Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Быйыл күһүн Бүтүн Арассыыйатааҕы быыбар биир кэлим күнүгэр, ол эбэтэр балаҕан ыйын 11 күнүгэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр муниципальнай таһымнаах быыбар буолбута. 

Быйыл күһүн Бүтүн Арассыыйатааҕы быыбар биир кэлим күнүгэр, ол эбэтэр балаҕан ыйын 11 күнүгэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр муниципальнай таһымнаах быыбар буолбута. 

Күргүөмүнэн кэлэн үлэлиир көдьүүстээх

Үөһээ Бүлүү олохтоохторо улуус баһылыгын таһынан 15 нэһилиэк, ол иһигэр улуус киинин, дьаһалтатын баһылыктарын талбыттара. Быыбардааччыларын 93,8 % куолаһын ылан, Владимир Поскачин төрдүс болдьоҕор баһылыгынан талыллыбыта. Нэһилиэктэр баһылыктарынан эрдэ үлэлээбит уопуттаах, иккис-үһүс болдьохторун үлэлиир дьону сэргэ эдэр дьон талылыннылар. Дьэ, кинилэр иннилэригэр улахан сорук турар – кэлэр сылтан олоххо киллэриллэр «Аһаҕас былаас кэлим тиһигэр олохтоох салайыныыны тэрийии сүрүн бириинсиптэрин туһунан» саҥа федеральнай сокуон чэрчитинэн, былаас хас да түһүмэҕэ биир кэлим тиһиккэ киллэриллэрин сүрүннээһин.

Саҥа баһылыктар от, хомуур уонна кыстыкка киирии үлэлэрин  үмүрүтэн баран, бу нэдиэлэҕэ улуустарын баһылыга Владимир Поскачин салалтатынан, бүтүн дэлэгээссийэн кэлэн, киин куоракка үлэлээтилэр. Кэккэ  министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ сылдьан, тустаах боппуруостары быһаарыстылар, агротехнологическай университекка (АГАТУ) устудьуоннар быраактыкаларын ыытар туһунан сүбэлэстилэр.

Туруорсубуттара үксэ олоххо киирбит

Биир кэрэхсэбиллээх көрсүһүү Ил Түмэҥҥэ ыытылынна. Манна баһылыктар үгүс мунаахсыйар ыйытыыларыгар сөптөөх харданы ыллылар. Наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, иһитиннэрэр-биллэрэр ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева көрсүһүүнү саҕалыырыгар быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын үрдүк таһымнаахтык, тэрээһиннээхтик ыыппыттарын иһин махтанарын биллэрдэ. Олоҥхо ассоциациятын аҕыс сыл салайбытын санатан туран, Олоҥхо ыһыаҕа билигин Арассыыйа үрдүнэн киэҥ билиниини ылбытын, элбэх омук биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик-эйэлээхтик олорор хотугу өрөспүүбүлүкэ духуобунай-култуурунай сомоҕолоһуутун кэрэһитэ буолбутун бэлиэтээтэ.

IMG 6125

Олохтоох салайыныы уорганнарын үлэлэрин-хамнастарын иннилэригэр турар  үлэ сүрүн хайысхаларын быһаарда, парламент баһылыктары кытары үлэни хайдах тэрийэрин билиһиннэрдэ.    

– Эһиги улуускут туруорсубут боппуруостарын үксэ олоххо киллэрилиннэ, сороҕо  үөрэтиигэ сылдьар. Ол курдук, Тамалакааҥҥа оскуола-саад тутуллар, кэккэ нэһилиэктэргэ суол оҥоһулунна, баһаарынай деполар аһылыннылар, ыраас иһэр уунан хааччыйыыга хамсааһын таҕыста. Олорор дьиэни-уоту уонна социальнай эбийиэктэри гаас ситимигэр холбуурга чинчийэр үлэ ыытыллар. Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн, Бүлүү өрүс кытылын бөҕөргөтүү үлэтэ саҕаланна. Бу соторутааҕыта Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназия интэринээтин  тутуу боппуруоһа быһаарылынна, – диэтэ норуот дьокутаата.

Саҥа сокуон тосхоллоро

Судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев олохтоох салайыныы реформатын сүрүн ирдэбиллэрин,  «Аһаҕас былаас кэлим тиһигэр олохтоох салайыныыны тэрийии сүрүн бириинсиптэрин туһунан» федеральнай сокуон барылын тустарынан кэпсээтэ.

Барыл ааптардара Павел Крашенинников уонна Андрей Клишас: “Саҥа сокуон нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйыы боппуруостарын быһаарарга миэстэҕэ былаас уорганнарын саҥа, көдьүүстээх тиһигин тэрийэргэ тирэх буолуоҕа”, -- дииллэр эбит.  Ил Түмэн дьокутааттара бу сокуон барылыгар 9 көннөрүүнү киллэрбиттэрэ учуоттаммыт.  Билигин баар улуустар (оройуоннар) административнай-территориальнай единицалара «уокурук» дэниэхтээхтэр. Поселениелар таһымнарынан олохтоох салайыныы территориялардааҕы уорганнара оннунан хаалларыллыан сөп, ону быһаарыы боломуочуйата эрэгийиэннэргэ бэйэлэригэр бэриллибит.

Маны быһаарарыгар Владимир Прокопьев өрөспүүбүлүкэ киэҥ-куоҥ сирдээҕин, нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйаҕын, итиэннэ тыйыс килиимэттээҕин быһыытынан, олохтоох салайыныы территориялардааҕы уорганнара оннуларынан хаалаллара ордугун быһаарда: 

– Нэһилиэнньэ төһө ахсааннаҕыттан тутулуга суох, кини интэриэһин көмүскүүр -араҥаччылыыр уопсастыбаннай, коллегиальнай уорган хайаан да баар буолуохтаах. Муниципальнай тэриллии баһылыга субъект сокуонугар, муниципальнай тэриллии устаабыгар олоҕуран,  муниципальнай быыбарынан талыллар эбэтэр муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэллээх уоргана бэйэтин састаабыттан биитэр субъект үрдүкү салалтата мэктиэлээбит хандьыдааттарыттан талыллар.  

Вервил 1

Алҕаһы төрүт таһаарымаҥ

– Бу көрсүһүү дойду историятыгар дьоһун сабыытыйа буолар кэмигэр ыытыллар, ол курдук, Донецкай, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Херсон уонна Запорожье уобаластара Арассыыйа састаабыгар киирэллэрин туһунан дуогабарга илии баттастылар. Саха Сирин олохтоохторо анал байыаннай эпэрээссийэни саҕаланыаҕыттан өйүүллэр. Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ гуманитарнай көмөнү хомуйууга кыттыһар, – диэтэ Ил Түмэн Бэрээссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев.

Салгыы Кировскай куоракка бара сылдьыбытын, өрөспүүбүлүкэ көмөтүнэн чөлүгэр түһэриллэр үлэ хайдах ыытылларын туһунан кэпсээтэ.

Быстах хомуур туһунан боппуруос тумнуллубата. Вице-спикер быстах хомуур туохтан төрүөттэнэн, туох сыаллаах ыытылларын нэһилиэнньэ таба өйдүүрүн  бэлиэтээтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтар Хабаровскай кыраайга, Илиҥҥи байыаннай уокурук полигонугар бэлэмнэниигэ сылдьалларын эттэ. Быстах хомуурга хабыллыбыттары кытары сибээһи тутарга, үөскүүр боппуруостары быһаарарга Ил Түмэн иһинэн  мобилизационнай бөлөх тэриллэрин туһунан иһитиннэрдэ. 

Норуот дьокутааттара, сис кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ Феодосия Габышева уонна Алена Атласова быстах хомуур хайдах ыытыллара баһылыктартан эмиэ улахан тутулуктааҕын санаттылар.

– Эһиги бэйэҕит нэһилиэккитигэр хас биирдии киһини, кини дьиэтээҕи балаһыанньатын, туох кыһалҕалааҕын барытын үчүгэйдик билэҕит. Онон, быстах хомуурга алҕас тахсыытын төрүт таһаарымаҥ. Туох эмит этии, үҥсүү  киирдэ да, тута болҕомтоҕо ылаҥҥыт, сиэрдээх быһаарыы уталыппакка ылылларын ситиһиҥ, – диэн сүбэлээтилэр.

Сир боппуруоһа

Санаа атастаһыытыгар баһылыктар балачча элбэҕи эттилэр. Ол иһигэр, сааҥсыйанан сибээстээн, тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомтону күүһүрдэргэ, ас-үөл бырагырааматын оҥорорго, кэнчээри ыччаты төрүт дьарыкка сыһыарар инниттэн оскуола ахсын аграрнай хайысхалаах үөрэҕи киллэрэргэ, тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сири-уоту саҥаттан үллэрэргэ.

Тустаах бырагыраама чэрчитинэн аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир дьоҕус кыстык хотоннору тутуу нэһилиэктэргэ сүөһү ахсаанын элбэтэргэ, илии хара үлэтин чэпчэтэргэ төһүү буолбутун бэлиэтээтилэр уонна маннык эбийиэктэри (кыстык хотоннору,  сайыҥҥы титииктэри, сылгы баазаларын уо.д.а.) тутууга көрүллэр үбүлээһин кээмэйин улаатыннарары наадалааҕынан аахтылар.

Бу боппуруостарга тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис  кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, сиргэ сыһыаннаһыыга, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев санааларын атастастылар. 

Вервил 2

– «Тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сир эргиирин туһунан» федеральнай сокуон 10-с ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» федеральнай сокуон барылыгар, итиэннэ Сир федеральнай кодексатын 39.10-с ыстатыйатыгар этиилэри киллэрэр туһунан Ил Түмэн уурааҕа тахсан турар. Ол быһыытынан, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэргэ анал пуонда тэриллиэхтээх, итиэннэ үлэни-хамнаһы тэрийэр бааһынай хаһаайыстыбаларга, саад-оҕуруот олордорго, сүөһү иитэргэ, оттуурга, сүөһүнү мэччитэргэ анаан хаһаайыстыбаларын кэҥэтэр кэтэх ыалларга сир онтон тыырыллыахтаах.

 Ил Түмэн бу этиилэрин Судаарыстыбаннай Дуума ылыннаҕына, үллэһиллэр сир пуондатыгар баар сир учаастактара биирдиилээн дьоҥҥо да, хаһаайыстыбаларга да түүлэһиигэ сыһыарыллыахтара, ону таһынан федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи сокуоннарга олоҕуран, бас билиигэ бэриллэр кыахтаныахтара, – диэн быһаарда сиргэ сыһыаннаһыыга, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.

***

Бу көрсүһүүгэ ырытыллыбыт боппуруостар биир Үөһээ Бүлүү эрэ улууһугар сыһыаннаах буолбатахтар, Саха Сирин бары оройуоннарыгар турар ыйытыыларга хоруй буолар.

 

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38