Үгэс быһыытынан сылын ахсын ыытыллар Кыайыы күнүн оһуохайа сүрүн Триумфальнай аарка аттыгар ыытылынна. Дархан этээччилэр сааһы айхаллаан, кыайыы 80 сылын уруйдаан, анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбыт этэҥҥэ төннөн кэллиннэр диэн алгыстаах тойуктарын туойдулар, оһуохайдаан хаамыстылар!
Киһи астынара диэн эдэр ыччат сүүрэн кэлэн тарбах тарбахха ылсан, тоҥолох тоҥолоххо, сарын сыраҥҥа сыстан тутуһан сатаан үҥкүүлүүр, кылыһаҕы таһаарда.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0