Дьокутааттар үөрэҕирии сокуонугар уларытыылары киллэриигэ туһуламмыт сокуон барылын иккис ааҕыыга ситэрэн биэрэргэ быһаарыы ыллылар. Бу туһунан бэрэссэдээтэл Вячеслав Володин бэйэтин Telegram-ханаалыгар иһитиннэрэр диэн Судаарыстыбаннай Дуума пресс-киинэ суруйар.
“Уруок кэмигэр суотабай төлөпүөнү туһаныы бобуллуо (ыксаллаах быһыыттан-майгыттан ураты)", - диэн кини эттэ. Маны тэҥэ, үлэ уруога ирдэнэр предмет быһыытынан төннүө. “Үлэнэн иитии - үөрэх хаамыытын биир тутаах чааһа. Хас биирдии оҕоҕо туһалаах: сайдыыларыгар, киһи буола улааталларыгар, инникилэригэр ситиһиилээх буолалларыгар”, - диэн толордо Вячеслав Володин.
Уларытыылары хаттаан көрүү ахсынньы саҕаланыыта былааннанар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0