Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Арассыыйаҕа дьиэ кыылларын биир кэлим регистрациялыыр тиһиги киллэрэргэ этии киллэрдилэр. Эспиэрдэр санааларынан, бу хаһаайына суох ыттар уонна куоскалар ахсааннарын аҕыйатыа.

Арассыыйаҕа дьиэ кыылларын биир кэлим регистрациялыыр тиһиги киллэрэргэ этии киллэрдилэр. Эспиэрдэр санааларынан, бу хаһаайына суох ыттар уонна куоскалар ахсааннарын аҕыйатыа.

Арассыыйа таһымыгар дьиэ кыылларын булгуччулаах регистрацияны киллэриигэ, дьиэ кыылын быһаарар киритиэрийдэри уонна көҥүллэнэр көрүҥнэр испииһэктэрин оҥорууга — маннык көҕүлээһиннэри сэтинньи 18 күнүгэр Федерация Сэбиэтигэр "Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан сокуону тупсарыы суолталаах боппуруостара" диэн тиэмэлээх төгүрүк остуол кыттыылаахтара таһаардылар.

 "Парламентская газета" дьиэ кыылларын бас билээччилэргэ ханнык саҥа эбээһинэстэр баар буолуохтарын туһунан кэпсиир.

Өстүйүү киритиэрийдэрэ

Эрэгийиэннэртэн киирбит сибидиэнньэлэри ырытыы туоһулуурунан, Арассыыйаҕа 2020–2025 сылларга биллэрдик эбиллэн-ситэриллэн испит кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан сокуон баарын үрдүнэн, бу эйгэҕэ кыһалҕалар бааллар. Бу туһунан Федерация Сэбиэтин аграарнай-ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин чилиэнэ Наталья Котова тыл этиитигэр иһитиннэрдэ.

"Уопсастыбаҕа суолталаахтарынан хаһаайына суох кыыллар, сүрүннээн ыттар, ол иһигэр бас билээччилэр сүтэрбит эбэтэр бырахпыт кыылларын, ахсааннарын сүрүннээһин, ону тэҥэ кыыллар киһиэхэ саба түһүүлэрин боппуруостара буолаллар, — диэн бэлиэтээтэ сенатор. — Ол да буоллар, федеральнай идэлээх сокуон кыылларга амарах сыһыаны көрөр, ол эрээри гражданнар бырааптарын көмүскээһин уонна кинилэр куттала суох буолууларын хааччыйыы тиэмэтэ манна эмиэ баар".

Наталья Котова этэринэн, Айылҕа министиэристибэтин уонна Роспотребнадзор дааннайдара кэрэһилииллэринэн, саба түһүүлэр үксүлэрэ син биир дьиэ кыылларыгар тиксэр. Сокуоҥҥа кыыл төрүөтэ суох өстүйүүтэ кинини үйэ саас тухары приютка ыытарга төрүөт буоларын үрдүнэн, "төрүөтэ суох өстүйүү" диэн тиэрмин, ону быһаарар ньымалар нуорма-быраап баазатыгар суохтар.

"Маны таһынан, эрэгийиэннэри дьиэ кыылларын булгуччулаах регистрациялааһыны уонна учуоту киллэрии, биир кэлим дааннайдар баазаларын тэрийии, приюттары тутууга уонна көрүүгэ-истиигэ сибээстээх үп-харчы кыһалҕаларын быһаарыы долгутар, — диэн сенатор бэлиэтээтэ. — Улахан кыһалҕанан бэйэтэ күүлэйдээһин (самовыгул) буолар, ол эбэтэр кыыллар бас билээччитэ суох, быата суох уопсай эйгэҕэ көҥүл сылдьаллар".

Эппиэтинэс тиһигэ

Төгүрүк остуол кыттыылаахтара быһаарбыттарынан, билигин кыыллары — дьиэтээҕини уонна хаһаайыттара суохтары кытта сибээстээх быраап туттуутун (правоприменительная практика) сүрүннүүргэ аналлаах хас да сокуон барылын оҥоруу бара турар.

Сүрүннэриттэн биирдэстэрэ — эппиэтинэс тиһигин туһунан сокуон барылын, бу гражданнар кыыллар саба түһүүлэриттэн эмсэҕэлээһиннэрин туһунан сайабылыанньалары ылыы биир кэлим ньыматын, ону тэҥэ бу иһитиннэриини боломуочуйалаах уорганнарга тиэрдии бэрээдэгин олохтуоҕа. Бу хайдах көрүҥнээх буолуоҕа билигин биллибэт. Араас санаалар этиллэллэр — 112 нүөмэр курдук үлэлиир федеральнай төлөпүөн нүөмэриттэн саҕалаан, эрэгийиэннэр бэйэлэрэ сэптэри-сэбиргэллэри (үнүстүрүмүөннэри) оҥорор бырааптарыгар тиийэ.

Мунньах кыттыылаахтара атын быраап мөккүөрдэригэр болҕомтолорун уурдулар. Ол курдук, Москуба уобалаһын Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин бастакы солбуйааччыта — Москуба уобалаһын судаарыстыбаннай кылаабынай бэтэринээр иниспиэктэрэ Сергей Новиков дьиэ кыылларын көрүҥнэрин биир кэлим испииһэгин оҥорор наадатын бэлиэтээтэ. Сорох көрүҥнэр, Новиков этэринэн, дьикти быраап балаһыанньатыгар киирэллэр: холобур, минипиги (сибиинньэ оҕото) дьиҥэр дьиэ кыыла буолар, оттон сокуонунан тыа хаһаайыстыбатын кыылын көрүҥэр киирэр.

"Биһиги этиилэрбит ахсааныгар — дьиэ кыылларын федеральнай таһымҥа булгуччулаах регистрациялааһыны Москуба уобалаһыгар билигин үлэлиирин курдук киллэрии киирэр, — диэн Новиков тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. — Ону тэҥэ элбэх кыбартыыралаах эбэтэр чааһынай дьиэҕэ тутуллуон сөп кыыллар муҥутуур ахсааннарын олохтуурга, быстах кэмҥэ көрүү-истии (передержка) дьыалатыгар анал ирдэбиллэри киллэрэргэ уонна киһи доруобуйатыгар буортуну оҥоруу уонна күүлэйдэтии быраабылатын кэһии иһин ыстараап кээмэйин улаатыннарарга".

Төгүрүк остуол кыттыылаахтара этиллибит санаалары уонна этиилэри олоххо киллэрэн, сүбэлэр (рекомендациялар) испииһэктэрин оҥорон, Бырабыыталыстыбаҕа уонна атын идэлээх былаас уорганнарыгар тиэрдэргэ быһаарыстылар.

Хаартыска: Галина Матвеева 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0