Отоороптор ыар дьылҕалара
Бу кинигэни ааҕан бүтээппин кытта өйбөр «ыарахан» диэн тыл көтөн түспүтэ. Дьэ, кырдьык, ааҕарга, саныырга, ылынарга «ыарахан»: кинигэҕэ кэпсэнэр мөккүөрдээх кэм туоһулара буолбут Отоороптор олохторо, ыар дьылҕалара. Михаил Петрович Слепцов-Отоороп сахалартан биир бастакынан үөрэҕи ылыммыт, икки утарыта үрүҥ уонна кыһыл былаастарыгар үрдүк дуоһунаска үлэлээбит, Л.Н. Толстой «Война и мир» кинигэтин сахалыы тылбаастаабыт сүдү киһини уонна бииргэ төрөөбүт бырааттарын Василий-Кутуйаарабы, Никифоры, саха интэллигиэнсийэтин чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрин сылтах булан, сымыйанан балыйан, көҥүллэрин быһан, репрессияҕа түбэһиннэрэн «тыыннаахтыы сиэбиттэрин» ааҕан киһи хараастар, хомойор, хоргутар. Отоороптор олоҕо суох ыар балыырга түбэһэн, хорсун санаалаах буоланнар, хайдахтаах курдук киһилии быһыыларын сүтэрбэккэлэр дьонноругар-сэргэлэригэр үтүөнү-үчүгэйи эрэ кэрэһэлээн инникигэ эрэллэрэ уостубатаҕыттан киһи сөҕөр-махтайар.
Күндү ааҕааччылар, интэриэһиргээбит эрэ буолларгыт, хайаатар да «Мөккүөрдээх кэм туоһулара» кинигэни булан ааҕаргытыгар сүбэлиибин. Онтон бүгүн кинигэттэн Михаил Петрович Слепцов-Отоороп туһунан кылгастык сэгэтэн кэпсиэм, дьонугар суруйбут суруктарыгар тохтуом.
Олох чахчылара
Отоороптор киэҥ сирдэринэн тэнийбит, ыраах сирдэринэн тарҕаммыт, үгүс биллиилээх дьоннордоох Таатта улууһун Баайаҕатын Сэлэпсиэптэриттэн, түҥ былыргы Сэлэкэй аҕатын ууһуттан төрүттээхтэр. Отоороп диэн аат Михаил Петрович Слепцов төрөөн-үөскээн улааппыт Отор диэн сирин аатыттан таһаарбыт псевдонима буолар, кэлин бу ылыммыт аатынан дьон-сэргэ кини бииргэ төрөөбүттэрин барыларын Отоороптор диэн ааттаабыттар, онон Отоороптор диэн суруйуом. Онтон Михаил Петрович ини биитэ Василий Кутуйа диэн эмиэ Отоороптор олохсуйбут сирдэрин аатыттан Кутуйаарап диэн псевдонимнаах.
Михаил Петрович Слепцов-Отоороп 1897 с. сэтинньи 4 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Кини духуобунай сэминээрийэ үөрэхтээх саха интэллигиэнсийэтин биир биллэр бэрэстэбиитэлэ. Идэтинэн учуутал. 1918-1920 сс. Танда, 1920-1921 сс. Баайаҕа оскуолаларыгар учууталлаабыта. 1921-1923 сс. үрүҥ корнет Коробейников этэрээтигэр холбоһон, бастаанньаһыттар аармыйаларыгар сулууспалаабыт, «байыаннай коммунизмы» утары аҕытаассыйалаабыт. 1922 с. кулун тутар 12 күнүгэр Чурапчыга тэриллибит Саха уобалаһын быстах норуодунай управлениетын (ВЯОНУ) чилиэнэ уонна сэкирэтээрэ. 1922 с. сэтинньи 2 күнүгэр тахсыбыт ССРС БСКСК Президиумун уурааҕынан «Гражданскай сэрии саҕана өрөбөлүүссүйэни утарыыга 1923 с. тохсунньу 1 күнүгэр диэри буруйдаммыттары хаайыыттан таһаарарга, ситэриллэ илик итинник дьыалалары салгыы тэрийэри тохтоторго» диэн уурааҕынан 1923 с. амнистияламмыт.
1923-1924 сс. Баайаҕа оскуолатыгар учууталлаабыт. 1924-1925 сс. Үөрэх наркоматыгар литэрэтиирэҕэ тылбаас хамыыһыйатын чилиэнэ, СКСК иһинэн тэриллибит сурук-бичик Сэбиэтин сэкирэтээрэ. 1925-1926 сс. Саха АССР Совнаркомугар М.К. Аммосовка сэкирэтээринэн үлэлээбит. «Саха омук» уопсастыба чилиэнэ.
1927 с. балаҕан ыйын 19 күнүгэр «ксенофонтовщинаҕа» кыттыбыт диэн балыллан тутуллар уонна 1928 с. ОГПУ уурааҕынан, 1922 с. амнистияны аахсыбакка туран, урукку буруйугар сууттанан, сокуоннайа суох уон сыл хаайыыга тутуллар. 1928-1935 сс. «Соловки» лааҕырга хаайыллар уонна Беломорканал хаһыытыгар үлэлэппиттэр. Болдьоҕун боруостаан 1940 с. дойдутугар Баайаҕаҕа төннөр. Сыылкаттан кэлэн, саастыылааҕын Балааҕыйаны - Потапова-Слепцова Пелагея Макаровнаны кэргэн ылар. Балааҕыйа Настаа диэн кыыстааҕа уонна Ааныс диэн сиэннээҕэ. Баайаҕаҕа Отоороп биригэдьииринэн, бухгалтерынан, кыладыапсыгынан, оҕуруоччутунан үлэлиир. 70 сааһыгар кыранан тиийбэккэ 1967 с. бэс ыйын 15 күнүгэр күн сириттэн күрэммит. Өлбүтэ 24 сыл буолбутун кэннэ, 1991 с. ОГПУ 1928 сыллаах уурааҕа көтүрүллүбүтэ уонна буруйа суоҕа дакаастаммыта.
Чулуу дьон
«Мөккүөрдээх кэм туоһулара» кинигэҕэ суруллубут ахтыылартан көрдөххө, Михаил Петрович Слепцов-Отоороп көнө, үрдүк уҥуохтаах, ыраас туттунуулаах, киэҥ билиилээх, аҕыйах саҥалаах, интэллигиэн, култуурунай киһи. Омос көрдөххө дьону салыннарар сытыы «уоттаах» харахтардаах, тоҥуй көрүҥнээх эбит. Ол эрэн, ис-иһиттэн аһыныгас дууһалааҕын, сымнаҕас майгылааҕын кини үрүҥнэргэ силиэстийэлиир хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн олорон, 16 киһини сууттаабытыттан барыларын өлөр өлүүттэн быыһаабыта уонна оҕомсоҕо, дьахталларга эйэҕэс, харыстабыллаах сыһыаннааҕа дакаастыыр.
Михаил Петрович быраатын Василий кыыһыгар Любовь Васильевнаҕа суруйбут суруктарыгар тохтоон ааһыахпын баҕарабын. Арай, миэхэ, бу ким суруйбутун эппэккэ эрэ суруктары аахтаран, ааптара кимий диэн ыйыппыттара буоллар, ханнык эрэ нуучча үөрэхтээҕэ, суруйааччыта эбэтэр уйулҕаһыт суруйбут диэн хоруйдуом этэ. Кыратык эмит, «бу Баайаҕа түгэҕэр олорон, этэргэ дылы «күннэтэ ойбоҥҥо ынах уулатар» саха барахсан суруйбут» диэн санаа долоҕойбор охсуллан ааһыа суоҕа эбитэ буолуо. Көр, ол курдук ыраастык нууччалыы суруллубуттар. Биһиги, аныгы дьон, оччо-бачча үөрэхтээхпит дэһэбит даҕаны, үйэ аннаараа өттүгэр олорбут үөрэхтээх дьонтон санаабыт далааһынынан, олоҕу көрүүбүтүнэн, анаарыыбытынан олох хаалан иһэбит дуу диэн санаа киирэр. Улуу, чулуу даҕаны дьон олорон ааспыттар! Бу 60 сыл аннараа өттүгэр суруллубут суруктар ис хоһоонноро уратытын, дириҥин, үөрэтэр, такайар аналлаахтарын аахпыт эрэ киһи бары сөҕөрө буолуо диэн саарбахтаабаппын.
Хомуллубут суруктар, умнуллубат ахтыылар
1959 с. ыам ыйын 7 күнүгэр суруйбут суругуттан: «Только человек здоровый, нравственный и психически нормальный может прожить долго, плодотворно для общества и без лишних, ненужных страданий для себя. Многое из страданий нравственных и физических мы переживаем в жизни только отступая от норм, необходимых для отправления естественной потребности жить и работать, свойственной человеку, разумному существу. А эти нормы легко знать образованному человеку... Образованный человек, вооруженный знаниями должен иметь положительный характер, силу воли и умение наблюдать за собой, умея преодолевать слабость, часто проявляющуюся в каждом человеке. Характер, воля и умение сдерживать себя вырабатывается у человека, имеющего (помимо специальных знаний) общий широкий кругозор. Это достигается общим развитием, начитанностью...
...Теперь, о самообразовании для выработки характера, воли, для достижения душевного равновесия. Это достигается не заучиванием правил, не простым решением быть таким-то и таким-то, а путем общего развития, путем достижения высокой культуры. Слабовольность есть результат малой разумности, плохой характер есть своего рода болезнь, а психическая неуравновешенность проявляется у людей темных, мало добрых и не имеющих всеобъемлющей любви ко всему прекрасному, т.е. не светлых, не культурных, не любящих жизнь, не любящих людей, не любящих природу, не любящих музыку, живопись, не любящих правду, добро. Просвещенный человек должен быть прост, нормален, добр до конца. Старайся быть такой. Не делай никогда того, что осудит окружающее тебя общество. Трудись для блага людей и тогда не будет сомнений, страданий».
1960 с. муус устар 8 күнүнээҕи суруга: «Не бойся показаться людям несколько ограниченным. Ходячая энциклопедичность не дает человеку счастья в жизни. Пусть специальность, будет узкая, зато хорошая работа по ней должна дать счастье и удовлетворение. Я много читал, много видел и знал всего, что дает человеку название искушенного. Это было мне не полезно в моей жизни и этот опыт твоего дяди, прожившего целую жизнь, возьми на веру и научись жить спокойно, просто и деловито.»
Суруктары түмэн этэр эбит буоллахха, балтыгар Любаҕа классик суруйааччылар кинигэлэрин ааҕарыгар, беллетристическэй литэрэтиирэнэн үлүһүйбэтигэр, бэйэтин ыраастык туттан-хаптан гигиенаны тутуһарыгар, уопсайынан, олоххо туохха барытыгар орто сүнньүнү тутуһан олорорго, талан ылбыт идэтинэн билиитин-көрүүтүн хаҥатарыгар, бэйэни үөрэтиигэ болҕомто уурарыгар, майгытыгар баар итэҕэстэри туората сатыырыгар уонна дьон туһугар үлэлииригэр-хамсыырыгар сүбэлиир. Оҕону олоххо бэлэмнээх, олоҕуттан дуоһуйуу ылар гына иитэн-үөрэтэн таһаарарга, киһи бэйэтин бэйэтэ үөрэтэн сайдарыгар Михаил Петрович сүбэлэрэ олус туһалаахтар диэн сыаналыыбын. Балтыгар сүбэ-ама буолан туһалаабытын Любовь Васильевна сурук кэннигэр: «...Советы эти имели большое влияние и сыграли заметную роль в изменении некоторых моих взглядов на жизнь», - диэн бэлиэтээбитэ туоһулуур.
Хаарыан киһи... Хаарыан ыра санаалар...
«Мөккүөрдээх кэм туоһулара» кинигэҕэ киирбит ахтыылары көрдөххө, Отоороптор ааҕалларын олус сөбүлүүллэр эбит. Михаил Петрович Баайаҕа бибилэтиэкэтиттэн кинигэлэри салаасканан соһон дьиэтигэр аҕалара, мэлдьи кинигэ тутуурдаах буолара үһү. Бэйэтэ билиммитинэн, бибилэтиэкэ кинигэлэрин барытын, сорохторун иккилиитэ-үстүүтэ ааҕан бүтэрбит. Аахпытыттан санааларын бэлиэтээбитин көрдөххө маннык диир: «Я люблю читать русские книги и по-русски. Даже по-якутски читаю не так охотно». Ордук сөбүлээн Толстой, Гоголь, Пушкин, Лермонтов, Тургенев, Гончаров, Аксаков курдук классик суруйааччылары ааҕар эбит. Саамай кутун-сүрүн туттарбыта, өйүн-санаатын уурбута, ис сүрэҕинэн ылыммыта Л.Н. Толстой «Война и мир» романа буолар. ««Войну и мир» за всю свою жизнь полностью раза четыре, а отдельные места бесконечное число раз. Это – единственная книга, которой я зачитываюсь», - диэн суруйбут. Михаил Петрович бу кинигэни тылбаастаабыта биллэр. Доҕотторо хайҕааннар, тылбааһын бэчээккэ биэрээри сырыттаҕына, 1927 с. НКВД-лар Отооробу хаайа илдьэллэригэр мэлиппиттэр, онон тылбаас сураҕа суох сүппүт. Отоороп бэйэтэ этэринэн «умаппыттара буолуо» диирэ үһү, онтон дьон-сэргэ, маннык сүдү үлэ көстүбэттии сүппүтүгэр итэҕэйбэккэлэр «ханна эмит архыыпка хараллан сытара буолуо» диэн сабаҕалыыллар. Сүдү үлэ хаһан эмит, хантан эмит көстөн кэлиэ диэн эрэнэ саныахха.
Михаил Петрович художественнай литэрэтиирэни таһынан устуоруйа чахчылары интэриэһиргиирин балтыгар Любаҕа суругуттан көрүөххэ сөп: «Ты когда-нибудь достань для меня популярный стратегический обзор второй мировой войны. Если не удастся найти общий обзор, то можно приобрести отдельное описание битвы за Атлантику, о переходе через Ламанш большой армады и т.д. Я ведь, почти ничего не читал об этом из-за отсутствия здесь соответствующей литературы». Бу көрдөһүүтүттэн, Михаил Петрович билиигэ тардыһыыта күүстээҕин, билиэн-көрүөн баҕата улаханын, онуоха оччотооҕу олоҕо толору кыах биэрбэтин, «маннык өйдөөх киһи төһө эрэ тууйуллан эрдэҕэ» диэн сонньуйа ааҕаҕын.
Аны бэлиэтээһиннэригэр Михаил Петрович ыра санааларын суруйар, маны ааҕан бараммын, харахпар бу курдук хартыына көстөн кэллэ: «Тохсунньу ый томороон тымныытын туманын быыһынан бэргэһэтин быатын эрийэ бааммыт, сонун таһынан уп-уһун саал былааты хос-хос эриммит, бэрт көнө, үрдүк уҥуохтаах оҕонньор сис туттан, хачыгырас хаары «куучур-хаачыр» тыаһатан, ханна да ыксаабаттыы холкутук дьоролдьуйан хааман, ынахтарын ойбоҥҥо уулата баран иһэр. Аам-даам тымныыга кыһаммакка, маннааҕар буолуоҕу көрбүтүм диэбиттии аа-дьуо дуоспуруннаахтык туттарынан көрдөххө боростуой киһи буолбатах, кэтит сарыныгар туох эрэ көстүбэт ыарахан сүгэһэри илдьэ сылдьар бадахтаах. Ыарыытыттан кубарбыт чулбугур сирэйигэр, хара харахтара уоттааҕынан чоҕулуччу тыганнар, тугу эрэ ыралана саныырын быктарарга дылылар. Тугу саныыр бу киһи? Ааспыт олоҕун ыар кэмнэрин дуо? Биитэр күннээҕи түбүктэрин? Суох, кини санаалара олох атын сирдэринэн, сылдьыбатах сырыыларынан субурҕа тиһиктэр буоланнар кый ыраахха көтөллөр. Кини улуу Москуба куорат Кириэмилин уһаты-туора хаамар, Ленин мавзолейыгар киирэн тахсар. Лениградка сарсыардатын Невскэй устун дуоһуйа дьаарбайар уонна Балтика биэрэгэр туран күн киириитин сонурҕуу көрөр. Айылҕа барахсан кыһыҥҥы утуйууттан уһуктан саҥа олоҕу үөрэ көрсөр кэмигэр, саас, Курскай куоракка тиийэн, ырыаһыт чыычаах кэрэ куолаһын кэрэхсии истэр. Дрездеҥҥэ, хартыына быыстапкатыгар сылдьан, Сикстинскэй Мадонна кэрэ сэбэрэтин сэҥээрэ одуулуур. Ол санааларыгар оҕонньор олох эдэр-сэнэх, көҥүл кынаттаах, толору дьоллоох... Эмискэ ынаҕа, уулаан бүттүм диэбиттии маҕыраан, оҕонньору ыра санаа дойдутуттан күннээҕи олоҕор төнүннэрэр. Кырыа буолбут бэргэһэтин кытыыта иэдэһин тымныынан ыарыылаахтык хаарыйан ылар. Оо, арай! Арай кыах баар буоллар...»
Бу ыра санаалара хантан үөскээбиттэрэ диир эбит буоллахха, биллэн турар, кинигэттэн аахпытын ойуулан көрөрүттэн. Михаил Петрович бэйэтэ бэлиэтээбитинэн: «Если бы была возможность...». Кини ыра санаалара туолбатах оҥоһууламмыттарын санаатахпына куолайбар туох эрэ бүөлүү турарга дылы гынар. Хайдахтаах курдук сүдү киһини көҥүлүн күөмчүлээн, көтөр кынатын сарбыйан, сиргэ-буорга тэпсэн самнарбыттарый, симилиппиттэрий?! Киһи эрэ кыйыханыах курдук. Хаарыан киһи... Хаарыан ыра санаалар...
Дьон хараҕын аһар
Отоороптор балыырга түбэһэн хаайыллан сыппыттарын туһунан бэйэлэрэ кэпсээбэттэрэ үһү. Оччотооҕу мөккүөрдээх, күчүмэҕэй кэмҥэ репрессия курдук аана суох алдьархай амырыын бодото үгүс дьону «тыыннаахтыы сиэтэҕэ». Чычаас толкуйдаах, мөкү майгылаах дьон хос саҥалара, кырыы харахтарынан көрүүлэрэ төһөлөөх ыар, хом санаа буолан олохторун тухары дууһаларын хам баттыы сылдьыбытын бэйэлэрэ эрэ билэ сырыттахтара.
Михаил Петрович курдук үөрэхтээх, киэҥ билиилээх киһи, хаайыыттан босхолонон баран, оҕуруоччутунан үлэлээбитин киһи хомойо эрэ саныыр. «Мин 1947 сыллаахха куоракка киирэн, үлэ көрдөһө сылдьыбытым. Мэлийбитим. Ким миэхэ үлэ булан биэриэй, Отоороп бандьыыкка, норуот өстөөҕөр Омуоһап, Ойуунускай сэкирэтээрдэригэр?!», – диэн кэпсээбитин Баайаҕа олохтооҕо Семен Прокопьевич Винокуров ахтыытыгар суруйар. «Отоороп, билигин санаатахха кыһыытыттан, «Бывший ярый противник Советской власти, ныне возрожденный колхозник Михаил Петрович Слепцов» диэн бэйэтин билиһиннэрэн райком үлэһитин Е.В. Федуловы соһуппут, чаҕыппыт буолуон сөп», – диэн ахтар Поликарп Александрович Андросов.
Саха чулуу дьоно, өркөн өйдөөхтөрө, сайдам санаалаахтара репрессия ыар тыынын эттэринэн-хааннарынан билэннэр, оччотооҕу былааһынан самнары баттананнар, доруобуйаларын сүтэрэн, үйэлэрэ кылгаан, олохторун тухары «бандьыыт», «норуот өстөөҕө» аатыран туоратыллан, ис кыахтарын толору туһаммакка, билиилэрин-көрүүлэрин тарҕаппакка, тууйуллан, ситэ сайдыбакка, эрэйи-муҥу көрөн ыар дьылҕаланнахтара.
«Буруйдаах буруйдааҕар, буруйа суох түбэспитигэр, өлөөччү өлөн, тыыннаах хаалбыт хаалан иһиэхпит буоллаҕа дии», - диэн Отоороп быраатыгар Василийга суруйар. Салгыы: «Туох иннигэр тугу иҥнэрэн көҥүлбүн быстардамый, олохтон тэйдэхпин диэтэхпинэ, тугу да диирбин булбаппын... Түүл дуу, илэ дуу... Хайтах хайтаҕый? Кырдьык ханнаный?.. Кырдьыгы көрбөтүбүт, кырдьыгы сүтэрдибит. Таас истиэнэ, тимир эрисиэҥкэ, түөрэ-таары олох, кус-хаас лахсыыра...».
Үгүс үчүгэйи, кэрэ кэскиллээҕи айыахтара-тутуохтара хааллаҕа эрэ диирбитигэр тиийэбит. Саныырга, өйдүүргэ, ылынарга ыарахан. Суругун бүтүүтүгэр: «Үтүө - үтүөнэн, куһаҕан - куһаҕынынан хайа да күн сүтүө дии санаабаппын. Хойут да буолтун иһин, үтүөнү үтүөнэн өйдүөхтэрэ, хараны харанан сыаналыахтара», - диэн этэр.
Оннук эрэ буоллун, ытыктабыллаах Михаил Петрович, Василий Петрович, Никифор Петрович Отоороптор, оннук эрэ буоллун. Маныаха «Мөккүөрдээх кэм туоһулара» кинигэ кырдьыгы кэпсиир, дьон хараҕын аһар сирдьит буолуохтун.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0