Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Бэрт сотору кэминэн үрдүк уонна орто анал үөрэхтэргэ туттарсыытын үгэнэ саҕаланыа. Саха Сиригэр орто анал үөрэх кыһатын ортолоругар биир бастыҥ уонна абитуриеннар ортолоругар киэҥник биллэр Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ колледжа буолар. Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ, ону ааһа баран Сибиир үрдүнэн бастыҥнар ахсааныгар турар колледж үлэтин-хамнаһын, инники былааннарын туһунан тэрилтэ дириэктэрэ Дмитрий Алексеев кэпсээтэ. Сэһэргэһиибит саҕаланыытыгар быйылгы үөрэх дьылыгар туттарсыы туох, ханнык уратылааҕар болҕомтотун уурда.

Бэрт сотору кэминэн үрдүк уонна орто анал үөрэхтэргэ туттарсыытын үгэнэ саҕаланыа. Саха Сиригэр орто анал үөрэх кыһатын ортолоругар биир бастыҥ уонна абитуриеннар ортолоругар киэҥник биллэр Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ колледжа буолар. Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ, ону ааһа баран Сибиир үрдүнэн бастыҥнар ахсааныгар турар колледж үлэтин-хамнаһын, инники былааннарын туһунан тэрилтэ дириэктэрэ Дмитрий Алексеев кэпсээтэ. Сэһэргэһиибит саҕаланыытыгар быйылгы үөрэх дьылыгар туттарсыы туох, ханнык уратылааҕар болҕомтотун уурда.

Усутудьуон үөрэнэр болдьоҕо аччыыр

– Быйылгы үөрэх дьыла урукку сыллардааҕар кэккэ уларыйыылардаах. Холобур, мэдиссиинэ колледжа тэриллибитэ 117-с сылын бэлиэтиир. Тэриллиэҕиттэн улахан база оҥоһулунна. Арассыыйа үрдүнэн орто үөрэх тэрилтэлэрэ бэлэмнээн таһаарар идэлэригэр (оптикаттан ураты) барытыгар үөрэтэбит. Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ колледжыгар 11-с кылаас кэнниттэн аттестат түмүгүнэн ылабыт, кэтэхтэн үөрэнии суох.

Билиҥҥи туругунан 2142 устудьуоннаахпыт, олортон 546-та быйылгы үөрэх дьылыгар бүтэрэр.  Урукку федеральнай үөрэхтээһин ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, устудьуоннарбыт 2 сыл 10 ый уонна 3 сыл 10 ый болдьохтоох үөрэх бырагырааматын баһылыыллар. Быйыл уратыта диэн, үөрэххэ туттарсааччылар сыл иһигэр кылгас болдьоххо үөрэниэхтэрэ. Ол эбэтэр, сыл 10 ый иһигэр саҥа идэни ылыахтара. Урукку 1400-тэн тахса үөрэх чааһа аччаабыта, онон билигин үөрэх бырагырааматын уларытарга күһэллэбит. Үөрэх дьыла тэтимирбитинэн, бастакы күнтэн ыла  быраактыка көрүҥэ киириэхтээх, ол эбэтэр балыыһаларга, поликлиникаларга быраактыка  чааһа элбээн киирэн биэрэр. Ону таһынан, ким баҕалаах эбии идэни баһылыыр кыахтанар. Ол курдук, массажист, косметолог, ыарыһаҕы көрөөччү (сиделка), мэдиссиинэ сиэстэрэтэ идэлэргэ үөрэтэбит. Бу маны барытын сиһилии биһиги саайпытыгар киирэн билсиэххэ сөп.

Быйыл хас оҕо бүддьүөттээх уонна төлөбүрдээх миэстэҕэ үөрэнэрэ чопчу быһаарылла илик, СӨ Бырабыыталыстыбатын тустаах уурааҕынан бигэргэниэхтээх. Уураах бырайыагынан, былырыыҥҥытааҕар  бүддьүөттээх миэстэ 100-нэн аҕыйаабыта, итиннэ улуус балыыһаларыттан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр түһэрэр сайаапкаларыттан тутулуктанар.

 10

11 улууска саҥа идэҕэ үөрэниэххэ сөп

- Киин куораты таһынан, өрөспүүбүлүкэбит 11 улуустарыгар филиаллардаахпыт. Былырыын Чурапчыга, Уус-Алдаҥҥа уонна Тиксиигэ аһыллыбыттара. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ ыраах сытар, айан-сырыы суол төлөбүрүн уйунар кыаҕа суох төрөппүттэргэ олус туһалаах. Үксүн дьиэ-уот тэриммит, оҕо төрөппүт дьиэ кэргэттэр улуустарынан үөрэ-көтө саҥа идэни баһылыыллар уонна дипломнарын тутаат, төрөөбүт дойдуларыгар салгыы үлэлии хаалаллар. Түгэнинэн туһанан улуус дьаһалталарыгар, киин балыыһалар уонна оскуола кэлэктииптэригэр махталбын тиэрдэбин. Ити курдук баҕа санаалара туолан, махтал тыллары тиэрдээччи ахсаана сыл ахсын үксүүр. Холобур, өр сылларга санитаркалаабыт биир ыал ийэтэ мэдиссиинэ сиэстэрэтэ буолбутуттан махтанан турардаах. Он сэргэ элбэх оҕолоох ийэлэрбит эмиэ үөрэнэллэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ саҥа мэдиссиинэ аппаратуурата киирэн, хамнас үрдээн, мэдиссиинэ үөрэхтээһинин ылыан баҕалаах ахсаана  элбиир.

 5

Үөрэххэ киирэргэ туох ирдэнэрий?

– Быйыл кулун тутар 1 күнүгэр саайпытыгар үөрэххэ тутарсыыга саҥа балаһыанньа бигэргэнэн тахсыбыта. Холобур, абитуриеннар быйыл эбии бааллары туһаныахтарын сөп. Итини таһынан быйыл анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Тулаайах оҕолорго үөрэххэ туттарсыы усулуобуйата эмиэ уларыйбыта.

Быйылгыттан мэдиссиинэ эйгэтигэр үлэлии киириэн баҕалаахтар ирдэбил быһыытынан анал тест толоруохтара. Психологтар араас уруһуйдары уруһуйдатыахтара, интэриэһинэй ыйытыктары биэриэхтэрэ. Бэлэмнэнэн көрүөн баҕалаахтар, билигин удамыр сыанаҕа анал тест ааһыаххытын сөп.

Бэс ыйыттан выпускниктарга күнүскү лааҕыр аһыллан үлэлиэҕэ. Манна сылдьыбыт оҕолорго үөрэххэ туттарсарга эбии баал көрүллэр. Бу былырыыҥҥыттан киирбит саҥа сүүрээн. Лааҕырга күнүскү өттүгэр сылдьаллар, миэстэтигэр мэдиссиинэ эйгэтин кытта тутатына билсэн, интэриэстэрэ күүһүрэн, сөптөөх идэни талбыттарын бигэргэтэллэр. Талааннаах, ситиһиилээх оҕолорго эбии баал көрүллүөҕэ, онон сэртипикээттэрин, дипломнарын оҕолор докумуоннарыгар сыһыаран ыыталларын умнубатыннар.

 8

Төрөппүттэргэ сүбэлиибит

– Аныгы кэм ирдэбилинэн, билигин үөрэххэ туттарсыы электроннай көрүҥүнэн эмиэ ыытыллар. Абитуриеннар докумуоннарын араас көрүҥүнэн туттарыахтара: колледжка бэйэлэрэ кэлэн, электроннай ньыманан абитуриент тус кэбиниэтинэн (личный кабинет), докумуон тутар хамыыһыйа аадырыһыгар ыытан. Онон төрөппүттэр долгуйбакка, оҕо тус дьыалатын ыытарын хонтуруоллуургут эрэ ирдэнэр. Докумуон тутуута эмиэ туспа болдьохтоох. Хомойуох иһин, хойутаан докумуону тиксэриитэ кытта баар буолааччы. Маны таһынан, биир оҕо биэс колледжка докумуонун ыытар бырааптаах. Кэмниэ кэнэҕэс, үөрэх тэрилтэтин талымастыы сылдьан бигэргэммит болдьоҕу куоттарыахтарын сөп. Ити биһиги ирдэбилбит буолбатах, хас биирдии оҕо докумуона Москубаҕа биир кэлим федеральнай информационнай ситимҥэ киирэр, онон докумуонун төнүннэрдэҕинэ, иккистээн туттарар кыах бэриллибэт. Колледжка киириэн баҕалаах оҕо аҕыс идэттэн икки идэҕэ докумуонун биэриэхтээх. Холобур, фельдшер уонна мэдиссиинэ сиэстэрэтэ, эбэтэр лаборатория үлэһитэ.

14
Ардыгар оҕо докумуоннарын куоппуйаларын туттарар, оттон оригиналын дойдутугар хаалларбыт түгэнэ баар буолааччы. Ыраах сытар улуустартан хаһан аргыс булан, докумуон ыытыахтарыгар диэри докумуон туттарыы болдьоҕун куоттараллар.

Мэдиссиинэ ыспыраапкатын толотторор кэмҥэ эмиэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ. Ыарытыйар оҕону ханнык да балыыһаҕа үлэҕэ ылбаттар, ол эмиэ үлэ биэрээччи балаһыанньатыгар чопчу ыйыллыбыта. Онон төрөппүттэр, саайка киирэн оҕоҕутун кытта туһааннаах балаһыанньаны үчүгэйдик үөрэтин, долгуйуман, ыксааман. Эбии ыйытыктар баар буоллахтарына, саайка киирэн «Задай вопрос директору» диэн анал электроннай хоско киирэн ыйытыыларгытын суруйуҥ. Киирбит бары ыйытыктарга официальнайдык хоруй биэрэбит. Мэдииссинэ колледжыгар үөрэх очно эрэ барар. Дистанционнай, заочнай көрүҥнээх үөрэхтээһин суох, онон миэстэтигэр эбэтэр саайпытыттан сиһилии сонуннары, докумуоннары билсиҥ.

 13

Уопсайынан хааччыйабыт

Биһиги устудьуоннарбыт миэстэтигэр колледжка үөрэнэллэр. Маныаха бары усулуобуйа тэриллэр. Уопсайга миэстэ бүддьүөт миэстэтигэр киирбиттэргэ, атын ыраах сытар улуустартан сылдьар абитуриеннарга көрүллэр. Бастакы уочарат уопсайга миэстэ тулаайах оҕолор, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго, оҕо эрдэхтэриттэн инбэлииттэргэ, 1 уонна 2 группаалаах инбэлииттэргэ, сокуон хараҕынан чэпчэтиинэн туһанааччылар га көрүллэр. Итини таһынан ханнык баҕарар мэдиссиинэ орто анал идэтигэр төлөбүрдээх көрүҥүнэн эмиэ үөрэниэххэ сөп. Маныаха быйылгыүөрэх дьылыгар 500  үөрэх миэстэтигэр сайаапка түһэрдибит.

Арассыыйа үрдүнэн биһиги колледжпыт эрэ үлэ миэстэтинэн хааччыйар, ол эбэтэр үлэ булан биэрии быраактыката үлэлиир. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нөҥүө быйылгы 546 выпускниктарбыт ханна үлэлии киирэллэрэ чопчу быһаарыллыбыта.

4

Чэпчэтиилэр

Эбии баалы туттарсааччылар тус сыаллаах миэстэҕэ туттарсан киирэллэригэр эмиэ туһаналлар. Маннык миэстэни улуус балыыһатын сайаапкатынан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ аныыр. Бу олус үчүгэй бырагыраама. Тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэнэнэ бүтэрбит устудьуон доруобуйа харыстабылын нөҥүө биир сылынан эмиэ бүддьүөт миэстэтигэр  үрдүк үөрэххэ туттарсан киириэн сөп. Оччотугар, улууска анаммыт даҕаны буоллаҕына, үөрэммит харчытын төннүннэрбэт. Ол курдук, үөрэххэ туттарсарга биир кэлим эксээмэн түмүгэ ирдэммэт, манна колледж дипломун сыаната учуоттанар. Маны таһынан үрдэтиллибит стипендия ананар, уопсайга миэстэ биэрбэтэхтэринэ, дьиэ куортамын төлөбүрүн толуйаллар, үөрэхтэригэр диэри айан-сырыы төлөбүрүнэн хааччыллар. Аны туран үөрэххэ туттарсыан баҕалаахтарга Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үрдүк үөрэх иннинээҕи бэлэмнэнии бырагыраама үлэлиир, ол үөрэх түмүгүнэн эбии баал көрүллэр. Тус сыаллаах үөрэххэ киирэллэригэр оҕолор улуустааҕы балыыһаларга тиийэллэр, анал миэстэ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нөҥүө хааччыйыллар. Тестирование нөҥүө куонкурус ааһаллар. Маны тэҥэ идэлэрин баһылаабыт эдэр исписэлиистэр «Земскэй фельдшер» бырагыраамаҕа киирсэр бырааптаналлар.

 09e36e4c 32df 495c ba86 bd8b8c8bd241

Саҥа идэни баһылааһын

– Былырыын ахсынньы ыйыттан квалификацияны үрдэтии салаатын аспыппыт. Дарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар, үөрэниэн баҕалаахтар, кыра оҕо көрөн олорор ийэлэр, аармыйаттан кэлбит оҕолор, ыарыы кэнниттэн үлэлэрин кыайбат буолбуттар буор босхо саҥа идэни баһылыахтарын сөп. Үөрэх төлөбүрүн ороскуотун федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүдьүөттэриттэн хааччыйыллар. Маныаха «Работа.ру» саайка сайаапка түһэрэргит ирдэнэр. Үөрэх чааһа күнүскү, сороҕо дистанционнайдык ыытыллар. Сорох оройуоннарынан преподавателлэр тахсаннар анал куурустары биэрэллэр. Бииртэн үс ыйга диэри куурустарга үөрэнэн, массаж оҥорууга, укуол туруорууга, косметологка, о.д.а. идэҕэ сэртипикээт ылан урбаанньыт эбэтэр бэйэ дьарыктаах буолууну тэрийиэххэ сөп.

 17

Саҥа технологиялар

Кэпсэтии кэнниттэн Дмитрий Афанасьевичтыын колледж устун экскурсия оҥордубут. Аныгы технологияны туһаналларын илэ харахпынан көрөн олус астынным. Ол курдук, аккредитационнай-симуляционнай кииҥҥэ устудьуоннар миэстэтигэр тиис оҥорууга, оҕону төрөтүүгэ, суһал көмөнү оҥорорууга, о.д.а. үөрэнэллэр. Дэлэҕэ даҕаны устудьуоннар Арассыыйа уонна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах элбэх куонкурустарга, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлар, бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэр. Ол туоһутунан араас грамоталар, кубоктар кэчигирэһэн тураллар.  WorldSkills бырагырааманан улахан чөмпүйэнээт ыытар буолбуттар, манна устудьуоннар ситиһиилээхтик кытталлар уонна мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьаллар. Коронавирус ыарыытын эмтээһиҥҥэ, ыарыыга хаптарбыттарга көмөнү оҥорууга волонтердар улахан өҥөлөөхтөрүн үлэһиттэр киэн тутта кэпсииллэр. Анал байыаннай дьайыыга хомуурдаммыт гражданнар дьиэ кэргэттэригэр көмө, өйөбүл оҥороллор эбит. Колледж устудьуоннара, кэлэктиибэ уонна выпускниктара волонтерскай хамсааһыҥҥа көхтөөхтүк кытталлара хайҕаллаах дьыала.

 15

Колледжка Вонгродскай аатын иҥэрии

Дмитрий Афанасьевич түмэли көрдөрө-көрдөрө урукку сылларга үлэлээн ааспыт биир идэлээхтэрин, туох-хайдах саҕаламмытыттан билиҥҥи диэри тэрилтэ үгүс ситиһиилэрин кэпсээтэ. 1906 сыллаахха балаҕан ыйын 2 күнүгэр үөрэх кыһатын бастакы педагогтарын мунньаҕа ыытыллыбыт, бу күн колледж тэриллибит күнүнэн ааҕыллар. Аан бастаан эр дьону үөрэтэргэ аналлаах фельдшердар оскуолаларын быһыытынан үлэлээбит. Бастакы үөрэххэ 20 киһи киирбит, ону таһынан 13-һэ сыылкаҕа сылдьааччылартан көҥүл истээччи (вольнослушатель). Колледжы олохтообут киһинэн быраас Виталий Антонович Вонгродскай (Вонгродзский) буолар. Кини 1897 с. ахсынньыга Иркутскай губерния быраастарын I-кы сийиэһигэр Дьокуускайга туспа фельдшер оскуолатын аһан лэлэтэр туһунан тыл көтөхпүт. Бастакы учууталларынан А.И. Левицкэй, В.И. Диваев, Н.Г. Юдин үлэлээбиттэр. Кэлин 1915 с. Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ техникума буолбут. Онтон 1925 с. Дьокуускайдааҕы фельдшер-акушер оскуолата аһыллар. 1953 с. Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ училищата тэриллэр, 1993 с. билиҥҥэ диэри Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ колледжын ыстаатыһын сүгэр.

 11 1

Түмүккэ

Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ колледжын ааспыт сыллааҕы үлэтин, ситиһиилэрин уонна инники соруктарын үрдүктүк сыаналаабыта. Кини колледж сүрүн кыһалҕаларын эмиэ таарыйан этии киллрэбитэ.

– Колледжка билигин сүрүн кыһалҕара – 200 миэстэлээх уопсай дьиэтин тутуута. Онно бары бииргэ кыттыһан үлэлииргэ сыал-сорук туруоруннубут,  - диэн эппитэ кэскиллээх, олоххо киирэригэр колледж үлэһиттэрэ, устудьуоннара уонна төрөппүттэрэ бары күүтэллэр, эрэнэллэр.

12

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44