Кинини эҕэрдэлии инновация, сыыппара сайдыытын, инфокоммуникационнай технология миниистирэ Василий Ефимов, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Владимиров, дьокутаат Захар Никитин, ыраахтан-чугастан кэллиэгэлэрэ, доҕотторо эҕэрдэлээтилэр, элбэх истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр.
Тэрээһин Галина Алексеевна тус быыстапкатыттан саҕаланна. Манна “Идэҕэ бэринии” бастакы бэлиэ — Г.А. Бочкарева аата суруллубут үрүҥ көмүс уруучука Суруналыыстар түмэллэригэр эспэнээт быһыытынан бэрилиннэ. Маны тэҥэ үбүлээр мунньубут былыргы маллара, аккырыыккалара, значоктартара, сэдэх эспэнээттэр көрдөрүүгэ турдулар. Кэлбит, көрбүт эрэ киһи кини бэртээхэй кэллэксийэниэр буоларын өссө биирдэ бигэргэттилэр.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Владимиров эҕэрдэ тылыгар Галина Алексеевна бэйэтин идэтигэр биир саамай чаҕылхай, үрдүк таһымнаах испэсэлиис буоларын бэлиэтээтэ: “Хомсомуол оскуолатын ааспыт киһи быһыытынан, бэчээт үлэтин, суруналыыстыканы үчүгэйдик билэр. Төһө даҕаны сонун тарҕатар технологиялар балысханнык сайынналлар, суруналыыс дууһатын, билиитин ууран туран үлэлэспит хаһыата быдан күүстээх, суолталаах. Хаһыакка бэчээттэммит дьоруойдар балаһаларын үйэ-саас тухары харайан, харыстаан илдьэ сылдьаллар. Хас да сыл ааспытын иһин кинилэр тус бэйэлэрин архыыптарыгар саһарбыт хаһыаттартан ыстатыйаларын булаллара ураты үөрүү буолар”, -- диэн бэлиэтээтэ.
Бу бэлиэ күн үбүлээри инновация, сыыппара сайдыытын, инфокоммуникационнай технология миниистирэ Василий Ефимов эҕэрдэлээтэ Ил Дархан уонна министиэристибэ Бочуоттаах грамоталарын туттарда. .
“Бу бэлиэ күн иннинэ эн биографияҕын өссө сиһилии билистим. Кырдьык киһини эрэ сөхтөрөр, киэн тутуннарар. Бу чэпчэкитэ суох идэҕэ бэриниилээх буолаҥҥыт, тус холобургунан элбэх ыччаты үөрэтэн-такайан таһаарбытыҥ. Бу үөрүүлээх күҥҥүтүнэн кэлэн эҕэрдэлиирбиттэн үөрэбин”, - диэн эттэ.
Арассыыйа сурунаалыыстарын сойууһун аатыттан иккис нүөмэрдээх "За заслуги" түөскэ кэтиллэр Бочуоттаах знагы Чокур Гаврильев туттарда. Бу бэлиэ Галина Алексеевнаҕа тиксибиттэн мустубут дьон олусс үөрдэ, ытыктабылларын биллэрэн саал иһэ ытыс тыаһынан туола түстэ.
Эҕэрдэлээччилэр Галина Алексеевна настаабынньык быһыытынан элбэх эдэр суруналыыстарга көмө, сүбэ-ама буоларын, барыларын түмэрин, көмөлөһөрүн бэлиэтээтилэр, истиҥник махтаннылар. Суруналыыстар сойуустарын салайар кэмигэр кини хас биирдии чилиэҥҥэ болҕомтолооҕун, куруук кыһалҕаларын быһаарарга кыһалларын, тэрийэр дьоҕурдааҕын, эдэрдии эрчимнээҕин бэлиэтээтилэр.
Манна даҕатан эттэххэ, Галина Алексеевна Суруналыыстар энциклопедияларын таһаарбыт, буойун-суруналыыстарга стела туттарбыт, суруналыыстыка түмэлин, тас дойдуларга пресс-туурдары тэрийбит салайааччы буолар. Ол курдук, суруналыыстыкаҕа 44 сыл устата үлэлээтэ, ол иһигэр 15 сыл устата Саха Сиринээҕи Суруналыыстар сойуустарын салайбыта, билигин даҕаны кылаатын киллэрэн бэрэссэдээтэл солбуйааччыта буолар. Оттон сойуус күүстээх биир улахан уопсастыбаннай тэрилтэ буоларын туоһута - Арассыыйаҕа саамай элбэх чилиэннээх идэлээх сойуус буолар.
- 6
- 1
- 0
- 1
- 0
- 0