Тэрээһиҥҥэ арҕаа дойдулар соҥнуур идеологияларын утарсар туһугар күүһү хайдах түмэр уонна “вселенная героев” тэрийэр туһунан кэпсэттилэр.
Айсен Николаев эппитинэн, Арассыыйа култууратын сүрүн күүһүнэн кини баай устуоруйата уонна үгэстэрэ, төрүттэрэ: саха олоҥхото, дойду атын норуоттарын номохторо буолаллар. Номохтор аныгы дьоруойу: төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх хорсун буойуну көрдөрөллөр. Онуоха доҕордуу судаарыстыбалары кытары бииргэ үлэлээһини дириҥэтии улахан суолталаах.
«Хас биирдии дойду, хас биирдии ааптар бэйэтин дьоруойдарын, бэйэтин бэрэстэбиитэллэрин аан дойдуга биллэрэргэ уопсай кыахтары туһанарын туһугар аан дойду барыбытыгар аһаҕас буолуохтаах дии саныыбын. Ол курдук, биһиги бу “аан дойдуну” оҥорорго хааччаҕа суох элбэх ахсааннаах ааптардары тардар кыахтаныахпыт. Доҕордуу дойдулары, Кытайы, Индияны киллэрэн туран, күүспүтүн холбооһун саҥа көлүөнэлэргэ наадалаах дьоруойдар баар буолалларын көҕүлүөҕэ”, — диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.
Айсен Николаев сайдыылаах кинематографтаах уонна баай култуурунай үгэстэрдээх Саха сирэ бу дьоһуннаах үлэҕэ бэйэтин кылаатын киллэрэргэ бэлэмин эттэ.
«Создавая будущее» норуоттар икки ардыларынааҕы симпозиум Владимир Путин сорудаҕынан аһыллыбыт “Арасыыйа” Национальнай кииҥҥэ буола турар. Пуорумҥа учуонайдар уонна чинчийээччилэр, футурологтар, фантаст-суруйааччылар, былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кытталлар. Аһаҕас кэпсэтии чэрчитинэн киһи аймах сайдыытын сценарийдарын уонна аныгы кэм ыҥырыыларын дьүүллэһэллэр.
Хаартыска: SakhaGov
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0