Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

 

          Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай харалтаҕа, үлэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтэ доруобуйа харыстабылын эйгэтэ каадырдарынан хааччыллыытын боппуруостарыгар “төгүрүк остуолу” тэрийдэ.

 

          Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай харалтаҕа, үлэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтэ доруобуйа харыстабылын эйгэтэ каадырдарынан хааччыллыытын боппуруостарыгар “төгүрүк остуолу” тэрийдэ.

Мунньаҕы кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров иилээн-саҕалаан ыытта.

Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева, норуот дьокутааттара, сис кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, баһылыктар, оройуоннар бэристэбиитэллэрэ, кылаабынай быраастар кыттыыны ыллылар.

Интэриниэт мөлтөҕө кытта төрүөт буолар

Киирии тылыгар Владимир Чичигинаров сис кэмитиэт үлэтин биир сүрүн салаатынан доруобуйа харыстабылыгар каадырдарынан хааччыллыы боппуруоһа буоларын эттэ. Маныаха СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин көҕүлээһиннэринэн араас бырагыраамалар олоххо киирбиттэрин бэлиэтээтэ. Холобур, «Земскэй луохтуур/биэлсэр». Маны тэҥэ «Обеспечение медицинских организаций системы здравоохранения квалифицированными кадрами Республики Саха (Якутия) на 2019-2024 годы» диэн бырагыраама, исписэлиистэри сыаллаах үөрэтии, быраастар биригээдэлэрин тэрийэн, улуустарынан үлэлэтии, о.д.а. дьаһал эрэгийиэн каадырдарынан хааччыллыытыгар туһуланаллар. Ол эрээри билигин даҕаны быһаарылла илик кыһалҕалар элбэх. Ол курдук, Аартыка улуустарыгар быраастар син биир тиийбэттэр, анал исписэлиистэр аҕыйахтар.

Владимир Ильич иһитиннэрбитинэн, СӨ Счетнай палаататын отчуотугар олоҕуран, бүддьүөт харчытыгар маҥнайгы сүһүөх мэдиссиинискэй-санитарнай көмө түмүктэрин, бу иһигэр каадырдары аттарыы боппуруоһун ырыппыттар. Онно биллибитинэн, киин улуустарга хааччыллыы бырыһыана үрдүк, оттон Хоту уонна Аартыка улуустарыгар намыһах. Ол сүрүн биричиинэтэ олорор усулуобуйа ыарахана, Интэриниэт мөлтөҕө уонна сыаната үрдүгэ, оройуон кииниттэн нэһилиэктэргэ диэри суол-иис суоҕа, бородуукта, туттар мал-сал, Дьокуускайга диэри билиэт сыаналара үрдүгэ.

Маны тэҥэ биир бырааска хас даҕаны дуоһунас, эппиэтинэс сүктэриллэрэ ноҕоруускалаах. Оттон ол дьиҥнээх эбээһинэһин хаачыстыбалаахтык толорорун адаҕалыыр. Аны туран, «Земскай луохтуур/биэлсэр» бырагыраамаларынан барабыт” диэн дуогабар түһэрсэн, биир кэмнээх компенсацияларын ылан баран, толору үлэлээбэккэ, хантараагы тутуспакка гынан баран, харчыны төнүннэрбэт буолуу эмиэ баар суол.

 Онон туһалаах бырагыраамалар да ымпыктара-чымпыктара элбэх эбит, ону барытын сааһылыырга хонтуруол күүһүрүөн наада.  

Быраас ахсаана элбээбит

Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрбитинэн, бу сыл саҕаланыытын көрдөрүүтүнэн, быраас дуоһунаһын ыстаата 6575,25, итиннэ 2136 үлэлиир. Орто сүһүөх мэдиссиинэ персоналын үлэһиттэрин ыстаатыгар 12 602,75 дуоһунас баарыгар 11 350 исписэлиис үлэлиир. Онон быраастарынан хааччыллыы 78,1 %, оттон орто мэдиссиинискэй персонал хааччыллыыта - 90,6%.

здравоох4

2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ, быраас ахсаана элбээбит. Ол курдук, 310 бырааһынан эбиллии баар. Орто мэдиссиинэ персоналынан 10 тыһыынча нэһилиэнньэҕэ хааччылыы 116,8  тэҥнэспит (2017 с.-115,4).

Саха Сиригэр мэдиссиинэ каадырдарынан хааччыйар тус сыаллаах «Обеспечение медицинских организаций системы здравоохранения квалифицированными кадрами Республики Саха (Якутия) на 2019-2024 годы» эрэгийиэн бырагыраамата үлэлиир. Үтүө түмүктэр биллэн эрэллэр. Амбулаторияларга быраастар эбиллэллэр, идэлэригэр билиилэрин хаҥатыыга үлэ барар, араас быраап-нуорма аахталара ылыллаллар, о.д.а.

Доруобуйа харыстабыла уонна үөрэҕирии министиэристибэлэрэ специалитет уонна ординатура бырагырааматыгар тус сыаллаах үөрэтиини тэрийэллэр. Арассыыйа 12 үөрэх тэрилтэтигэр, ол иһигэр Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Томскайга, устудьуоннары үөрэттэрэ ыыталлар. Эрэгийиэҥҥэ үрдүк үөрэҕи ХИФУ мэдиссиинэ институтугар, орто үөрэҕи Дьокуускайга, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Жатайга баһылыахха сөп.

2017 сылтан 2021 сылга диэри үрдүк үөрэххэ тус сыаллаах, бүддьүөт харчытынан хааччыллар специалитекка -- 1031, ординатураҕа -- 313, орто анал үөрэххэ 667 устудьуону кытары дуогабар түһэрсиллибит. 2022-2023 сылларга РФ Үөрэҕин министиэристибэтигэр специалитекка 293 миэстэҕэ, ординатураҕа 158 миэстэҕэ сайаапка ыытыллыбыт.

          «Земскэй луохтуур/биэлсэр» бырагыраамаларынан 2020 сылтан Саха Сирин бары оройуоннарыгар быраастарга 2 мөл. солкуобай, биэлсэрдэргэ 1 мөл. солкуобай биирдэ бэриллэр компенсация олохтоммут. Бу быраас, биэлсэр тыа сиригэр, оробуочай бөһүөлэктэргэ үлэлии бардахтарына төлөнөр. Оттон 50 тыһыынчаҕа диэри нэһилиэнньэлээх кыра куоракка барыыга 1 мөл. солкуобай быраастарга, 500 тыһ. солкуобай биэлсэрдэргэ бэриллэр.

2012-2021 сылга диэри тыа сирдэригэр, куораттыы бөһүөлэктэргэ уонна кыра куораттарга уопсайа 1015 быраас анаммыт. Олортон тыа сиригэр – 746, куораттыы бүһүөлэктэргэ – 201, кыра куораттарга – 68, ол иһигэр Аартыкаҕа – 221 быраас уонна 108 биэлсэр, ФАП-тарга, биэлсэр пууннарыгар уонна суһал көмө салааларыгар, ол иһигэр Аартыка зонатыгар -- 29.

Аартыкаҕа аныыр албастар

2021 сылга "Земскэй луохтуур/биэлсэр" бырагырааманан компенсацияны мэдиссиинэ 117 үлэһитэ ылбыт, олортон 83 быраас уонна 34 биэлсэр, ол иһигэр Аартыка балаһатыттан 28 быраас уонна 10 биэлсэр.

2022 сылга бу бырагырааманан 147 исписэлиис ананара былааннанар, ол эбэтэр 120 быраас, 27 биэлсэр. Олортон Аартыкаҕа 54 бырааһы, 9 биэлсэри ыытыахтара.

Маны тэҥэ Аартыка уонна хоту улуустарыгар үлэлии барар 40-гар диэри саастаах быраастарга олорор усулуобуйаны тупсарыыга биир хостоох кыбартыыра сыанатын 50%-гар тэҥнэһэр төлөбүр оҥоһуллар. Маныаха быраас хоту эбэтэр Аартыкаҕа 5 сыл үлэлиэхтээх. Бу бырагырааманан 2021 сылга доруобуйа харыстабылын 18 үлэһитэ туһанна. Маны тэҥэ үс өттүттэн илии баттааһыннаах 6 саҥа дуогабар түһэрсилиннэ. 2022 сылга 5 сыл үлэлээбит 10 үлэһиккэ харчы төлөнүө. Бу дуогабардар номнуо 2017 сыллаахха илии баттаммыттар.

Маны тэҥэ улуус дьаһалталарын кытары ыкса үлэ барар. Ол олорор дьиэнэн хааччыйыы, оҕолорун уһуйааҥҥа, оскуолаҕа уочарата суох ылыы, о.д.а. көмөлөр.

Бу курдук доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нөҥүө каадыр бэлиитикэтигэр ситимнээх үлэ барар. Бу дьаһал оройуоннары быраастарынан уонна орто сүһүөх мэдиссиинэ персоналынан хааччыйарга абыраллаах. Оттон эмчит баар буоллаҕына, нэһилиэнньэ өлүүтүн уонна ыарыһах ахсаана аччыыр.

Бастакы уочарат --  олорор усулуобуйа

 “Төгүрүк остуолга” СӨ Үөрэххэ уонна билимҥэ миниистирэ Ирина Любимова, норуот дьокутаата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ректора Анатолий Николаев, мэдиссиинискэй кэллиэс дириэктэрэ Дмитрий Алексеев, Ньурба оройуонун социальнай боппуруостарга баһылыгы солбуйааччы Анна Уларова тыл эттилэр.

здравоохранеи 1

Үөрэх министиэристибэтигэр 2022-2023 үөрэх дьылыгар СӨ бүддьүөтүн суотугар сыаллаах үөрэххэ былаан бырайыага оҥоһуллубут. Ол курдук, М.К.Аммосов аатынануниверситекка 300 миэстэ тыырыллыбыт, ол иһигэр 178 - специалитет, ординатура - 122. СӨ таһыгар үөрэниигэ 151 миэстэ бэриллибит.

2021-2022 сылларга мэдиссиинэ орто анал үөрэҕин 4 кыһата баара биллэр: Дьокуускайдааҕы, Алданнааҕы, Нерюнгритааҕы кэллиэстэр, Жатайдааҕы техникум. 2021 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, орто анал үөрэххэ 3 419 устудьуон үөрэнэр. Балартан 3 243 киһи (94,9%) – күнүскүгэ,  176 киһи (5,1%) – күнүскэ-кэтэхтэн, 2 405 киһи (70,3%) – СӨ бүддьүөтүн суотугар, 1014 киһи (29,7%) – төлөбүрдээх үөрэх өҥөтүн ыларга дуогабарынан.

Орто анал үөрэх кыһалара бары аныгы матырыйаалынай-тиэхэньиичэскэй базалаахтар, үрдүк таһымнаах үлэһиттэрдээхтэр, толору устудьуоннаахтар. Бу кыһалар үөрэтиинэн эрэ буолбакка, эбии үөрэхтээһиҥҥэ, квалификацияны үрдэтиитинэн эмиэ дьарыктаналлар. Маны тэҥэ кылгас үөрэх бырагырааматынан СӨ нэһилиэнньэтин уонна атын эрэгийиэннэри хааччыйаллар.

Билиҥҥи туругунан Нерюнгри куоракка устудьуоннар уопсайдара суоҕа атахтыыр. Онон үөрэнээччилэр дьиэ куортамныырга эбэтэр аймахтарыгар олорорго күһэллэллэр. Бу боппуруос төрөппүттэр өттүлэриттэн куруук болҕомтоҕо сылдьар. Тоҕо диэтэххэ устудьуон 69%-а --элбэх оҕолоох уонна кыра дохуоттах дьиэ кэргэн оҕолоро буолаллар.

--Олорор сиринэн хааччыйыы кыһалҕата хонтуруолга сылдьар, аҕыйах сылынан быһаарыллар кыахтаах. Ол курдук, Нерюнгри киин балыыһатын уларыта тутуу (реорганизациятын) түмүгэр, биир дьиэ босхолоноро сабаҕаланар. Оччотугар 120 куойка-миэстэлээх уопсай диэ тахсыан сөп, -- диир үөрэх уонна билим миниистирэ уонна бу боппуруоһу “төгүрүк остуол” эрэкэмэндээссийэтигэр киллэрэргэ эттэ.

Араас хайысханы хабан сайдыахтаах

Норуот дьокутаата, ХИФУ ректора Анатолий Николаев иһитиннэрбитинэн, СӨ эмтиир эйгэтин үлэһиттэрин 80%-а – бары кинилэр урукку устудьуоннара. Кини ХИФУ каадырдары бэлэмнииргэ уопутун кэпсээтэ.

Ол курдук, саҥа «Приоритет-2030» бырагырааманан ХИФУ мэдиссиинэҕэ үөрэхтээһинэ улахан суолталаммыт. «Билигин мединститукка 1800-тан тахса устудьуон, ординатор уонна аспирант үөрэнэр, 200-тэн тахса научнай-педагогическай үлэһит баар. Норуоттар икки ардыларынааҕы Round University Ranking рейтининэн, «Мэдиссиинэ наукалара» салааҕа ХИФУ дойду үрдүнэн 4-с, аан дойдуга 326-с миэстэлэри ылар», –диэн Анатолий Николаев иһитиннэрдэ.

Биир сүрүн киритиэрий – үөрэҕи бүтэрээччилэр бэлэмнэрин таһыма. Үлэ ырыынагар төһө ирдэниллэрин билээри, ыйытынньыктары уонна аҥкыаталары толорторбуттар. Онуоха үлэ биэрээччилэр билиилэрин таһымын үрдүктүк сыаналаабыттар. 92%-ара ХИФУ атын да салаатын бүтэрбиттэри үлэҕэ ыларга бэлэмнэр, 83%-ара үөрэх таһыма үрдүгүн бэлиэтээбит.

Анатолий Николаевич санаатынан, Саха Сирин доруобуйа харыстабылын салаата сайдыыта саҥа быһаарыылары, технологическай уонна организационнай инновациялары эрэйэр.

«Болҕомтону каадыр тиийбэтигэр уонна дисбаланска эрэ хатыыр буолбакка, каадырдары хаачыстыбалаах мультидисциплинарнай уһуйууга эмиэ туһуланыахтаах. Быраастары уонна орто сүһүөх мэдиссиинэ персоналын үөрэтии эмтиир эйгэни эрэ буолбакка, атын да биэдэмистибэлэри хабыахтаах. Үрдүкү мэдиссиинискэй үөрэх араас хайысханы хабан сайдыахтаах», – диэтэ.

Мантан салгыы “төгүрүк остуол” кыттыылаахтара дакылааттаабыттарга уонна министиэристибэлэргэ ыйытыылары биэрдилэр уонна эрэкэмэндээссийэлэр бырайыактарын ылыннылар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24