Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

Ньурба улуустааҕы бибилэтиэкэтин дьиэтигэр Ньурбачаан нэһилиэгин олохтооҕо Иванова Людмила Васильевна хомуйан, таҥан таһаарбыт «Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ» диэн ааттаах  кинигэтин сүрэхтэниитэ бэрт сэргэхтик буолла диэн "Ньурба уоттара"  улуус  хаһыата иһитиннэрэр.

Ньурба улуустааҕы бибилэтиэкэтин дьиэтигэр Ньурбачаан нэһилиэгин олохтооҕо Иванова Людмила Васильевна хомуйан, таҥан таһаарбыт «Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ» диэн ааттаах  кинигэтин сүрэхтэниитэ бэрт сэргэхтик буолла диэн "Ньурба уоттара"  улуус  хаһыата иһитиннэрэр.

Бэлиэ тэрээһиҥҥэ Ньурба оройуонун дьаһалтатыттан Н.С.Петрова, Ньурбачаан нэһилиэгин баһылыга Семенова М.Н., култуура департаменыттан Иванова К.Д., бибилэтиэкэттэн Багмет А.В., Ньурбачааннааҕы «Түмсүү» кииниттэн Саввинова Т.С., «Уйгулаана» ырыа бөлөҕө, Ньурбатааҕы түмэл үлэһитэ Борисов Б.Б. уонна Иванова Л.В. аймахтара, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ кэлэн сылаас тыллардаах эҕэрдэлэрэ этилиннэ, элбэх сибэкки дьөрбөтө, бэлэх туттарылынна.

Бу кинигэни «Айар» кинигэ кыһата итиэннэ «Ньурба оройуона» МТ үбүлээбиттэр уонна 800 экземплярынан бэчээттэнэн тахсан, билигин «Айар» киоскаларыгар атыылана турар. Кэлбит ыалдьыттартан саамай аҕам саастаах дьон Бияков О. учууталын Багдарыын Сүлбэ аата өссө да ааттана туруоҕар баҕа санаатын тиэртэ.

Багдарыын Сүлбэҕэ аналлаах сквер уонна куорат биир эмит уулуссата кини аатын сүгүөн баҕарарын туһунан баҕа санаатын үллэһиннэ.

Онтон Тимофеев В.И. эмиэ бэрт элбэх историческай түгэннэри, ким хантан төрдүлээҕин, Ньурба дьонун төрүттэрин, өбүгэлэр туһунан кэпсээнин мустубут дьон сэҥээрэ иһиттибит. Презентация кэннэ Людмила Васильевна  минньигэс астаах сандалыта  ыалдьыттары маанылаата,  уопсай хаартыскаҕа түһүү буолла.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22