Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -18 oC

Аҕа дойду Улуу сэриитин Кыайыытын параада 1945 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр ыытыллыбыта.  Онон Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт параад дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан  бэс ыйын 24 күнүгэр ыытыллыбыта мээнэҕэ буолбатах. 

Аҕа дойду Улуу сэриитин Кыайыытын параада 1945 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр ыытыллыбыта.  Онон Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт параад дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан  бэс ыйын 24 күнүгэр ыытыллыбыта мээнэҕэ буолбатах. 

«АиФ» хаһыат суруйарынан, 75 сыллааҕыта Кыайыы параадын бэс ыйын 24 күнүгэр ыытар туһунан быһаарыы соһуччутук ылыныллыбыт. Ыам ыйын ортотугар Кириэмилгэ Германияны кыайыынан баҥкыат тэриллибит. Генеральнай ыстаап Суһал управлениетын начаалынньыга Штеменко ахтыбытынан: «Арааһа, Ыстаалын эрдэттэн быһаарыы ылыммыт быһыылааҕа. Кини биһиэхэ толкуйдуурбутугар уонна бэйэбит санааларбытын киниэхэ биллэрэрбитигэр бирикээстээбитэ. «Булгуччу уратылаах параады бэлэмниэхпитин уонна ыытыахпытын наада», - диэн эбэн эппитэ. Ыам ыйын 24 күнүгэр Кыайыы параадын оруобуна биир ыйынан ыытар туһунан Ставка дирэктиибэтэ тахсыбыта.

аччат парад фото 2 1

Бары боруоннарга, флоттарга уонна Москва гарнизонугар, кыргыһыыларга чорбойбут, бойобуой наҕараадалардаах, баҕа хоту 176 см итэҕэһэ суох үрдүктээх, 30-гар диэри саастаах 30 тыһыынча киһини хомуйарга бирикээс бэриллибитэ. Барыларыгар саҥа пуорма таҥас тигиллибитэ. Бары боруоннар штандартарын бэлэмнээһиҥҥэ Улахан тыйаатыр мастарыскыайдара үлэҕэ тардыллыбыттара.

Бэс ыйын 10 күнүгэр киин куоракка параад кыттыылаахтарын тиэйбит поезтар кэлитэлээн барбыттара. Параакка барыта 24 маршал, 249 генерал, 2536 эписсиэр, 31116 эрэдэбиэй уонна сержант кыттыбыттара. Тиэхиньикэ, дьон, аттар уонна миинэни көрдүүр ыттар Кыһыл болуоссатынан эҥкилэ суох ааспыттара. Арай лүөччүктэр табыллыбатахтара, сарсыардаттан Москваҕа ардаабыта. Параад түмүктэниитэ, 1400 муусукааннаах оркестр (быйыл 900 муусукааннаах буолуоҕа) кэлин тиһэҕинэн болуоссаты босхолоотун, күн чэмэличчи тыкпыта.

аччат парад фото 3 2

24.06.2020.  Бэс ыйын 24 күнүгэр  дойду 28 куоратыгар парааттар тэриллиэхтэрэ. Онно 177 тыһ. киһи (Москваҕа – 15 тыһ. киһи) кыттыаҕа. 4,5 тыһ. эдинииссэ сэрии сэбэ уонна байыаннай тиэхиньикэ (Москваҕа – 200) тардыллыаҕа. (АиФ. 23 №-рэ. 2020 с. Бэс ыйын 3-9 кк.).

Кыайыы параадын кыттыылааҕа

аччат корякин константин фото

1945 сыл бэс ыйын 24 күнүнээҕи Кыайыы параадын кыттыылаахтарын ортолоругар Бүлүү куоракка төрөөбүт саха уола Константин Евгеньевич Корякин баара.

Саллаат бойобуой суола

Константин Корякин сэриигэ 1941 сыл от ыйыгар Бүлүү оройуонуттан бастакынан ыҥырыллыбыттар  кэккэлэригэр баара. Ураалга тиийэн, хайыһар биригээдэтигэр түбэһэн, кылгас байыаннай үөрэҕи барбыта. Өстөөх Москва анныгар тоҕу анньан кэлэн, сүрдээх ыарахан балаһыанньа үөскээбитэ.

Константин Корякин Хотугулуу-Арҕааҥҥы боруон 282-с стрелковай дибиисийэтин 181-с стрелковай пуолкатын охсуулаах бөлөҕөр киирсэн, Деменскэй куорат аттыгар эрэдэбиэй саллаатынан кыргыһыыга киирбитэ. Сытыы-хотуу, бэргэнник ытар саллаакка сотору сержант сыбаанньатын иҥэрбиттэрэ, отделение хамандыырынан анаммыта. Оборуонаҕа да, кимэн киириилэргэ да элбэхтик сэриилэспитэ. 1942 сыл атырдьах ыйыгар ыараханнык бааһыран, уҥа хараҕын мэлиппитэ. Эмтэнэн, салгыы сулууспалыы хаалбыта.

Константин хабалыарыйа чааһыгар анаммыта. Бэйэтин лаппа кыанар, сытыы-сымса буолан, ат үрдүттэн сэриилэһэр ньымалары туйгуннук баһылаабыта. Идэтинэн матымаатыка учуутала эдэркээн киһини салгыы минометчик үөрэҕэр анаабыттара. Бу үөрэҕин эмиэ эҥкилэ суох баһылаан, өстөөҕүн утары миномет сууһарыылаах уотунан кыргыспыта. Минометы таһынан, артылыарыйа эрэспиэччигин бойобуой идэтин ылбыта.

1943 сыл от ыйыгар инники кирбиигэ хаттаан тиийэн, 82 мм миномет наводчигынан сэриилэспитэ. Константин Корякин көһөрүллэ сылдьар миномета өстөөх бойобуой бөҕөргөтүнүүлэрин суох оҥорор сыаллаах самнарыылаах уоту биир бастакынан аһара. Ол онон оруота, пуолка кимэн киириилэрин хааччыйара.

Гвардия старшай сержана Константин Корякин миномет расчетун хамандыырынан, артылыарыйа старшай эрэспиэччигинэн, взвод хамандыырын көмөлөһөөччүтүнэн сэрии түмүктэниэр диэри сулууспалаабыта. Миномет батареятын хомсуорунан талыллан, эдэр саллааттары бойобуой-бэлитиичэскэй иитиигэ көхтөөх үлэни тиһигин быспакка ыытыһара. Кини сулууспалаабыт хабалыарыйатын куорпуһа сымса, сыыдам сырыылаах буолан, элбэх боруоҥҥа тиийтэлээн кыргыспыта. Степной боруонтан Калининскай боруоҥҥа тиийэн-түгэнэн Ржеви босхолооһуҥҥа кыттыбыттара. Салгыы Арҕааҥҥы боруон састаабыгар киирэннэр, Ельня уонна Смоленскай куораттартан өстөөҕү үүрсүбүттэрэ.

1944 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр Белоруссияны босхолооһун саҕаламмыта. 1-кы Прибалтийскайдааҕы, 1-кы, 2-с уонна 3-с Белоруссиятааҕы боруоннар сэриилэрэ кимэн киирбиттэрэ. 3-с Белоруссиятааҕы боруоҥҥа киирэр 3-с гвардийскай хабалыарыйа куорпуһун чаастара, пехота иннигэр урутаан түһэннэр, харса суох кимэн киирбиттэрэ. Арҕаа Двина, Березина өрүстэргэ оборуоналанан сытар өстөөҕү тоҕу көтөннөр Борисов, Лида, Гродно куораттары босхолоспуттара. Гвардия старшай  сержана Константин Корякин миномета көһө сылдьан, өстөөхтөр уоту аһар туочукаларын, бүлүмүөттэрин, тиэхиньикэлэрин, саллааттарын суох оҥортуура.

Кинини наҕараадалыыр лиискэ маннык суруллубут: «Витебскэй уобалас Семеновскай оройуонун Теснице дэриэбинэтин аттыгар буолбут кыргыһыыга Корякин миномета өстөөх икки бүлүмүөтүн расчеттарын кытта суох оҥордо. Взводка чугаһыыр ахсааннаах аптамаатчыктарын сууһаран, бэрт аҕыйахтарын атахтарынан куоттарда. Онон подразделение ситиһиилээхтик кимэн киириитин хааччыйда. Тус бэйэтэ ньиэмэс эписсиэрин уонна 4 саллаатын билиэн ылла». Бу хорсун быһыытын иһин К.Е.Корякин Аҕа дойду сэриитин 2-с истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. Бу кыргыһыыга кини илиитигэр бааһырбыта.

Константин Корякин хамаандалыыр минометын расчета Польшаны босхолоһон, Бэрилиини арҕаа өттүнэн эргийэн, 1945 сыл  ыам ыйын 5 күнүгэр Эльба өрүскэ сэриини түмүктээбитэ. Хорсун кавалерист, бэргэн минометчик, гвардия старшай сержана Константин Евгеньевич Корякин Аҕа дойду сэриитин 1-кы, 2-с истиэпэннэрдээх уордьаннарынан, Албан Аат 3-с истиэпэннээх уордьанынан, «Бойобуой үтүөлэрин иһин» уо.д.а. элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

К.Е.Корякин 3-с хабалыарыйа куорпуһун холбоһуктаах дивизионун састаабыгар 1945 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр Москваҕа Кыһыл болуоссакка ыытыллыбыт Улуу Кыайыы параадыгар кыттыбыта. Туйгун сэрииһит, параад кыттыылааҕа, саха киһитэ Константин Евгеньевич Корякин кыайыылаахтар кэккэлэригэр устуруойунан хааман иһэн, Сэбиэскэй бырабыыталыстыба, хомунньуус баартыйа салайааччыларын, Үрдүкү Кылаабынай Хамаандыссай, генералиссимус, улуу И.В.Сталины, бары Сэбиэскэй полководецтары илэ көрбүтэ.

Үтүөлээх учуутал

Сэрии иннинэ Бүлүүтээҕи педучуулуссаны, кэлин Саха педүнүстүүтүн бүтэрбит Константин Евгеньевич Дьокуускай 9 №-дээх оскуолатыгар физика уонна матымаатыка учууталынан, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үйэ чиэппэрэ кэмҥэ үлэлээбитэ. Бу оскуола өр сылларга оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ куоракка эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥник биллэр үчүгэй үлэлээх оскуола этэ. Оскуола байыаннай-спортивнай үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин, САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин көһөрүллэ сылдьар Кыһыл знамятын 1952-1962 сс. (10 сыл устата) илдьэ сылдьыбыта. К.Е.Корякин ыччаты үөрэтиигэ, иитиигэ, спорду сайыннарыыга сыралаах үлэтэ Ленин уордьанынан бэлиэтэммитэ.

Аатырбыт спортсмен

Константин Корякин, сэриини саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ааспыт, иккитэ улаханнык бааһырбыт буойун, пед-үнүстүүккэ үөрэнэр сылларыгар САССР икки үбүлүөйдээх уонна биир сайыҥҥы спартакиадаларын араас дистанциялаах сүүрүүлэригэр чөмпүйүөннээбитэ. Кэлиҥҥи спартакиадатыгар чөмпүйүөннүүрүгэр 30 сааһын ааспыт киһи этэ. Кини араас дистанцияларга барыта өрөспүүбүлүкэ 30 рекордун олохтообута. Константин Евгеньевич тириэньэр быһыытынан өрөспүүбүлүкэ үгүс биллиилээх чэпчэки атлеттарын ииппитэ.

Хорсун буойун, дойдутун төлөннөөх ботуруйуота, талааннаах педагог, саха биир ат бөҕө, кус быһый ньургуна уонна боруоста кэрэ киһитэ Константин Евгеньевич Корякин холобур буолар чахчы улахан олоҕу олорон ааспыта.

Афанасий Николаев, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

«Саха сирин буойуннара – Дьобуруопа норуоттарын фашизмтан босхолооһун кыттыылаахтара» кинигэттэн

Прокопий ИВАНОВ бэчээккэ бэлэмнээтэ

1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Москва куоракка буолбут Кыайыы параада 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением