Саха АССР-тын төрүттэспит чулуу дьоннорбутуттан биир бастыҥнара, Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ Степан Максимович Аржаков Саха автономиятын төрүттээһиҥҥэ ураты үтүөлэрин туһунан Бүлүү улууһун баһылыга Винокуров Сергей Николаевич дакылаат оҥордо.
Бу үөрүүлээх мунньахха баран кыттарбар төрүөтүнэн Степан Максимович Аржаков судаарыстыбаннай - бэлитиичэскэй диэйэтэл буола үүнэригэр Туобуйа нэһилиэгин урукку баһылыга Степан Иванович Алексеев эһэтэ, абаҕам Алексеев Михаил Николаевич - Суодьаах Мэхээлэ ол кэмнэргэ 700-тэн тахса ынах сүөһүлээх улахан баай киһи, нэһилиэк кинээһэ ураты суолталаах киһи буоларын Бүлүү дьонугар - сэргэтигэр тиэрдэр, билиһиннэрэр, сыаллаах-соруктаах, ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кытынным.
Сэбиэскэй былааһы утарар, элбэх киһи хаанын тохпут Конон Никифоров - Куонаан бандьыыт Бүлүү куоратын ылбытыгар, Бүлүүттэн сэбиэскэй былааһы туруулаһар 8 киһи, ол иһигэр Степан Аржаков, Пантелеймон Расторгуев, Павел Харлампьев кинилэртэн куотан, Өлүөхүмэ куоратыгар Сэбиэскэй былааһы олохтуу борохуотунан устан иһэр Рыдзинскай этэрээтигэр холбоһо атынан Туобуйанан Өлүөхүмэҕэ барбыттар.
Уһун айантан аттыын бэйэлиин эстэн иһэр дьон, Лэмпэй диэн сиргэ Дьоскуоскай Испирдиэн диэн эдэр киһи дьонугар сылдьан ааспыттар.
Кинилэр ааспыттарын кэннэ, сарсыарда бэрт эрдэ тилэх баттаһан, 20-чэ киһилээх, саалаах- саадахтаах Тар Харах диэн Бүлүү казага сирдьиттээх, Куонаан бандьыыт дьоно кырааһынайдар манна бааллар дуо? диэн күргүй - көбүө буолан көтөн түспүттэр.
Бэрт дьадаҥытык олорор ыалтан аһыыр аһылык, ат ылар кыахтара суоҕун өйдөөн, Испирдиэни үүйэ- хаайа тутан, манна кинээс ханна олороруй аһылык, ат ылан, кыраасынайдары ситэн, дьакыйтыахпыт диэн суоһурҕаммыттар. Кырдьык Куонаан бандьыыт дьоно Үөһээ Бүлүүгэ 20-тэн тахса сэбиэскэй былааһы өйүүр дьону сордоон өлөртөөбүттэр, ол иһигэр Балаҕаннаахха 5 киһини өлөрбүттэр.
Оннук дьонтон туох үчүгэйи киһи кэтэһиэй.
Испирдиэн бу дьону сирдээн, Лэмпэйтэн чугас Балаҕаннаах диэн сиргэ олохтоох нэһилиэк кинээһэ Алексеев Михаил Николаевичка - Суодьаах Мэхээлэҕэ тиэрпит.
Суодьаах Мэхээлэ төһө даҕаны баайын, нэһилиэк кинээһэ буоларын иһин бу дьон быстах, өлөрөр - өһөрөр санаалаах дьон буолалларын билэр буолан уонна Степан Аржаковтаах Балаҕаннаахтан баара суоҕа көстөн эрэ ордук Сис күөлэ диэн сиргэ аттыын, бэйэлиин сылайан хоно сыталларын билэр буолан, бу дьону ситэн, бу сиэмэх дьон кыргалларын өйдөөн, кинилэри тохтотор, мэһэйдэһэр сыалтан, алы гынан, тыһаҕас дьаһайтаран, эт буһаттаран, ампаартан арыгы таһааттаран иһэрдэн, аһатан, айантан сылайан иһэр бандьыыттар тото - хана аһаабыттар, онтон уһун айантан сылаалара таайан, итирэн, бэрт сотору хаптайбыттар. Кинилэр утуйбуттарын кэннэ Мэхээлэ оҕонньор илии - атах дьонун ыҥыран, аттары барытын ыыталаан, ыраах үүртэлээн кистээн, кэбиһиҥ, Туобуйаҕа киирэн ревкомнарга илдьиппин тиэрдиҥ, ыраах күрээтиннэр диэн дьон ыыталаабыт.
Дэлби арыгы иһэн, сылбах курдук охтубут, өлөттөрбүт бандьыыттар күн ортото саҥа күөрэс гыммыттар.
Суодьаах Мэхээлэ ол дьоҥҥо аһылыктарын бэлэмнэтэн, арыгы кутан биэрэн аһаталаабыт, ол дьоннор холуочуйа быһыытыйан ат көрдөөбүттэр, кыраасынайдары ситиэхпит диэн.
Суодьаах Мэхээлэ тойоннорун Сүөдэр Күөгэлэп диэн киһини ампаарга ыҥыран саһыл бэлэхтээбит уонна биһиги сайын аттаммаппыт, мин кырдьаҕас буолан, бэйэм курдук биир кырдьаҕас аттаахпын ону илдьэ барыҥ уонна ол кырааһынайдар кэлэн ааспыттара 2 хонно, арааһа Өлүөхүмэ Хоротугар чугаһаабыттара буолуо, сирдьиттэрэ Орто Бүлүү киһитэ Туора Бытык Өлүөхүмэҕэ элбэхтик сылдьыбыт, суолу- ииһи бэрт үчүгэйдик билэр, быһыта - орута түһэн ыырдара ырааттаҕа диэн уоскуппут.
Бандьыыттар холуочуйан, хорсуннара киирэн, кыһыллары ситэн дьакыйталыыбыт диэн күө - дьаа буолан көбөрөҥнөһө олордохторуна, саһыл бэлэхтэтэн санаата көммүт тойонноро Сүөдэр Күөгэлэп дьонун үлтү күргүйдэтэлээн тохтоппут, Арҕаа Туобуйанан төннөбүт диэн сорудахтаан, бандьыыттар уку - сакы төннүбүттэр.
Кинилэр Туобуйаҕа тиийэллэригэр Суодьаах Мэхээлэ бэҕэһээ ыыппыт дьоно тиийэн, кини аатыттан илдьит тиэрдэн, ревкомнар ыраах күрээн биэрэн, Сүөдэр Күөгэлэп дьоно тиийэллэригэр суох буолан биэрбиттэр, онон Туобуйа сиригэр - уотугар хаан тохтубатах.
Степан Аржаковтаах Өлүөхүмэ Хоротугар тиийбиттэригэр, ол кэмҥэ былааһы тутан олорор үрүҥ этэрээт дьоно утары кэлэн, билиэн ылбыттар, биир эдэр хомсомуол уол саалааҕын көрөн тоһуурга ытан өлөрбүттэр.
7 киһини илдьэн хаайбыттар, олору Рыдзинскай этэрээтэ борохуоттарын оҥостон кэлэн, Өлүөхүмэҕэ сэбиэскэй былааһы олохтоон, быыһаан илдьэ барбыттар.
Алексеев Михаил Николаевич - Суодьаах Мэхээлэ өйдөөх, олох хаамыытын сөпкө көрөр, сыаналыыр буолан, Степан Максимович Аржаков олоҕун быыһаан, кини судаарыстыбаннай - бэлитиичэскэй диэйэтэл буола үүнэн, Саха автономиятын туруулаһарыгар улахан үтүөнү оҥорбут киһи буоларынан кини чугас хаан аймахтара, биир дойдулаахтара Туобуйа дьоно - сэргэтэ киэн туттабыт.
Степан Дмитриев, Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Балаҕан ыйын 28 күнэ, 2024 сыл.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0