Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -16 oC

Бу орто дойдуга оройбутунан түһүөхпүтүттэн тула өттүбүтүн көрүнэн барыга-бары үөрэнэбит, үөрэтэбит. Бастаан утаа ийэбит, аҕабыт, эдьиийдэрбит, убайдарбыт үөрэхтэрин ылабыт, онтон оскуолаҕа киирэн учуутал кэпсиирин ылынан, үөрэхтээх дьон буолабыт. Үөрэнээччилэргэ саамай чугас киһи – кылаас салайааччыта. Мин өйдүүрбүнэн, кылаас салайааччыта диэн оҕону киһи быһыытынан үөрэтэн, кэтээн, олоххо табатык үктэнэригэр хайысхалаан биэрэр. Оҕо сайдар сокуонун кэспэккэ туран, хас биирдии оҕо тус бэйэтин уратытын арыйынарыгар, ону сайыннарар суолу булунарыгар көмөлөһөн, хайысхалаан биэрэр аҕа табаарыһа.

Бу орто дойдуга оройбутунан түһүөхпүтүттэн тула өттүбүтүн көрүнэн барыга-бары үөрэнэбит, үөрэтэбит. Бастаан утаа ийэбит, аҕабыт, эдьиийдэрбит, убайдарбыт үөрэхтэрин ылабыт, онтон оскуолаҕа киирэн учуутал кэпсиирин ылынан, үөрэхтээх дьон буолабыт. Үөрэнээччилэргэ саамай чугас киһи – кылаас салайааччыта. Мин өйдүүрбүнэн, кылаас салайааччыта диэн оҕону киһи быһыытынан үөрэтэн, кэтээн, олоххо табатык үктэнэригэр хайысхалаан биэрэр. Оҕо сайдар сокуонун кэспэккэ туран, хас биирдии оҕо тус бэйэтин уратытын арыйынарыгар, ону сайыннарар суолу булунарыгар көмөлөһөн, хайысхалаан биэрэр аҕа табаарыһа.

Өрөспүүбүлүкэ парламенын тохсус пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара кылаас салайааччыларыгар харчынан төлөбүрү көрөр сокуоҥҥа уларытыылары көрдүлэр.

 “Саха Өрөспүүбүлүкэтин куораттааҕы уокуруктарыгар уонна олохтоох салайыныы уорганнарыгар алын уопсай  уонна уопсай орто үөрэх бырагыраамаларын олоххо киллэрэр муниципальнай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үлэлиир учууталлар кылаас салайааччытынан үлэлииллэригэр эбии төлөбүрү көрөргө судаарыстыба кэккэ боломуочуйалары биэрэр туһунан сокуонугар” кэккэ уларытыылары киллэрии туһунан” сокуон барыла РФ Бырабыыталыстыбатын 2024 сыл кулун тутар 29 күнүнээҕи 398 №-дээх “Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 2382 №-дээх уурааҕар уларыйыылары киллэрии туһунан” Ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллубут. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан, РФ Федеральнай Мунньаҕар 2024 сыл олунньу 29 күнүттэн саҕалаан алын уопсай, анал уопсай уонна орто уопсай үөрэх кыһаларыгар итиэннэ 100 тыһыынчаттан аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннарга (куораттарга, улуус кииннэригэр, куораттарга, нэһилиэктэргэ) үлэлиир кылаас салайааччыларын хамнастарын 10 тыһыынча солкуобайга диэри үрдэтэргэ бирикээс тахсыбыта. 

Төлөбүр ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин Судаарыстыбаннай кэмитиэтин 1964 сыл балаҕан ыйын 4 күнүнээҕи 380/П-18 №-дээх уурааҕынан олохтоммут эрэгийиэннээҕи коэффициеннары (уларыйыылары уонна эбиилэри учуоттаан), босуобуйалары учуоттаан оҥоһуллуоҕа. 243-3-ээх 475-II уонна судаарыстыбаннай бүддьүөттэн тахсыбыт пуондалар страховой усунуостарга отчислеиеларын учуоттаан туран.

Үп кээмэйэ

2024 сыл кулун тутар 1 күнүнээҕи туругунан, 100 тыһыынчаттан кыра нэһилиэнньэлээх пууннарга баар алын уопсай, анал уопсай, орто уопсай үөрэхтээһин бырагыраамаларын олоххо киллэрэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр  кылаас салайааччыларын ахсаана 7265 киһиэхэ тэҥнэһэр.

2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 100 тыһыынчаттан аҕыйах  нэһилиэнньэлээх пууннарга баар анал уопсай, сүрүн уопсай, орто уопсай үөрэхтээһин бырагыраамаларын олоххо киллэрэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үөрэх тэрилтэлэрин кылаастарын салайааччыларын былааннаммыт ахсаана 7327 киһиэхэ тэҥнэһэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн олохтоох бүддьүөттэргэ бэриллэр судаарыстыбаннай боломуочуйалары үбүнэн өйөөһүн субвенция көрүҥүнэн оҥоһуллуоҕа.

Федеральнай бүддьүөттэн былааннаммыт үп кээмэйэ:

2024 сылга – 2 782 119,9 тыһ. солкуобай;

2025 сылга – 3 025 357,9 тыһ. солкуобай;

2026 сылга – 3025 357,9 тыһ. солкуобай;

2024 сыллааҕы федеральнай бүддьүөккэ уларытыылары киллэрии туһунан федеральнай сокуону ылыныы чэрчитинэн, 2024 сыл кулун тутар-бэс ыйын ыйдарыгар ороскуоттаммыт үбү чөлүгэр түһэриигэ эбии бүддьүөт көрүллүүтүн үллэрии уонна тарҕатыы уонна 2024 сыл иккис аҥаарыгар үрдээбит төлөбүрдэри хааччыйыы федеральнай сокуон чэрчитинэн былааннанар.

Эрэгийиэннээҕи коэфициеннэри көрөн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бу курдук кэриҥнээх сириэстибэлэр ирдэнэллэр:

‒ 2024 сылга – 263 544,1 тыһ.солкуобай (ону таһынан СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр 231 710,0 тыһ.солкуобай эрдэттэн көрүллүбүт, эбии наада – 31 834,1 тыһ.солкуобай);

‒ 2025 сылга – 286 629,6 тыһ. солкуобай ( ону таһынан СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр 0 солкуобай эрдэттэн көрүллүбүт,  эбии наада -- 286,629,6 тыһ. солкуобай);

‒ 2026 сылга – 286 629,6 тыһ.солкуобай (ону таһынан СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр 0 солкуобай эрдэттэн көрүллүбүт, эбии наада -- 286,629,6 тыс. солкуобай).

СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн эрэгийиэннээҕи коэффициеннары туһаныыга эбии үп наада буоларын туһунан сайабылыанньа кэлэр уонна былааннанар сыллардаах бүддьүөт барыла бырабыыталыстыба хамыыһыйатыгар көрүүгэ киирдэ.

Ил Түмэн Билимҥэ уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева бэлиэтииринэн, бу сокуон барылыгар Ил Дархан, өрөспүүбүлүкэ Борокуратуурата, Юстиция министиэристибэтэ биһирээбит түмүктэрэ бааллар. Ил Түмэн  Судаарыстыбаннай-правовой салалтата юридико-тиэхиньиичэскэй уонна редакционнай майгылаах үс  бэлиэтээһини ыйбыт. Сис кэмитиэт сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылынарга сүбэлээтэ.

Кинилэр туһунан кылгастык

Биирдэ учууталым этэн турардаах: “Саха киһитэ аан бастаан көрсүбүт киһититтэн кини  кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын ыйыталаһар үгэстээх. Ол сиэринэн, үөрэнээччилэрбин бэйэлэрин утумнарын, төрөөбүт түөлбэлэрин түһэн биэрбэт курдук, атын дьон ыйыталаһар түбэлтэтигэр дьонун-сэргэтин, сирин-дойдутун киэн тутта ааттаан дорҕоонноохтук этиэхтэрин баҕарабын”. Оннук бөҕө буоллаҕа.

Оскуолаҕа оҕону сүрүн иитээччинэн кылаас салайааччыта буоларын ким да мэлдьэспэтэ буолуо. Кылаас салайааччыта  диэн, бу -- айымньылаах киһи, чинчийээччи. Кылааһын оҕолорун үөрэтэр уонна онно сөп түбэһиннэрэн иитэр үлэтин тэрийэн ыытар. Айымньыылаахтык үлэлиир кылаас салайааччыта кылаас кэлэктиибин иитэр үлэтигэр араас ньымалары туттар.

Аны туран кылаас чааһа диэн кылааска ыытыллар иитэр үлэ биир көрүңэ буолар. Үчүгэйдик тэриллибит кылаас чааһыттан учуутал да, оҕо да үөрэр, дуоһуйууну ылар. Күннээҕи үгүс түбүккэ уонна эбээһинэстэри толорууга кылаас салайааччыта элбэх бириэмэтин ыытар.

Кылаас салайааччыта оҕо баҕатын, дьоҕурун таба көрөн, санаатын сааһылаан алмаас курдук кырыылаан,чочуйан, киһи киэнэ килбиэнээҕин иитэн таһаарар биир тутаах киһи. Кини сүбэтэ-амата, такайар-иитэр үлэтэ, кыһамньыта, истиҥ сыһыана –үөрэнээччилэрин үрдүккэ кынаттыыр, олоҕу сыаналыырга, тулалыыр эйгэни, ийэ дойдуну таптыырга үөрэтэр, сиэрдээх киһи буола улаатан олоххо бэйэ миэстэтин буларга сирдиир.

Хаартыскалар Ил Тумэн пресс-сулууспатыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением