-- Билигин хас биирдиибит тутуһар саамай сүрүн быраабылата “отой билбэт, утары көрөн олорбот киһигитин итэҕэйимэҥ” диэн буолла. Эһиэхэ төлөпүөннээн ону-маны иһитиннэрдэхтэринэ, ону хайаан да бэрэбиэркэлиэхтээххит. Ордук сааныылаах, тус дааннайдаргытын билэ сатыыр эбэтэр хайдах эрэ эһиги дууһаҕытын таарыйар иһитиннэрии буоллаҕына, – диэн хас нэдиэлэ ахсын "Аврора" мэдиссиинэ килииникэтин иһинэн үлэлиир “Көхтөөх уһун үйэлэнии” киинигэр кэлэн сынньанар дьоҥҥо СӨ ИДьМ информационнай-коммуникационнай технологиялары туһанан буруйу оҥорууну бохсор управление оперативнай боломуочунайа Мария Кардашевская сүбэлиир.
https://centr-dolgoletia.ru/2025/05/05/bilbet-do-utun-ite-eyime/
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
