Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Түөкүттэр "Госуслуги" техническэй өйөбүлүн үлэһиттэрэбит диэн ааттанан, дьону сэрэтэн, куттуур ньымаларын элбэттилэр.

Түөкүттэр "Госуслуги" техническэй өйөбүлүн үлэһиттэрэбит диэн ааттанан, дьону сэрэтэн, куттуур ньымаларын элбэттилэр.

 Түөкүттэр хайдах быһыылаахтык үлэлииллэрий?

Түөкүттэр эһиги докумуоннаргытынан бас билэр баайгытын-дуолгутун дьаһайарга итэҕэтиилээх суругу (доверенность) оҥоһуллубутун туһунан иһитиннэрэллэр. Онтон "өйөбүл сулууспатыгар" ыйыллыбыт төлөпүөн нүөмэригэр суһаллык эрийэргитигэр сүбэлииллэр.

Маннык иһитиннэриилэргэ итэҕэйимэҥ! Бу — куттаан, ыксатан, эһигиттэн тус дааннайдаргытын көрдүүр ньымалара.

Бэйэҕитин хайдах харыстыыгыт?

 "Госуслуги" каартаҕытыгар киирэн, иһитиннэриилэри (уведомления) бэрэбиэркэлээҥ.

 Сэрэхтээх иһитиннэргэ ыйыллыбыт нүөмэрдэргэ төттөрү эрийимэҥ.

 СМС-тан кэлбит куодтары, пароллары уонна тус дааннайдары кимиэхэ да этимэҥ.

Саарбахтыыр түгэҥҥитигэр, чугас баар МФЦ-га (Элбэх хайысхалаах кииҥҥэ) эбэтэр "Госуслуги" официальнай өйөбүлүгэр эрийэн билсиҥ.

Умнумаҥ: "Госуслуги" дьиҥнээх иһитиннэриилэрэ бас билэр баайгытын "харыстыыр" туһуттан биллибэт нүөмэргэ суһаллык эрийэргитин модьуйбаттар.

Чугас дьоҥҥутун, ордук аҕам саастаахтары, сэрэтиҥ. Эһиги болҕомтолоох буолуугут — түөкүттэртэн саамай үчүгэй харысхал!

Сонун төрдө уонна хаартыска: "Минноваций Якутии" МАКС ханаала 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0