Патогеннай микроорганизмнары (генетическэй манипуляциялар, биосинтез о.д.а. дьайыы түмүгэр ылыллыбыт вирустар, микроорганизмнар, токсиннар, биоагеннар) Арассыыйаҕа киллэрэр контрабандистарга холуобунай эппиэтинэһи 12 сылга диэри болдьохтоон быһарга эттилэр.
Маны таһынан, көннөрүүлэргэ патогеннары туттууга куттал суох буолуутун быраабылатын кэһии иһин буруйдааһыны кытаатыннаран аҕыс сылга диэри болдьоххо көҥүлү быһарга уонна накаастабылы - биэс сылга диэри болдьохтоох күһэлэҥ үлэни көрүөхтэрэ.
Сокуон барыла РФ судаарыстыбаннай кыраныыссатын нөҥүө кутталлаах вирустары таһыы хонтуруолун күүһүрдэргэ, ону тэҥэ туттулларын бэрээдэктииргэ туһаайыллар, - диэн көннөрүүлэри киллэриигэ үлэлэспит Судаарыстыбаннай Дуума Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ирина Яровая кэмэнтээрийдиир.
Сокуону ылыныы дойдубут куттала суох буолуутун бөҕөргөтүүгэ көмөлөһүө. Санатан эттэххэ, АХШ биһиги кыраныыссабыт чугаһыгар биологическай сэрии сэбин оҥорор уонна ону дьоннорго тургутан көрөр. Ол курдук Киев эрэсиимэ Донбаас эйэлээх олохтоохторугар бу кутталлаах сэби туттарга соруммута биллибитэ. Онон биһиги Арассыыйа олохтоохторугар куттал суох буолуутун хааччыйар соруктаахпыт, - диэн Куттал суох буолуутун уонна коррупцияны утары кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Василий Пискарев эттэ.
Иһитиннэрии уонна хаартыска: http://duma.gov.ru/news/59138/
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0