Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Чурапчы улууһун «Саҥа олох» хаһыатыгар соторутааҕыта, ыам ыйын 5 күнүгэр, «Чурапчы» ТХПК саҥа салайааччыта бэйэтин кэккэ көрүүлэрин кэпсээтэ» диэн Елена Макаринская ыстатыйата тахсыбыта. Онуоха дьон санаатын үллэстэрин  кэтэһэн көрдүм. Мэлигир.

Чурапчы улууһун «Саҥа олох» хаһыатыгар соторутааҕыта, ыам ыйын 5 күнүгэр, «Чурапчы» ТХПК саҥа салайааччыта бэйэтин кэккэ көрүүлэрин кэпсээтэ» диэн Елена Макаринская ыстатыйата тахсыбыта. Онуоха дьон санаатын үллэстэрин  кэтэһэн көрдүм. Мэлигир.

Алексей Егоров бу иннинэ улуус баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбит, дьон кэскиллээх салайааччы быһыытынан сыаналыыр киһилэрэ. Ол эрээри, мин кини көрүүлэриттэн дьиксинэ санаатым.  Ол тоҕотун кылгастык быһааран көрүүм.                       

Бастатан туран, олохтоох хаһаайыстыбалартан үүтү тутан, астыыр-үөллүүр аналлаах кэпэрэтиип саҥа салайааччыта Алексей Егоров миэстэҕэ оҥоһуллар үүттэн, эттэн бородууксуйаны оҥорор барыһа суох, онон кэлии эттэн, бороһуок үүттэн бородууксуйаны астаан эрэ тэрилтэ үп-харчы өттүнэн балаһыанньатын тупсарар кыахтар бааллар диэбит. Бу хардыы онто да суох сүөһү иитэр дьонтон тэйбит соҕотуопкалыыр тэрилтэни өссө тэйитэр буолбут. Дьон тэрийбит потребительскэй кэпэрэтиибэ да дииргэ табыллыбат буолбут.   
Иккиһинэн, кэтэх ыаллар ыанар ынахтарыгар (судургутук эттэххэ, «төбөҕө»)  субсидия бэриллибитэ үүт туттарыытын көрдөрүүтүн икки төгүл аччаппыт. Чааһынай ыалларга да, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга да ынах сүөһү ахсаана аҕыйыы турара тохтообот диэбит эрээри, ол тоҕотун ырыта сорумматах. Тоҕо дьон үүтү туттарбатый, сүөһүтүн аҕыйатарый? Кэлтэй үбүлэнэ сатыыр тэрээһиннээхтэр тоҕо тэнийэн, сайдан барбаттарый? Олус бүрүкүрээтийэнэн үлүһүйүү туһалыырынааҕар, буортулуура дьону төттөрү анньара элбэх буолбатах дуо? Сүөһү көрөр дьоҥҥо судаарыстыба көмөтүн «субсидия» диэн буолбакка Арассыыйа Федерацятын 264 №-дээх федеральнай сокуонун 7-с ыстатыйатыгар олоҕуран, «датаассыйа» диэн биэрдэххэ, бу проблемалар  суох буола түһүөхтэрэ. Дьон ырыынак уонна кэпэрээссийэ сокуоннарыгар олоҕуран, дьиҥнээх потребительскэй түмсүүлэри бэйэлэрэ тэринэр усулуобуйаларын тоҕо олохтуу сатаабаттарый?                      
Үсүһүнэн, ночооттоохтук үлэлиир дьоҕус арыы сыахтарын сабыталыахпыт, ол оннугар үүтү таһыыны толкуйдуохпут диэбит. Суол-иис куһаҕан, онон ыаммыт үүтү кытыы нэһилиэктэртэн таһан астааһын миэстэҕэ баар дьоҕус арыы сыахтарын курдук туруктаах үлэни хааччыйбата чахчы. Ыраах сытар кыра арыы сыахтара баар сирдэригэр, үөһэ этиллибит курдук, усулуобуйа олохтонноҕуна дьон бэйэлэрэ суолу-ииһи тобулуо этилэр дии саныыбын.
Төрдүһүнэн, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт оҕуруот аһын харайар ыскылааты (овощехранилищены) барыһа суоҕунан сабабыт диэбит. Бырабыыталыстыба бороһуок үүккэ 50 % субсидияны көрөр эбит. Оттон ити овощехранилище курдук олус туһалаах салааҕа тоҕо көрүллүбэтий? Бороһуок үүт онто суох атыыга дэлэй.                
Сүнньүнэн, ити курдук көрүүлэрдээх эбит. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах өттүн сарбыйан, тэрилтэ тыыннаах эрэ хаалыытын туһугар болҕомтотун уурбут. Биир өттүттэн сөп курдук. Иккис өттүнэн үрдүкү салалтабыт «тыа хаһаайыстыбата баһархайдык үбүлэннэ» дии олордоҕуна, сүөһү ииттэн дохуоттанан олорор дьон көйгөтүллэр дьаһаллара ылыллар буоллаҕына, хантан сүөһү ахсаана эбиллэн, тыа сирин дьоно үлэлээх, дохуоттаах буолуута хааччыллыай?!  264 №-дээх федеральнай сокуон 7-с ыстатыйатыгар: «Судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын бэлиитикэтин сүрүн хайысхата, тыа сиригэр олорор дьон үлэлээх, дохуоттаах, олохторун оҥкула чөл буолуутун хааччыйыы» диэн этиллэр ирдэбил бастатан туран сүөһү ииттэн айахтарын хааччына сатыыр Маайаҕа, Бүөтүргэ ананарын болҕомто киинигэр ылбаттарыттан кыһыйабын. Атын суол суох үһү дуо? Улуустар тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр «баһархай үбүлээһин» 50 %-ын бэйэлэрэ көрүүлэринэн уларыталларыгар боломуочуйа ылбыт ааттаахтар дии? Дьону кытары тоҕо сүбэлэспэттэрин дьиктиргиибин.

              
Роман БАРАШКОВ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,

«Сомоҕо күүс» уопсастыбаннай тэрилтэ бырабылыанньатын

чилиэнэ. Чурапчы

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением