Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Саха омук II кэнгириэһэ туох түмүктээх буолла? Куорат ыһыаҕар мустубут дьон тарҕаһа илигинэ, Кэнгириэһи тэрийбиттэрэ дэлэгээт кыттыытын улаатыннарбыта саарбаҕа суох. Бэркэ дьаһаныы буолбута да, хомойуох иһин, ыҥырыылаах эрээри, кыайан баран кыттыбатаҕым.

Саха омук II кэнгириэһэ туох түмүктээх буолла? Куорат ыһыаҕар мустубут дьон тарҕаһа илигинэ, Кэнгириэһи тэрийбиттэрэ дэлэгээт кыттыытын улаатыннарбыта саарбаҕа суох. Бэркэ дьаһаныы буолбута да, хомойуох иһин, ыҥырыылаах эрээри, кыайан баран кыттыбатаҕым.

Арай Софрон Данилов 1992 сыллаахха бастакы Кэнгириэскэ саха дьонугар анаан дакылаатын дьоҥҥо санатаары, “Отут сыл устата туох уларыйда” диэн ыстатыйа суруйан, “Ил Түмэн” хаһыакка биэрбитим, "Сахапарламент" саайтыгар эмиэ таһаарбыт уонна бассаабынан, хата, тарҕаппыттар эбит.

 Биллэн турар, 30 сыл устата уустук олохпутугар үтүө да, мөкү да баар аҕай буоллаҕа да, барытын эридьиэстиир кыаллыбат, ханнык да хаһыат сирэйигэр баппат.

Софрон Данилов дакылаатыгар эппитинии, баар итэҕэстэр аччаайаллар диэн, мөкү да өрүттэри ахта сатаабытым. Үтүө да өттүн умнубатаҕым.   Буолан ааспыт Саха омук кэнгириэһигэр бу сырыыга туох кэпсэтии таҕыста? Төһө үчүгэй дакылаат ааҕылынна? Ол түмүгэр ханнык хайысханы тутуһарбыт ыйылынна? Бу  ыйытыыларга дьон чопчу хоруйдары күүтэрин билэбин. Ити барыта сахалыы бэчээккэ сырдатыллар ини диэн дьон эмиэ кэтэһэр.

Итиччэ мустан баран, репрессияттан куттанан, кирик-хорук туттунуу суох ини? Баары-баарынан эппэтэххэ, туох туһалаах уларыйыы тахсыа буоллаҕай? Уруккубутунан олоруохпут буоллаҕа, хаһан сиртэн симэлийэн бүтүөхпүтүгэр диэри. Тугу эмэ торумнаары, сүбэлэһээри муһуннахтара. “Мээнэ тылга тииһимэҥ, былааһы кыйахаамаҥ, барыта этэҥҥэ, үүнүү-сайдыы бөҕөтө” диэнинэн салайтарбыт буоллахтарына,  туох көдьүүс кэлиэй?

Кэнгириэс үлэтин түмүгүн дьон кэтэһэрин туһунан суруйдум. Оттон бу сылга сытайан туран, хас да ый устата көрү көҕүлүттэн туппуппут, онон эрэ олорбуппут, үлэ диэни умнубуппут туһунан аҕам саастаахтар мөҕүттэллэрин истэбин. Кырдьыга даҕаны, Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт оонньуулар от оттонор былдьаһыктаах кэмнэригэр буоллулар. Арыый эрдэ дьаһанар кыаллыбатах. Баччаҕа оттоон ыраатыллара, биир сыл бэс ыйын 25 күнүгэр сиилэстээһиҥҥэ киирбиппитин өйдүүбүн. Илин эҥээргэ аһыҥа, “тутуу былдьаһан”, урутаан “окко киирбитин”, алаастары кураанахтаан эрэрин кэпсииллэр. Биһиги буоллаҕына оонньуу сылдьабыт.

Уопсайынан, наһаалааһын барда, ол чуолкай. Бу кэмнэргэ 2 сөмөлүөт, 2 бөртөлүөт саахалланнылар, дьон өллө. 80-ча сиргэ ойуур умайар, ол иһигэр ытык сирбит Өлүөнэ остуолбалара. Үөһээ Дьааҥы уонна Кэбээйи нэһилиэктэрэ ууга бардылар. Атын эбиппит буоллар, өрөспүүбүлүкэҕэ траур эбэтэр ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэриэхтэрэ эбитэ буолуо.                                                                                         

Бороҕоҥҥо Оонньууларга 1800 спортсмен кыттарын хаһыат киэн тутта суруйар. Оттон төһө суруналыыс өрө мэҥийэн тиийбитин ааҕан сиппэккин. Атын ыалдьыттар спортсменнааҕар элбэхтэр быһыылаах. Аныгы хомуньуустар тойонноро кытта онно тиийэ охсубут. Урукку Обком бастакы сэкэритээрэ бырабыыталыстыбанан график бөҕөнү оҥотторон, Оонньуулары кэмигэр ыыттара охсон, көрү-нары тохтотон, окко киириини тэрийбитэ ыраатыа эбитэ буолуо. Бу, арааһа, сорох кырдьаҕастар мөҥүттэр дьүһүммүт буолбатах быһыылаах. Аһары барыы барбытын сөбүлээбэттэрин Үрдүк Айыылар эбэтэр Мүрү Эбэ иччитэ кытта биллэрдилэр курдук. Киһи билбэтэх, хаһан да буолбатах улахан холорук түспүтүн этэбин. Тутатына киин ханаалтан көдүбүт ити иэдээни. Биһиэннэрэ кистии, сымната сатаан буолуо, кэлин эрэ кэпсээбиттэрэ -- ким эрэ атаҕын, сиһин тоһуппутун .

Төрөөбүт дойдубар Уус Алдаҥҥа сиэр-туом кэһиллэр буолбута чахчы. Мүрүнү уоллардылар. Эбэни көмүскээн, кырдьаҕас хомуньуус А.Пухова сурук суруйа, мунньахтары тэрийэ сатаабыта да, кыайбакка, анараа дойдуга аттанна. Истиэх, болҕойуох бэйэлээхтэр буолуо дуо, улуус аныга салалтата. Эбэ орто дириҥэ 1,7 м буолбута ыраатта, билигин төһөтө хаалтын билбэтим. Орто уҥуохтаах киһи кэһэн туоруур уута. Мүрү Эбэ Саха Сирин 26 ураты харыстанар күөллэрин ахсааныгар киирэр эбээт. Боппуруос Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр, Ил Түмэҥҥэ кытта көрүллэ сылдьыбыта да -- туһа тахсыбатаҕа. Тоҕото биллэр: Эбэ курааҥҥа кытыла иһирдьэ киирэр, ону сотору күөл таһыма чөлүгэр түһүө диэн мэйиилэригэр оҕустарбакка, батыһан киирэн, дьиэ туттан барбыттара. Ону көҥүллээбит, онно кыттыспыт -- улуус баһылыктара. Эбэни чөлүгэр түһэрдэххэ, дьиэлэрбит ууга барыахтара диэн, кинини уунан хааччыйааччы Дьэҥкиидэни (Илин Үрэх) тимир-бетон быһытынан бохсон олороллор. Сыра, харчы бөҕөнөн тутуллубут “Лена-Мүрү” систиэмэ иһэр уу ылыллар Куоһаҕас күөлүн эрэ толорор аатырар. Систиэмэ быраҕыллара буолуо, турбаларын эрмээннэр быһан ылан, тиэйэ сылдьаллара иһиллибитэ.                                                                                  

Хос Үрэх диэҥҥэ, Бороҕонтон биэрэстэ аҥаара сиргэ, 1945 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Кыайыы ыһыаҕын ыыппыта. Тоҕо онно ыытыллыбыта өйдөнөр: чугас уонна айылҕата кэрэ. Мин сэрии огдообото ийэбиниин сылдьыбыппын өйдүүбүн. Бу үтүө, кэриэс сири Бороҕон бөҕүн тоҕор сир оҥостубуттара улуус салалтатын “үтүө” дьаһала этэ. Кэлин дьон бырачыастаан, ыраастыы сатаабыттара да, чөлүгэр түһэ илик, түһүө да биллибэт.              

Эмиэ Мүрүгэ уу киллэрэр Бурҕаанай үрэҕин силлиһэ кэриэтэ турар Бүөр күөлгэ бөҕү тоҕуу саҕаламмыта. Хас да сыл куппуттара, билигин ону тохтоппуттарын билбэтим. Уус Алдантан Госдума дьокутаата Ил Түмэн эрдэҕинэ Петр Аммосов дойдутугар тахсаары сылдьан: “Бөх боппуруоһун туох диэн туруорабын?” -- диэн ыйыппыта. “Ситэри сиэтинэр, ити күөл аны чөлүгэр түспэт, арай кир Бурҕаанайга киирбэт гына модьоҕотун үрдэтэллэрэ буоллар”, -- диэбитим. Ити муҥур уһукка тиийэммин. Тоҕо диэтэххэ, хаһыаттарга суруйа, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна Ил Түмэҥҥэ туруорса сатаабытым да, нууччалыы эттэххэ, истиэнэни гороҕунан тамнаабыт курдуга, кыһанар, өйдүү сатыыр киһи көстүбэтэҕэ. Сайынын Бүөр күөл кытылын толорон баран, кыһын бульдозерынан иһирдьэ астараллара. Биир оннук үлэҕэ Хоро чулуу тырахтарыыһа М.Тролуков көмөлөһөөччүтүн кытта ууга тимирбиттэрэ. Араас мазут, химия кытта кутуллар буолан, муус ситэ тоҥмокко былдьаммыттара. МЧС дьоно, уу анна көстүбэт буолан, үһүс күннэригэр эрэ өлүктэри хостообуттара. Ким да сэмэлэммэтэҕэ, ити итинэн хаалбыта...

“Таҥара баар”, -- дии-дии, судаарыстыба таҥара дьиэлэрин тутар, аһатар, хамнастыыр, итэҕэли тэнитэ сатыыр. Мин эмиэ итэҕэллээхпин, сиэр-туом диэни билэбин. Өймөкөөн хайаларыгар устудьуон геологтары илдьэ сылдьан, саҥа кэлбит сирбэр уоту аһатарым. Оҕолор маҥнай күлсэллэрэ, күһүҥҥэ диэри бэйэлэрэ уоту аһатар, оту-маһы мээнэ тыыппат буолаллара. Бэл, киин куораттар оҕолорун үөрэтиэххэ сөбө. Оттон Бороҕоҥҥо буолбут түгэн Мүрү Эбэ тулуйа сатаан баран, кыыһырбытын, кэлэйбитин аан маҥнай биллэрбэтэ дуо? Кыыһырбытын кэнэҕэс да биллэриэ суоҕа диэн ким мэктиэлиирий?

Иван БУРЦЕВ                  

10.07.2022 с.                                                                                                                          

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Бизнес оценит законы

Как соблюсти баланс интересов власти и малого бизнеса, как должны учитываться предложения…
05.10.24 10:23