Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Чурапчы улууһун, Чурапчы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ Сергей Григорьевич Старостин бу күннэргэ үбүлүөйдээх 95 сааһын дьонун-сэргэтин ортотугар көрүстэ диэн Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата иһитиннэрэр.

Чурапчы улууһун, Чурапчы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ Сергей Григорьевич Старостин бу күннэргэ үбүлүөйдээх 95 сааһын дьонун-сэргэтин ортотугар көрүстэ диэн Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата иһитиннэрэр.

Сергей Григорьевич Одьулуун Хондутуттан төрүттээх. Аҕата Григорий Федорович Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарын биригэдьииринэн 11 сыл айаннаабыт. Ийэтэ Дария Александровна Монастырева Түөйэттэн төрүттээх, эдэр сааһыгар сэрии иннинэ өлбүт.

Сергей Григорьевич идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала, биир дойдулааҕа суруйааччы Даланныын СГУ бастакы выпускниктара.

Үлэтин хоту Аллайыаха сириттэн саҕалаабыта. Ол кэннэ дойдутугар кэлэн, Уорҕа, Мындаҕаайы, Мугудай, Дириҥ, оскуола – интэринээт,  ЧВШ-2 (восьмилетка)  оскуолаларыгар оҕолору улуу нуучча тылыгар уонна литературатыгар уһуйбута. Пенсияҕа тахсан баран, олохтоох библиотекаҕа үлэлээбитэ.

Кэргэнэ Екатерина Семеновна Лукиналыын, кыыһынаан Анна Сергеевналыын кыһынын куоракка кыстыыллар. Уоллара Владимир кэргэннээх, 2 уол оҕолоох.

Сергей Григорьевиһы Дьокуускайга олорор, Чурапчы улууһун уонна нэһилиэк землячестволарын бэрэссэдээтэллэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Поисеев уонна Василий Рязанскай дьиэтигэр тиийэн, дьоһун-мааны, ытык сааһынан истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ суруктарын, бэлэхтэри туттардылар.

"Нэһилиэкпит Бочуоттаах олохтооҕун, олохтоох «Саҥа Олох» хаһыат общественнай корреспонденын, ытык-мааны киһибитин Сергей Григорьевич Старостины Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын, депутаттарын, общественнай түмсүүлэрин, бүтүн дьонун-сэргэтин ааттарыттан үбүлүөйдээх 95 сааһынан истиҥник эҕэрдэлиибит!

Эн нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылааккын үрдүктүк сыаналыыбыт, махтанабыт. Эйиэхэ баҕарабыт бары үтүөнү-кэрэни, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну", - диэн Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата эҕэрдэлиир.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

“Көмүлүөктэр” көхтөөхтөр

Дьокуускай куорат Октябрьскайдааҕы уокуругар “Көмүлүөк” диэн бэтэрээннэр кулууптара…
21.11.24 12:29