Кыайыы волонтердара уоттаах сэрии кыттыылаахтарыгар, 50 тыһ. бэтэрээҥҥэ дьон-сэргэ эҕэрдэтин тиэртилэр. Истиҥ тыллары төлөпүөннэригэр эрийэн эттилэр, аккырыыккаларга суруйан тиэртилэр уонна түннүктэрин анныгар кэнсиэрт тэрийдилэр. Ол туһунан “Кыайыы волонтердара” хамсааһын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
“Ыарыы туран уустук кэм сатыылаан күндү бэтэрээннэрбит бу Улуу Кыайыы бырааһынньыгын дьиэлэригэр олорон көрүстүлэр. Арассыыйаҕа уонна 46 судаарыстыбаҕа тэриллибит “Кыайыы волонтердара” хамсааһын кыттааччылара бу күн 50 тыһ. бэтэрээни эҕэрдэлээтилэр. Билигин ытык дьоммутугар хаһааҥҥытааҕар да өйөбүл, болҕомто уонна истиҥ сэһэргэһии наада”, -- диэн хамсааһын салайааччыта Ольга Амельченко эппит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0