Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -17 oC

Сэтинньи 11 күнүгэр саха литэрэтиирэтин  төрүттээбит суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, XX үйэ саҥатыгар олох-дьаһах чыҥха уларыйыытын оҥорсубут уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэл, лингвист-учуонай  Платон Алексеевич Ойуунускай  төрөөбүтэ 130 сылын туолла.  

Сэтинньи 11 күнүгэр саха литэрэтиирэтин  төрүттээбит суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, XX үйэ саҥатыгар олох-дьаһах чыҥха уларыйыытын оҥорсубут уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэл, лингвист-учуонай  Платон Алексеевич Ойуунускай  төрөөбүтэ 130 сылын туолла.  

Бу күн үгэс быһыытынан СӨ Ил Түмэн Судааарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутааттара, СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, общественнай тэрилтэлэр, Дьокуускай куоракка олорор «Таатта» түмсүү  чилиэннэрэ Былатыан Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. 

 

СӨ Ил Түмэн Судааарыстыбаннай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бэйэтин этиитигэр саха ноуротун уһулуччулаах уолаттара  Максим АммосовПлатон ОйуунускайИсидор Барахов уо.д.а.  күүстээх үлэлэрин түмүгэр 1922 сыл муус устар ыйыгар  автономия  олохтоммута диэн бэлиэтээтэ.

«Кинилэр олус уустук быһыыга-майгыга, олохторун да толук ууралларын кэрэйбэккэ, Саха сирин судаарыстыбаннаһын туруулаһан туран туруорсубуттара. Омскайтан саҕалаан Дьокуускайынан, Москванан сүрдээх элбэх үлэ-хамнас барбыта. Былатыан Ойуунускай Сиббюро улахан мунньаҕар дакылаат оҥорор. Онно Саха сиригэр экэнэмиичэскэй автономия баар буолуохтаах диэн дириҥ суолталаах этиини этэр. Онно этиллэринэн өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи баайтан-дуолтан өрөспүүбүлүкэ бэйэтин бүддьүөтүнэн хааччынар буолуохтаах улахан суолталаах этиини оҥорбута. Бу түгэн историческай, политическай оруола олус улахан.  Саҥа үөскээбит өрөспүүбүлүкэ сокуон уонна быраап өттүнэн көмүскэллээх буолбута. Саха сирэ Аптаныамыйаны ылыныыта Саха сирин олоҕун укулаатын тосту уларыппыта, олохтоох норуоттар олохторугар улахан уларыйыыны аҕалбыта, олох-дьаһах уонна экэниэмикэ эйгэтэ балысханнык сайдыбыта. Норуот олоҕун уйгута үрдээбитэ, култуура уонна духуобунас сайдан киирэн барбыта», - диэн Алексей Еремеев аҕынна.

Парламент спикера П.А.Ойуунускай уонна М.К.Аммосов истиҥ доҕордуулар этилэр,  иккиэн биир кэмҥэ олорон, үөрэнэн, үүнэн-сайдан, үлэлээн-хамсаан олорбуттары, ол эрээри ыарахан кэмҥэ тэҥҥэ олохторо быстан, өссө да норуоттарын туһугар күүрээннээхтик үлэлиэхтэрэ хаалбыта диэн аҕынна.  Бу күн саха чулуу уолаттарын ахтан-санаан ааһар ытык иэспит диэн эттэ.

Бу күн улуу Ойуунускайга сүгүрүйэн Түмсүү оһуохайыгар дьон-сэргэ мустан махтал тылларын тиэртилэр. 

Ил Түмэн пресс-сулууспата

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением