Бырайыагы дьокутааттар бүддьүөт, нолуок уонна социальнай бэлиитикэ боппуруостарыгар сис кэмитиэт мунньаҕар дьүүллэстилэр. Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ сыл ахсын от ыйын 1 күнүгэр бэлиэ күнү көрсөллөр. Бу күн, 2009 сылтан саҕалаан, Москва Поклоннай хайатыгар бойобуой кыргыһыы бэтэрээннэрин дойду бары муннугуттан көрсүһүүлэрэ ыытыллар.
Сокуон бырайыага эрэгийиэннээҕи бэтэрээннэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин этиилэринэн, ону тэҥэ атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыытыллыбыт «Амур уобалаһыгар патриоттуу иитии эйгэтигэр көҕүлээһиннэри көрүү» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол түмүк уурааҕынан оҥоһулунна.
«Көрүллэр сокуон барылынан, от ыйын 1 күнүн бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин күнүнэн бигэргэтиитэ Амур дьонун-сэргэтин хорсун быһыыларын үйэтитиигэ, бэтэрээннэр хамсааһыннарыгар ытыктабыллаах сыһыаны үөскэтиигэ уонна нэһилиэнньэни патриоттуу иитиигэ туһуланар», - диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир бүддьүөт, нолуок уонна социальнай бэлиитикэ боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Валентина Калита.
Санаттахха, алтынньы 23 күнүгэр Амур уобалаһын парламена тэриллибитэ 28 сылын бэлиэтээбитэ. Билигин Амур парламеныгар 27 дьокутаат үлэлиир. Быйыл историяҕа аан бастакытын 7 баартыйа фракцията тэриллибитэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0