабын.

3

Галина МАТВЕЕВА

Хаартыскалар Торговкиннар дьиэ кэргэттэрин архыыбыттан

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением