Икки кыһыл дипломнаах
-Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүнэн «Ил Түмэн» хаһыат ааҕааччыларын истиҥник эҕэрдэлиибин. Бэйэм аармыйаҕа сулууспалаабатаҕым эрээри, саппааска сылдьар ыстаарсай сержант званиелаахпын. Тоҕо сулууспалаабатыҥ диир буоллахха, ыҥырыллыахтаах кэммэр ординатураҕа, аспирантураҕа үөрэммитим, кэлин мэдиссиинэ тэрилтэтигэр үлэҕэ киирэн ыҥырбатахтара. Ол эрээри ытык иэспиттэн туора турбаппын, Анал байыаннай дьайыы зонатыгар баран көмөлөһөбүн.
Бэйэм туспунан кэпсээтэххэ, олус эйэлээх дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм. Холобур оҥостор дьонум ийэлээх аҕам буолаллар. Ийэм Лариса Васильевна сибээс салаатыгар ыстаарсай электромеханигынан үлэлээбитэ, аҕам Петр Филаретович СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Оскуолаҕа олус сэмэйим, үөрэхпэр кыһалларым. Дьокуускай куоракка ахсыс оскуолаҕа үөрэммитим. Алтыс кылааска оскуолаҕа бэйэни салайыныыга үлэлээн саҕалаабытым, тыйаатырга дьарыктанарым. Үөрэтэр үлэҕэ педагог-организатор Валентина Васильевна Заярнаяҕа махтанабын. Кини миигин таба көрбүтэ, уопсастыбаннай олоххо киллэрбитэ. Элбэх интэриэһинэй тэрээһиннэри ыытарбыт. Кылааспыт салайааччыта Любовь Вениаминовна Софронова күүс-көмө буолбута. Хомойуох иһин, кини үс сыллааҕыта олохтон туораабыта.
Оскуола маҥнайгы бэрэсидьиэнэ буолабын. Онус кылааска үөрэнэ сылдьан быыбарга маҥнайгытын кыттыбытым. Өйүүр бөлөхпүн кытары аҕытаассыйалыыр матырыйааллары оскуола хас бирдии этээһин ахсын ыйаабыппыт, кылаастарынан быыбар инниннээҕи бырагыраамабын билиһиннэрбитим.
Бырагыраамам уустук буолбатах этэ – интэриэһинэй тэрээһиннэри ыытыы, сынньалаҥы тэрийии уонна үөрэхтэригэр хаалар оҕолорго көмө. Талыллан баран, “Тимуровскай хамсааһыны” актыыбынайдык ыытарбыт, бэтэрээннэргэ, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ыалларга көмө хомуйарбыт.
Ол кэмтэн мин олохпор сүрүн быраабылалаахпын – тугу баҕарар этиэххэ, эрэннэриэххэ сөп, ол эрээри оҥорбуккун түмүктэринэн сыаналыыллар. Оскуола киһи олоҕор ураты улахан суолталааҕын бары билэбит. Ол эрээри, оҕо иитиитигэр төрөппүт уонна учуутал тэҥҥэ үлэлиэхтээх. Бэйэбинэн холобурдаатахха, төрөппүттэрим уопсастыбаннай үлэбин өйүүллэрэ эрээри, үөрэхпиттэн хаалбаппын ирдииллэрэ.
Оскуолабын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Биир түөрдүм – литэрэтиирэҕэ. Ааҕарбын олус сөбүлүүбүн эрээри, тиэкиһи ырытыыга мин санаам кириитиктэри кытары сөп түбэспэт этэ.
Икки үрдүк үөрэҕи кыһыл дипломнарынан бүтэрбитим. Ол курдук, Мэдиссиинэ үнүстүүтүн уонна РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн судаарыстыбаннай сулууспа уонна норуот хаһаайыстыбатын Арассыыйатааҕы академиятын (РАНХиГС). Киһи ханнык баҕарар үлэни, үөрэҕи хаачыстыбалаахтык, кыһаллан толордоҕуна түмүктэрэ үтүө буолар.
Үлэҕэ маҥнайгы хардыылар
- Оҕо сааспар харчы боппуруоһа ыктарыылаах этэ. Бэйэбин улахан киһибин, төрөппүттэрим моонньуларыгар олоруо суохтаахпын дии саныырым. Кыра сылдьан эбэбин кытары бытыыкка хомуйан, сууйан, туттаран харчыламмыппын өйдүүбүн. Биир оннук хамнаспар кэмпиэт эрэ буолбакка, будильник уонна араадьыйа ылан олус үөрбүтүм.
Улахан кылаастарга СГУ мэдиссиинэ үнүстүүтүн иһинэн үлэлиир Мэдиссиинэ аччыгый академиятыгар үөрэммитим. Академия үрдүк үөрэххэ бэлэмниир эрэ буолбакка, идэни таларга көмөлөһөрө. Биологияны, химияны дириҥэтэн үөрэтэрбит, мэдиссиинэ үнүстүүтүн маҥнайгы, иккис куурустарын дьиссипилиинэлэрин барарбыт, балыыһаларга быраактыкаланарбыт.
Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр Мэдиссиинэ национальнай киинигэр нейрохирургия салаатыгар санитаарынан үлэлээбитим. Ыарыһахтары эпэрээссийэ иннинэ уонна кэнниттэн көрөрүм, үксүлэрэ ороҥҥо сыталлара. Иккис кууруска эмиэ бу салааҕа кэлбитим, түүҥҥү дьуһуурунай буоларым.
Ол курдук, түүнүн үлэлиирим, күнүһүн үөрэнэрим. Үс ый устата олус илистэн, тохтообутум, атын үлэни көрдөнөргө күһэллибитим. Бу курдук, санитаардаан бүтэн «РИМ» араадьыйаҕа үлэһитинэн киирбитим. Үлэ күнүгэр киэһээҥҥи эфиирдэргэ олорбутум, сынньалаҥ күннэргэ – түүнүн.
Манна отой даҕаны былааһы ылбытым (күлэр) «Р» буукубаны сатаан саҥарбат ди-джейи истээччилэрим сөбүлээбиттэрэ, медиахолдинг салалтата ити мин тус уратым буоларын таба сыаналаан, уураппатаҕа.
Ити курдук, аны суруналыыстыкаҕа сыстыбытым. Үнүстүүппэр бүтэһик кууруска үөрэнэр кэммэр Анна Кириллина тэлэбиидиэнньэҕэ ыҥырбыта. Маҥнайгы биэриибитин билигин курдук өйдүүбүн. Олунньу 14 күнүгэр «Новый день» биэриини Лариса Сукуеваны кытары ыыппыппыт. Манна 10-ча сыл үлэлээбитим, сүрүн эрэдээктэр Татьяна Бурцева өрүү өйүүрэ. Эфиир кэнниттэн сарсыарда 8 чааска «дьиҥнээх» үлэбэр барарым.
Тэлэбиидиэнньэ миэхэ төлөнөр айар дьарыгым, мэдиссиинэ тиэмэлэриттэн аралдьыйар ньымам, билиибин-көрүүбүн даҕаны кэҥэтэбин, интэриэһинэй, дойду араас муннугуттан сылдьар, ураты идэлээх дьону кытары билсэбин.
Билигин тэлэбиидиэнньэҕэ үлэм – волонтердааһын. Иккис сылын “Мин дуоктарым” биэриини ыытабын, билиҥҥитэ 40-тан тахса биэрии таҕыста. Итиннэ харах ыарыыларын эрэ буолбакка, доруобуйа харыстабылын араас тиэмэлэрин таарыйабыт.
Мэдиссиинэбит - инникэ күөҥҥэ
- Мэдиссиинэ үнүстүүтүн бүтэрэр алтыс сылбар ординатураны талыахтаах этим. Бу кэмҥэ «Доруобуйа харыстабылын тэрийии» диэн саҥа салаа арыллыбыта. Онно: «Туттарсан киир», - диэн декаана Пальмира Георгиевна Петрова сүбэлээбитин ылыммытым, ол кэмтэн мин научнай ийэбинэн Надежда Валерьевна Саввинаны билинэбин.
Дьиҥинэн, үнүстүүккэ үөрэнэр кэммэр дерматовенеролог идэтин баһылыыр баҕалааҕым. Бу эмиэ туһунан устуоруйалаах. Оскуола кэмигэр араадьыйаҕа СПИД-тэн сэрэхтээх буолуу туһунан биэрии ыытарым, чөл олох туһунан лекциялары ааҕарым, бу тиэмэни олус сэргиирим.
Билигин идэбинэн быраас буолан, бу эйгэҕэ үлэлиирим быһыытынан, Саха Сиригэр мэдиссиинэ дойду үрдүнэн биир бастыҥнар кэккэлэригэр турар диэн толору этиэхпин сөп. Биһиги иннибитигэр инники күөҥҥэ мэдиссиинэ киин федеральнай тэрилтэлэрэ эрэ сылдьаллар.
Кыһалҕалар бааллар эрээри, эрэгийиэммит лиидэрдэр ортолоругар сылдьыан сылдьар. Сорох субъектарга бырааска көрдөрүнэр даҕаны ыарахаттардаах. Стационарга киирэн, сытан эмтэнии оннооҕор күчүмэҕэй. Аны эмтэрин барытын ыарыһахтар бэйэлэрэ атыылаһаллар. Маны мин бэйэм илэ харахпынан командировкалара сылдьан көрөбүн, сөҕөбүн. Ол иһин биир дойдулаахтарбыт тоҕо атын эрэгийиэннэргэ көрдөрүнэллэрин, эмтэнэллэрин, эпэрээссийэлэнэллэрин өйдөөбөппүн.
Биһиэхэ балыыһаҕа сытар киһи эмтэрин атыыласпат. Түргэнник эпэрээссийэҕэ бэлэмниири кыайан эрэбит. Ирдэнэр анаалыстары аччаттыбыт, ыарыһах балыыһаҕа киириэҕиттэн үтүөрэн тахсыар диэри ыытыллар бары дьаһаллары түргэтэттибит. Хоту улуустартан кэлбит ыарыһахтар, этэргэ диэри, «күөх көрүдүөрүнэн» сылдьаллар, кинилэргэ уочарат суоҕун кэриэтэ.
Нэһилиэнньэ бэйэтин доруобуйатыгар сыһыана уратытын бэлиэтибин. Харахтарын көрдөрүнээччилэр тохсунньу, олунньу ыйдарга ахсааннара лаппа аҕыйыыр. Кулун тутартан элбии түһэллэр. Оҕуруот аһын олордуу, оттооһун кэмигэр – дьон эмиэ аччыыр. Онон бу чуумпуруу кэмигэр быраастарбыт нэһилиэнньэни улуустарынан сылдьан көрөллөр.
Инникитин баҕа санааларым элбэхтэр. Холобур, катаракта диагнозтаах киһи Саха Сиригэр элбэх. Ону инникитин: буллубут – эпэрээссийэлээтибит – дьиэтигэр ыыттыбыт. Хомойуох иһин, билигин маннык түргэнник табыллыбат. Төрүөтэ – былааннаммыт эпэрээссийэлэри таһынан, суһал түгэннэргэ 100 куойкаттан 25-һин уурабыт.
Дьоҥҥо сүбэм – кэмиттэн кэмигэр диспансеризацияны баран доруобуйаҕыт туругун бэрэбиэркэлэниҥ, оччотугар туруккут бөҕө-таҕа буолуо.
Социальнай ситимнэргэ сыһыаннаахпын, олору туттабын. Телеграмҥа «Луцкан отвечает» диэн рубрикалаахпын. Ол эрээри, күнү быһа төлөпүөммүн тутан баран олорбоппун. Миэхэ анаммыт ыйытык баар буоллаҕына, тутатына эппиэт биэрэ сатыыбын.
Социальнай ситимҥэ дьон санаатын суруйар. Ким эрэ туһалаах сүбэ, этии киллэрэр. Ардыгар суһал көмөҕө наадыйар дьон баар буолар. Маны таһынан куйаар ситимин нөҥүө доруобуйа харыстабылыгар араас боппуруостары үөрэтэбин.
Инникитин былаан элбэх, сүрүнэ - дьоҥҥо көмөлөөх уонна туһалаах буоларга кыһаллабын.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0