Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Сэтинньи ый бастакы күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас Хаптаҕай нэһилиэгэр сүрдээх истиҥ иһирэх сахалыы тыыннаах дьоро тэрээһин буолан ааста. Таатта улууһун Тыараһалара Турнин Прокопий баһылыктаах 12 киһилээх делегацията Хаптаҕай нэһилиэгэр кэскиллээх кэпсэтиилээх, дириҥ билиини биэрэр элбэх солуннаах кэһиилээх кэлэн ыалдьыттаатылар.

Сэтинньи ый бастакы күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас Хаптаҕай нэһилиэгэр сүрдээх истиҥ иһирэх сахалыы тыыннаах дьоро тэрээһин буолан ааста. Таатта улууһун Тыараһалара Турнин Прокопий баһылыктаах 12 киһилээх делегацията Хаптаҕай нэһилиэгэр кэскиллээх кэпсэтиилээх, дириҥ билиини биэрэр элбэх солуннаах кэһиилээх кэлэн ыалдьыттаатылар.

1

Таатта Тыараһатын делегацията

Билсиһии сүрүн төрүөтүнэн Таатта Тыараһата уонна Мэҥэ-Хаҥалас Хаптаҕайыгар баар Тыараһа түөлбэлэрэ биир Күн Күһэҥэнтэйтэн төрүттээхтэрин билинэн, ону сиһилии үөрэтэргэ, бэйэ-бэйэлэрэ тугу билбиттэрин үллэстэргэ сөбүлэһиилэрэ буолла.

Саас сааһынан кэпсээтэххэ маннык.

Кэлбит күндү ыалдьыттары сахалыы үгэс быһыытынан арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан сахалыы таҥастаах мааны Далбар хотуттар – «Күөгэйэ” түмсүү кыттыылаахтара көрүстүлэр.

2 1

“Күөгэйэ” түмсүү кыттыылаахтара

Ыалдьыттар бастатан туран,  Хаптаҕай сирин Үс Геройдарын памятниктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, краеведчедческай музейга сылдьан нэһилиэк историятын сиһилии билистилэр, салгыы даҕаны билсиһии, өйөнсүһүү, доҕордоһуу, аймахтаһыы барарыгар анаан аал уоту уматан, алгыс тылы АльбертТерентьев – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Хаптаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо эттэ. Салгыы, үөрүүлээх быһыыга-майгыга Павел Григорьевич Романов-Мыланыыскай олоҕун сырдатар (автобиографиялаах, кини оҥорбут Күн Күһэҥэнтэй уонна Харгыйалар төрүччүлэрдээх, үлэтэ-хамнаһын сырдатар информациялаах, олоҕун салгыыр сиэннэрин, хос сиэннэрин хаартыскалардаах) стендэтэ арылынна.

3 1

Павел Григорьевич Романов-Мыланыаскайга аналлаах стенданы арыйыы.

Делегация Анна Прокопьевна Скрябина – Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара, Гаврил Семенович Самсонов – Социалистическай  Үлэ Геройа музейдарыгар сырытта. Тэрээһин улахан суолталаах түгэнинэн буолла – Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Прокопий Турнин уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыга Иван Зыков, нэһилиэктэр икки ардыларыгар өр кэмҥэ үтүө сыһыаны, доҕордоһууну, өйөнсүһүүнү,  сомоҕолоһууну олохтуур дуогабарга илии баттаһыылара.

4

Таатта Тыараһатын уонна Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайын баһылыктара.

Бу үөрүүлээх-көтүүлээх көрсүһүүгэ Тыараһалар делегацияларын кыттыылаахтара: Собакина Светлана Николаевна – СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, «За вклад в развитие народного творчества” бэлиэ хаһаайката, Лука Турнин аатынан Тыараһа нэһилиэгин музейын сэбиэдиссэйэ; Кладкин Сергей Федорович – алгысчыт, Тыараһа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “За вклад в развитие улуса” бэлиэ хаһаайына; Матвеева Ульяна Васильевна – РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Президенын гранын хаһаайката, Таатта улууһун норуотун маастара, “За вклад в Моҕол ураса” Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин муниципальнай, “За вклад в развитие Тыарасинского наслега” бэлиэлэр хаһаайкалара, СӨ норуотун айымньытын маастара, Таатта улууһун “Үйэтитии” бэлиэтин хаһаайката, “Тыараһа 1941-1945сс Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ”,  “Дьөһөгөй айыы удьуорун тэниппит Тыараһа сылгыһыттара” кинигэлэр ааптардара; Турнина Нина Ивановна – “За вклад в развитие Таттинского улуса” бэлиэ хаһаайката, Тыараһа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана – Тыараһа нэһилиэгин кыраайы үөрэтээччилэрин дириҥ ис хоһоонноох, саҥаны, урут биллибэтэҕи хасыһан үөрэппит, хорутуулаах,  научнай хабааннаах төрөөбүт сирдэрин үөрэппит материаллаах дакылааттарын Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо олус сэргээн иһиттилэр.

Быйыл, 2023 сылга, биһиги биир дойдулаахпыт - талааннаах салайааччы, краевед, фольклорист, уулаах олоҥхоһут Павел Григорьевич Романов – Мыланыыскай,  төрөөбүтүттэн 130 сылын туолла. Мыланыыскай сэрии ыар сылларыгар 1942-45 сылларга Хаптаҕай нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.  Кини төрөөбүт-үөскээбит Тыараһатын уонна Харгыйалар аҕа уустарын төрүччүлэрин 17-18 үйэлэртэн саҕалаан оҥорбут,  үгүс кырдьаҕастары кытта алтыһан элбэх номохтору, үһүйээннэри хомуйбут уонна саамай үөрэр, киэн туттар түгэммитинэн, «Кыыс Ньургустай Куо» олоҥхону суруйан, 1945 сыллаахха саха литературнай институтун архыыбыгар харайтара туттарбыта буолар. Бэйэтэ суруйбут олоҥхотун сэргэ Ларионов Гаврил –Халлаан уола, Алексеев Бүөтүр-Маастар олоҥхолорун сурукка түһэрэн – институкка хараллалларын, Афанасьев Константин –Боруорбах олоҥхото радиоҕа толорулларын саха тылын институтун корресподенынан үлэлии сылдьан ситиспитэ хайҕаллаах.  Павел Григорьевич 1942 сыллаахха бэйэтэ айан суруйбут олоҥхото үгүс сылларга институкка хараллан сыппыта. Онтон 2013 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар «Уруйдан, улуу Олоҥхо, Манчаары дойдутугар» диэн девизтээх Олоҥхо сыла биллэриллибитигэр Захаров Валентин Иванович - РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, краевед, Хаптаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, С.Н.Васильев аатынан Хаптаҕай нэһилиэгин музейын өр сылларга салайбыт учуутал, саха тылын уонна литературатын институтун архыыбыгар киирэн, Хаптаҕайтан төрүгтээх олоҥхоһут баар дуу, суох дуу диэн ыйыталаспытыгар, бастаан суох диэбиттэр, онтон биир кырдьаҕас  архыып үлэһитэ: “Тыый доҕор, Хаптаҕайдар биир толору, суруллан сылдьар олоҥхолооххут ээ. Романов Мыланыыскай диэн ааптардаах “ - диэн, көрдөөн булан биэрэн, кэргэммин Валентин Ивановиһы олус үөрдүбүттээҕэ диэн кэпсиир олоҕун аргыһа, сүбэһитэ - Розалия Герасимовна Захарова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, учууталлар учууталлара, РСФСР үөрэҕин туйгуна, Хаптаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Ол чап-чараас илиистэргэ 300 страницаҕа суруллубут, өр сытан илдьирийэ сыспыт (Ф.5,оп.7, ед.хр.52) материалы Валентин Иванович туруорсан ылан, нэһилиэк бүтүннүүтэ илиистэри ааҕарга,  бэчээттээн, кинигэ таһаарарга бэлэмнииргэ көмөлөһөн,  кинигэ таһаарааһынын үбүлүүргэ нэһилиэк баһылыга Гаврильева Екатерина Романовна, Мэҥэ-Хаҥалас УНОтын начальнига Шишигина Феврония Васильевна сөбүлэҥнэрин ылан, күүстээх үлэ саҕаламмыта. 2013 сыллаахха «Кыыс Ньургустай Куо» олоҥхотун кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин чаҕылхай талааннаах, үтүөлээх артыыһа, драматург, худуоһунньук, норуот маастара, эргиччи талааннаах күндү киһибит -  Софья Иннокентьевна Сергучева-Баранова аан бастаан “Кыыс Ньургустай Куо” олоҥхобутун 2022 cыллаахха  бэс ыйын 1  күнүгэр П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар  турук олоҥхото «Этиттэрии” диэн соҕотох артыыс оонньуутугар аналлаах бэстибээл чэрчитинэн, иккиһинэн, Үөһээ-Бүлүүгэ  буолбут Олоҥхо ыһыаҕар, үсүһүнэн, Горно-Алтайскайга, Аан дойдутааҕы олоҥхоһуттар фестивалларыгар,“Кылыһахтаах ырыа” номинация күрэҕэр кыттан, 1 степеннээх Бастакы миэстэни ылан,  толортообута. Кини, манна даҕатан эттэххэ, быйыл, 2023 сыллаахха, балаҕан ыйга, Монголияҕа Аан дойдутааҕы Моно-спектакллар фестивалларыгар ыҥырыллан – “Моҥкуруут ийэтэ” Чингиз Айтматов айымньытынан кыттан, “Бастыҥ  артыыска” аатын ылан кэлбитинэн биир дойдулаахтара  киэн туттабыт, өссө үрдүк ситиһиилэри ыла турарыгар, кылыһахтаах куолаһынан саха норуотун биир сүдү баайын- олоҥхотун Аан дойдуга толорон, иһитиннэрэн  биһирэбили ыла турарыгар  алгыс тылбытын аныыбыт. Мэҥэ-Хаҥаласка ыытыллар Олоҥхо декадатын бастакы күнэ Мыланыыскай 130 сылыгар аналлаах тэрээһини кытта сөп түбэспититтэн, тэрээһиҥҥэ «Кыыс Ньургустай Куо” олоҥхо ааптара Павел Григорьевич Романов-Мыланыыскай төрөөбүт сиригэр-уотугар толоруллубутуттан олус  үөрдүбүт, олохтоохтор уонна ыалдьыттар кэрэ-нарын «Кыыс Наҥначаан Куо”, алдьархай ааҥнаабытыгар, хайдах курдук “Кыыс Ньургустай Куо” буолан, дойдутун, дьонун көмүскээбитин туһунан олоҥхону биир да тылы сыыска-буорга түһэрбэккэ олорон, сүрэхтэринэн сөбүлээн, иһийэн олорон иһиллээн, болҕомтолоохтук, биир дойдулаахтара айбыт, биир дойдулаахтара кэлэн олоҥхолообут олоҥхотун болҕойон иһиттилэр-астыннылар.

5

Кыыс Ньургустай Куо олоҥхо саҕаланыыта

 Софья Иннокентьевна дорҕоонноох күүстээх куолаһынан олоҥхо хас биирдии геройун олох атын-атын куолаһынан сүрдээх итэҕэтиилээхтик, киһи олох истэ, долгуйа олорорун гына туойан доллоһутар кылыһахтаах куолаһа, урут олоҥхо диэни сорох-сорохтор истэ да илик дьон, олор истэригэр Романов –Мыланыыскай соҕотох тапталлаах кыыһа Анна Павловна оҕолоро, сиэннэрэ наһаа сэҥээрэн, олоҥхо киһини умсугутар аптаах тылларын сөҕө-махтайа ылына иһиттилэр.

6

Олоҥхоттон түгэн.

Тэрээһини эрдэттэн, былааннаахтык тэрийсэн, сүбэлэһэн, ыытыстылар:  Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Культуратын уонна духуобунай сайдыыга салалтатын  салайааччыта Исакова Анна Руслановна; Гаврил Колесов аатынан оройуоннааҕы Норуот Айымньытын киинэ “Олоҥхо дьиэтин” уус-уран салайааччыта Васильева Айта Семеновна; Улуустааҕы Краеведтар түмсүүлэрин салайааччыта, «Гражданскай доблесть”, “За вклад в развитие семейной политики”, “За заслуги перед районом” бэлиэлэр  хаһаайкалара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар Учууталлара Артемьева Татьяна Ивановна; Улуустааҕы Краеведческай музей научнай специалиһа Эверстов Александр Владимирович; Томтор нэһилиэгиттэн олоҥхоһут-алгысчыт, Ил Дархан Олоҥхоҕо стипендиата, Учууталлар Учууталлара - Петр Максимович Тихонов.

Дьэ бу маннык ҮТҮӨ САНАА, ИЛ-ЭЙЭ, СОМОҔОЛОҺУУ дьоро түһүлгэтин тэрийэн ыыттылар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун салалтата, Таатта улууһун Тыараһатын уонна Мэҥэ-Хаҥалас Хаптаҕайын даһалталара.

Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Зинаида Игнатьева;

Хаптаҕай нэһилиэгин историятын кинигэтигэр Тыараһа түһүмэҕи бэлэмнээбит “Т.С.Мальцев” мэтээл кавалера, “Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар өҥөтүн иһин» бэлиэ хаһаайката Антонина Суходольская;

СӨ Ытык сүбэ бэлиэ хаһаайката Хаптаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Анастасия Кривошапкина.

  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением