Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -16 oC

Бу күн, 1930 сыллаахтан — ЯЦИК дэкириэтинэн Боотуруускай улуус Чурапчы оройуона диэн ааттанар. Санатар эбит буоллахха Чурапчы улууһа докумуоннарга 1638 сыллаахтан ахтыллар. Бу киэҥ сиринэн тайаан сыппыт оройуонтан өрөбөлүүссүйэ иннинэ Амма уонна Таатта улуустара араарыллан үөскээбиттэрэ.

Эмиэ бу күн, 1893 сыллаахха — Бастакы Хайахсыт нэһилиэгэр Иван Винокуров, бэлиитикэ диэйэтэлэ күн сирин көрбүтэ. Кини араас сылларга Саха АССР совнаркомун бэрэстээтэлэ, доруобуйа уонна үөрэх наркома, эргиэн уонна бырамыысыланнас наркома, хааччыйыы наркома буола сылдьыбыта. Москубаҕа ВЦИК-ка Саха АССР бэрэстэбиитэлинэн олорон 1935 сыл тохсунньу 15 күнүгэр өлбүтэ.

ОЛ МИН ДОЙДУМ ЧУРАПЧЫ

Дьуон Дьаҥылы тыллара

Күөх кырсыгар күөлэһитэн,
Кырабыттан үлэлэтэн,
Мөҕөн-таптаан, миигин бачча
Киһи гыммыт баар — Чурапчы.

Хос ырыата:

Хатыҥнардаах, чараҥнардаах,
Хампа солко алаастардаах,
Оттуун-мастыын нарын-намчы
Ол мин дойдум — Чурапчы!

Бөҕөс, быһый ыччаттарбыт
Аан дойдуга аатырдылар.
Ойуун, артыыс, суруйааччы
Үөскүүр сирэ баар — Чурапчы.

Хос ырыата.

Үөрэх сырдык кыһатыгар
Сыралаһан үөрэтэн,
Билии төрдүн барытын
Биэрбит сирим баар — Чурапчы.

Сэмэн Жендринскэй, "Саҥа Олох", Чурапчы. 

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением