Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю с Днем народного мастера!
Этот уникальный праздник посвящен хранителям духовного наследия, носителям материальной культуры земли Олонхо. Это кузнецы, ювелиры, косторезы, резчики по дереву, мастерицы-рукодельницы и все талантливые умельцы, чья жизнь связана с народным прикладным искусством и традиционными художественными промыслами.
На данный момент в Якутии 275 человек носят высокое звание «Народный мастер Республики Саха (Якутия)», 606 человек – звание «Мастер народных художественных промыслов Республики Саха (Якутия)». Из года в год увеличивается число их последователей в самых разных уголках нашего северного края. Опытные мастера обучают своему делу как детей, молодых людей, так и взрослое население.
Примечательно, что институт наставничества народных мастеров, сложившийся исторически, позволяет передать художественные, бытовые, семейные, патриотические традиции из поколения в поколение. В этом большая роль принадлежит объединениям мастеров, которых сегодня насчитывается 112 по всей республике. Повсеместно открываются дома ремесел и центры народных художественных промыслов.
Традиционно в эти первые весенние дни проводятся масштабные мероприятия: выставка-ярмарка «Якутия мастеровая», выставка эталонных изделий, форум, конкурсы профессионального мастерства и торжественное шествие в национальных костюмах. В этом году они приурочены к 30-летию образования Галереи народного искусства «Симэх», Году педагога и наставника в России, Году Труда в республике.
От галереи до национального центра прошел путь становления «Симэх». На данный момент в фонде собрано более 300 эталонных образцов различных видов народных художественных промыслов.
В Год культурного наследия народов России мы впервые вручили ежемесячные стипендии Главы республики носителям традиционной культуры, в том числе мастерам кузнечного дела. Стипендии будут присуждаться ежегодно. И в дальнейшем в нашей республике сохранение, возрождение и развитие народных художественных промыслов останется одной из приоритетных государственных задач.
В этот замечательный день позвольте выразить глубокую признательность и уважение всем мастерам, энтузиастам и тем, кто продвигает их идеи, помогает реализовать проекты. Желаю творческого вдохновения, плодотворной работы, успехов в созидательном труде, счастья и благополучия!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Норуот маастарын күнүнэн эҕэрдэтэ
Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан барыгытын Норуот маастарын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу ураты бырааһынньык духуобунай баайбытын, Олоҥхо сирин матырыйаалынай култууратын эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит ытык дьоммутугар – тимир уустарыгар, көмүс уустарыгар, муосчуттарга, маһынан уһанааччыларга, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрбитигэр, норуот илиинэн оҥоһуктарын искусствотын уонна үгэс буолбут уус-уран оҥоһуктары кытта олохторун ситимнээбит бары дьоммутугар ананар.
Бүгүн Саха сиригэр “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара” үрдүк ааты 275 киһи, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара” ааты 606 киһи сүгэр. Биһиги хотугу кыраайбыт араас муннугар кинилэри утумнааччылар ахсааннара сылтан сыл элбээн иһэр. Уопуттаах маастардар бэйэлэрин сатабылларыгар оҕолору, эдэр ыччаты сэргэ улахан дьону эмиэ уһуйаллар.
Норуот маастардара айар-тутар уус-уран дьоҕурдарын, олоххо-дьаһахха, дьиэ кэргэҥҥэ үгэс буолбут үөрүйэхтэрин, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сиэрин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Онуоха маастардар холбоһуктара улахан сабыдыаллаах, өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүн 112 итинник холбоһук баар. Илиинэн оҥоһуктар дьиэлэрэ, норуот уус-уран оҥоһуктарын кииннэрэ ханна барытыгар арыллаллар.
Үгэс быһыытынан сандал саас бастакы күннэригэр киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэр: “Саха сирин уран уустара” быыстапка-дьаарбаҥка, эталон оҥоһуктар быыстапкалара, форум, биир идэлээхтэр куонкурустара, үөрүүлээх быһыыга-майгыга национальнай таҥастаах сэлэлээн хаамыы ыытыллаллар. Быйыл бу тэрээһиннэр “Симэх” Норуот искусствотын галереята тэриллибитэ 30 сылыгар, Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы сылыгар, Саха сиригэр Үлэ сылыгар ананаллар.
“Симэх” галереяттан национальнай кииҥҥэ тиийэ суолу тэлэн кэллэ. Бүгүн бу киин пуондатыгар норуот уус-уран оҥоһуктарын араас көрүҥнэрин эталона буолар 300-тэн тахса оҥоһук хомулунна.
Россия норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын сылыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ыйын ахсын бэриллэр стипендиятын төрүт култуурабытын үйэтитээччилэргэ, ол иһигэр тимир уустарыгар, аан бастаан туттарбыппыт. Стипендия сылын ахсын ананыаҕа. Мантан салгыы өрөспүүбүлүкэбитигэр норуот уус-уран оҥоһуктарын чөл хаалларыы, сөргүтүү уонна сайыннарыы судаарыстыба тумус соруктарыттан биирдэстэринэн буолуоҕа.
Бу кэрэ-бэлиэ күн талба талааннаах маастардарбытыгар, энтузиастарга, кинилэр идеяларын, бырайыактарын олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр дьоҥҥо – бука барыгытыгар дириҥ билиниибин уонна ытыктабылбын тиэрдэбин. Айар алып умсулҕана угуйа турдун, айымньылаах үлэҕит таһаарыылаах буоллун! Ситиһиилэри, дьолу-соргуну, уйгулаах олоҕу баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0