Саха сиригэр манна аналлаах тэрээһиннэр эмиэ буолуохтара. Бу тэрээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүү кыттыһан, ити күн улууска ыһыахтыыллар. Армейскай таҥастаах дьон 75 атынан параадтаан, Улуу Кыайыыны чиэстиэхтэрэ, уруйдуохтара. Бу күннэргэ итиннэ бэлэмнэнии күүскэ барар. Ол курдук, Боотулуу нэһилиэгэ уонтан тахса аты бэлэмнээтэ. Бүгүн 11 чаас саҕана аттары массыыналарга тиэйэн, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр айаннаатылар.
Санатар буоллахха, бэс ыйын 24 күнэ талыллыбыта мээнэҕэ буолбатах. Историяны сэгэтэн көрдөххө, 1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Москва, Сталинград куораттары уонна Европаны босхолообут, Берлины ылбыт саллааттар бары кэриэтэ Кыһыл болуоссакка параадтаан ньиргиппиттэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0