Күһүммүт тымныы түүннэринэн, хахсаат тыалларынан, унньуктаах ардахтарынан тургута көрүстэ. Сылааһынан хааччыйар хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэтин, СӨ “ОДьКХ ГУП” Муоматааҕы филиалын тутаах салаайааччытын Владислав Корякины көрсөн үлэ-хамнас, кыстыкка бэлэмнэрин туһунан улуус кэрэспэдьиэнэ кэпсэттэ.
— Кыстыкка тэрилтэбит бары өттүнэн бэлэмнээх үктэннэ. Ол курдук, кылгас сайыммытын баттаһа, былааннаах өрөмүөн үлэтин түмүктүүр түһүмэҕэр кэллибит. Бастатан туран, аэропорт туһаайыытынан карьертан кэлэр уу турбатыгар итэҕэстэри туоратыыга былааннаах үлэ ыытылынна. Турбатын улаатыннаран, кыамтатын күүһүрдэн биэрдибит. Аны уута аҕыйаан эрэрэ биир кыһалҕа буолбута. Ону былырыыҥҥыттан оройуон дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлэһэн, боппуруос быһаарылынна. Билигин карьер уута тобус-толору турар.
Хочуолунайдарга кыра-кыра өрөмүөннэр, носуостар, горелкалар уларытыылара бардылар. Хонуу уонна Сааһыыр хочуолунайдарыгар биирдии саҥа хочуоллар таҥыллан турдулар. Береговой уулусса олохтоохторо ити диэки үлэлиир теплопункт теплообменнигын күүһүрдэри туруорсубуттара. Кырдьыга, үөрэтэн көрдөххө, ол тэрил сылааһы кыайар этэ да буоллар, өрөмүөн программатыгар киллэрэммит, теплообменник кыамтата күүһүрдүлүннэ. Өрөмүөн программатынан элбэх үлэни ыыттыбыт. Сүрүн гараас өрөмүөнэ былааҥҥа киирэн, тутуу матырыйааллара саааһыары кэлбиттэрэ. Хомойуох иһин, тутууну ылсан үлэлэһэр биригээдэ көстүбэккэ, өрөмүөн кэлэр сылга көһөн биэрдэ. Оройуон дьаһалтатыттан көҥүл ылан, бөҕү-сыыһы ыраастыыр сирдэргэ, хочуолунайдарга киириигэ, суолу туоруур миэстэлэринэн таас кутан көннөрөн биэрдибит. Бэйэбит күүспүтүнэн урукку тымныы ыскылааты көтүрэн, саҥа ыскылаат тутулунна. Ол миэстэтин эмиэ тааһынан кутан биэрдибит. Тиэллэн кэлэр турбалары эргимтэлэринэн наардаан уурар анал миэстэ оҥоһулунна. Ыскылаат турар сирин тула олбуордуурга үлэ барар.
Кыстыкка киириэх иннинэ бары нэһилиэктэринэн үлэ миэстэтигэр тиийэн үлэ хаамыытын билсэн кэлбиппит. Сааһыырга саҥа хочуолунай тутуутун бастакы түһүмэҕин саҕалыырга бэдэрээтчит көһүннэ, үлэлиэҕэ. Бөһүөлэккэ икки хочуолунай тигинэччи үлэлии тураллар. Кылаабынай инженер баран миэстэтигэр эмиэ үлэлээн кэлбитэ. Төбүлэхтэр кыра өрөмүөннэри ыытан, кыстыкка бэлэмнээх киирдилэр. Манна саҥа маастарынан Евгения Герасимова сөбүлэһэн үлэтин саҕалаата. Соболооххо 550 м усталаах трассаны уларытыы өрөмүөнэ ыытылынна. Чыбааҕылаахха, Буор Сыһыыга барыта этэҥҥэ, уоппуттаах маастардар үлэни кыайа туталлар.
Кыһыҥҥы суол туруор диэри оттук тиийиэхтээх диэн суоттанан олоробут. Кыһыҥҥы суолунан инчэҕэй ньиэп тиэллиитэ 100 % туолбута. Таас чох эмиэ баар. Бу сайын “Тихон” учаастагар баар таас чоҕу боруобалаан туттарга кыраны тиэйэн аҕалбыппыт, тустаах тэрилтэҕэ анаалыстарын ыыппыппыт. Сотору тургутууну ааһыаҕа. СӨ “ОДьКХ ГУП” салалтата урукку “Муома-чох” тэрилтэ докумуоннарын сөргүтэн, үөрэтэн, экономическай өрүтүн суоттаан, бу сири үлэлэтэн көрөргө сананна. Кини “Сахатеплоуголь” ООО тэрилтэтин тэрийдэ, ол ылсан таас чохпутун туһаҕа таһааран, хочуолунайдарбытын бэйэбит хааччыйыахпыт диэн эрэллээхпит. Сыыйа-баайа көстөн иһиэ турдаҕа. Манна үлэ миэстэтэ тахсыаҕа.
Тэрилтэбитигэр каадыр боппуруоһа син-биир сытыытык турар. Оробуочай идэлээх дьон аҕыйахтар. Холобура, Сааһыырга саҥа хочуолунай үлэҕэ киирдэҕинэ, эбии 4 хачыгаар наада буолар, бу күҥҥэ онно оператор тиийбэт. Анал идэлэргэ дьарыктаах буолуу Киинин нөҥүө үлэлэһэбит. Кырдьыга, коммунальнай салааҕа үлэлиир дьоҥҥо социальнай пакеттара өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥынан ааттанар. Сотору хамнас 26 %-н үрдээри турар. Онон эдэр ыччаты кэлэн үлэлээҥ диэн ыҥырабын. Уонна, түгэнинэн туһанан, оттук саҥа сезона арыллыбытынан үлэһиттэрбин, нэһилиэнньэни эҕэрдэлиибин, барыгытыгар ситиһиини, сылаас сыһыаны, үтүө доруобуйаны баҕарабын.
Хаартыска: "Индигир уоттара"
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0