Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Дьон-сэргэ үп-харчы интэриэһин харыстааһын биллэ күүһүрүөҕэ. Уһун болдьохтоох уурунуу страховкаланар суумата 1,4 мөлүйүөнтэн 2 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыаҕа, оттон эскроу-счекка баар үп үс бүк үрдээн, 30 мөлүйүөҥҥэ тиийиэҕэ. Маннык сокуон барылын Судаарыстыбаннай Дуума сэтинньи 18 күнүгэр иккис уонна үһүс ааҕыытыгар ылынна.

Дьон-сэргэ үп-харчы интэриэһин харыстааһын биллэ күүһүрүөҕэ. Уһун болдьохтоох уурунуу страховкаланар суумата 1,4 мөлүйүөнтэн 2 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыаҕа, оттон эскроу-счекка баар үп үс бүк үрдээн, 30 мөлүйүөҥҥэ тиийиэҕэ. Маннык сокуон барылын Судаарыстыбаннай Дуума сэтинньи 18 күнүгэр иккис уонна үһүс ааҕыытыгар ылынна.

Маныаха "Парламентская газета" бу саҥа уларыйыы өлүүлэһэн туттарааччыларга (дольщиктарга) уонна уурунуулаах дьоҥҥо төһө эрэллээх хахха буолуоҕун ырытта.
Уһун болдьохтоох уурунуулары тэрийии
Арассыыйаҕа булгуччулаах уурунууну страховкалааһын тиһигэ 2004 сылтан үлэлиир. Биир уурунуулаах киһиэхэ страховкаланар муҥутуур суума аан бастаан 100 тыһыынча солкуобай этэ. 2008 сылга 700 тыһыынчаҕа диэри улааппыта, оттон 2014 сылга бу сууманы 1,4 мөлүйүөн солкуобайга диэри олохтообуттара.
Сокуон барылын иккис ааҕыыга билиһиннэрэригэр Судаарыстыбаннай Дуума үп ырыынагар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Анатолий Аксаков новация сүрүн мэхэниисимнэрин быһаарда. Кини бэлиэтээбитинэн, бу уларыйыы сүрүн сыала — гражданнар уһун болдьохтоох уурунууларын тэрийиини көҕүлээһин. Саҥа нуорма уһун болдьохтоох солкуобайдаах уурунууларга уонна ууратыллыбат (безотзывный) уурунуу сертификаттарыгар страховкаланар муҥутуур сууманы 1,4 мөлүйүөнтэн 2 мөлүйүөҥҥэ диэри үрдэтэр.
Бааннарга уһун болдьохтоох үбү тарҕатыыга көҕүлээһин быһыытынан, кинилэргэ эмиэ үп-харчы стимула көрүлүннэ: Уурунууну страховкалыыр агентствоҕа (АСВ) булгуччулаах усунуос тарыыба кыччыыр.
Докуомуону чочуйуу туһунан этэригэр, дьокутаат иккис ааҕыыга аҕыс көннөрүү киирбитин, олортон идэлээх кэмитиэт алтатын ылынарга сүбэлээбитин иһитиннэрдэ.
Кэтэһиилээх нуорма
Эскроу-счекка баар үп страховкаланар суумата 10 мөлүйүөнтэн 30 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатар былааннаах.
Сокуон ылыллыыта дьон быраабын харыстыыр модун инструменынан буолуоҕа диэн, Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин эрэнэр. Бэлиитик бэлиэтээбитинэн, страховкаланар суума үс бүк үрдээһинэ мээнэҕэ буолбатах — бу дьиэ сыанатыгар тэҥнээх сууманы хааччыйар сыаллаах. Бу сокуон үптэрин-харчыларын дьиэ тутуутугар уонна кыбартыыра атыылаһыытыгар угар дьоҥҥо эрэллээх хахха буолуоҕа.
Вячеслав Володин этэринэн, этиллибит нуормалар көмөлөрүнэн ханнык баҕарар сэрэйиллибэтэх быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, дьон үбэ көмүскэниэҕэ уонна төннөрүллүөҕэ.

Хаартыска: Галина МАТВЕЕВА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0